Россельхозбаан оҕолоох ыалларга чэпчэтиилээх ипотеканы биэрэр
Саха сирин оҕолоох ыаллара Россельхозбаантан чэпчэтиилээх ипотекатын кирэдьиитин ылар буолуохтара.
«Дьиэ кэргэн ипотеката» бырагыраама 2018 с. оҕолоох ыаллар олорор усулуобуйаларын тупсарыналларыгар анаан үлэҕэ киллэриллибитэ. Бу бырагырааманан 4,95 %-наах кирэдьиити ылан, саҥа тутуллар дьиэҕэ кыбартыыра атыылаһыахха итиэннэ эрдэтээҥи кирэдьиити рефинансируйдуохха сөп. Бырагыраамаҕа 2018 с. тохсунньу 1 күнүттэн 2022 с. ахсынньы 31 күнүгэр диэри төрөөбүт биир оҕолоох ыаллар итиэннэ инбэлиит оҕолоох дьиэ кэргэттэр киирсэр кыахтаахтар. Чэпчэтиилээх кирэдьиит ырыынак ыстаапкатыттан араастаһыытын бааннарга судаарыстыба толуйар.
– Чэпчэтиилээх бырыһыанынан 6 мөл. солк. тиийэ харчыны ылыахха сөп, – диир баан Саха сиринээҕи салаатын отделын начальнига Герасим Васильев.
Чэпчэтиилээх кирэдьиит усулуобуйатын баан саайтытан www.rshb.ru сиһилии билсэргэ Россельхозбаан пресс-сулуспата ыҥырар.
Раиса Сибирякова, «Саха сирэ», edersaas.ru