Россельхозбаан истипиэндьийэ ылар устудьуон ахсаанын уонна истипиэндьийэ кээмэйин улаатыннарда
04.09.2021
Үүммүт үөрэх дьылыгар Россельхозбаан АГАТУ талааннаах устудьуоннарын өйөөһүн дьаһалларын кэҥэтэргэ быһаарда.
Онон Арктикатааҕы судаарыстыбаннай агротехнологическай университекка анал истипиэндийэни ылар устудьуон ахсаанын элбэтэр, истипиэндьийэ кээмэйин улаатыннарар буолла. Былырыын Россельхозбаан истипиэндьийэтин 5 устудьуон ылбыт буоллаҕына, быйыл 10 устудьуон ылыаҕа, ону таһынан истипиэндьийэ кээмэйэ 20 % үрдэтиллэн, ыйга 15 тыһыынча солкуобай буолуоҕа.
Раиса Сибирякова, «Саха сирэ», edersaas.ru
+1
+1
+1
+1
+1
+1
+1