Россельхозбаан истипиэндьийэ ылар устудьуон ахсаанын уонна истипиэндьийэ кээмэйин улаатыннарда

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

Үүммүт үөрэх дьылыгар Россельхозбаан АГАТУ талааннаах устудьуоннарын өйөөһүн дьаһалларын кэҥэтэргэ быһаарда.

Онон Арктикатааҕы судаарыстыбаннай агротехнологическай университекка анал истипиэндийэни ылар устудьуон ахсаанын элбэтэр, истипиэндьийэ кээмэйин  улаатыннарар буолла. Былырыын Россельхозбаан истипиэндьийэтин 5 устудьуон ылбыт буоллаҕына, быйыл 10 устудьуон ылыаҕа, ону таһынан истипиэндьийэ кээмэйэ 20 % үрдэтиллэн, ыйга 15 тыһыынча солкуобай буолуоҕа.

Раиса Сибирякова, «Саха сирэ», edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0