Ростуризм дойду иһигэр сынньанарга 20 табыгастаах хайысханы талла

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

«Туризм» национальнай бырайыак уонна Ростуризм дойду иһигэр сынньанарга табыгастаах, интэриэһинэй хайысхалары былааннаатылар. Маныаха Арассыыйа үгүс олохтооҕо өрөбүл күннэргэ сынньанар кылгас сырыылары биһириир эбит. Кинилэргэ анаан Ростуризм 20 хайысханы талла.

«Быйыл, былырыыҥҥы курдук, туристарбытыгар анаан өрөбүл күннэргэ сынньаналларыгар табыгастаах хайысхалары таллыбыт. Барыта 20 хайысха баар: Улан-Удэ, Самара, Казань, Мурманск, Екатеринбург, Челябинск, Владивосток, Хабаровск, Пермь уо.д.а. куораттар. Хайдах тиийэртэн саҕалаан тугу көрүөххэ, кэһиигэ тугу атыылаһыахха сөбүгэр тиийэ толкуйдаатабыт. Биллэн турар, 2-3 күн диэн олус кылгас, ол эрээри бу күннэри умнуллубаттык атаарыахха сөп. Аҕыйах мүнүүтэ иһигэр айаны дьиэттэн тахсыбакка эрэ былааннааҥ, Russia.Travel саайтка киириҥ», — диэн Ростуризм салайааччыта Зарина Догузова этэр.

Кырдьык даҕаны, хас биирдии хайысха бырагыраамата ымпыгар-чымпыгар тиийэ толкуйдаммыт эбит. Икки-үс күн иһигэр талбыт куораппыт, эрэгийиэммит биллэр-көстөр сирдэрин, куукунатын билсиэхпитин сөп.

Объясняем.рф

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0