Россельхозбаан оҕолоох ыалларга чэпчэтиилээх ипотеканы биэрэр

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

Саха сирин оҕолоох ыаллара  Россельхозбаантан  чэпчэтиилээх ипотекатын кирэдьиитин ылар буолуохтара.

«Дьиэ кэргэн ипотеката» бырагыраама 2018 с. оҕолоох ыаллар олорор усулуобуйаларын тупсарыналларыгар анаан үлэҕэ киллэриллибитэ. Бу бырагырааманан 4,95 %-наах кирэдьиити ылан, саҥа тутуллар дьиэҕэ кыбартыыра атыылаһыахха итиэннэ эрдэтээҥи кирэдьиити рефинансируйдуохха сөп. Бырагыраамаҕа 2018 с. тохсунньу 1 күнүттэн 2022 с. ахсынньы 31 күнүгэр диэри төрөөбүт биир оҕолоох ыаллар итиэннэ инбэлиит оҕолоох дьиэ кэргэттэр  киирсэр кыахтаахтар. Чэпчэтиилээх кирэдьиит ырыынак ыстаапкатыттан араастаһыытын бааннарга судаарыстыба толуйар.

– Чэпчэтиилээх бырыһыанынан 6 мөл. солк. тиийэ харчыны ылыахха сөп, – диир баан Саха сиринээҕи салаатын отделын начальнига Герасим Васильев.

Чэпчэтиилээх кирэдьиит усулуобуйатын баан саайтытан www.rshb.ru сиһилии билсэргэ Россельхозбаан пресс-сулуспата ыҥырар.

Раиса Сибирякова, «Саха сирэ», edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0