«Россельхозбаан» ипотека бырыһыанын түһэрдэ

Бөлөххө киир:

Дьиэтэ суох дьоҥҥо үөрүүлээх сонуннаахпыт. «Россельхозбаан» ипотека кирэдьиитин сорох бырагыраамаларыгар бырыһыанын түһэрдэ.

Анивера Акимова, «Саха сирэ» хаһыат, https://edersaas.ru/

Бас билэр дьиэтэ суох дьон ахсаана сыллата элбии турар. Аны бааннарга кирэдьиит бырыһыана сиэри таһынан үрдүк буолан, дьон баан хабалатыгар киириэн баҕарбат. Бу күннэргэ «Россельхозбаан» ипотеканан туһанааччыларга уларытыылары киллэрдэ. Онон саҥа дьиэттэн, иккис ырыынактан уонна учаастактаах таунхаустан кыбартыыраны атыылаһыыга бырыһыан муҥутуур кыра ставката 11,5% быһылынна.

Анивера Акимова, «Саха сирэ» хаһыат, https://edersaas.ru/

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0