Баан салайааччыта Тимофеев: «Биэс бырыһыаннаах кирэдьиит биэрэбит»
«Россельхозбаан» АУо Саха сиринээҕи салаатын дириэктэрэ Василий Тимофеев «Саха сирэ» хаһыат кэрэспэдьиэнин ыйытыыларыгар хоруйдаата. Тыа сирин үлэһит дьонун күннээҕи кыһалҕатын тула кэпсэттибит. Саҥа эдэр салайааччы хоруйдарын мантан аллара ааҕыҥ.
– Дойдубут салалтата өссө ахсынньыга Бүтүн Россиятааҕы кэпэрээссийэ IV сийиэһигэр быйыл АПК тэрилтэлэригэр 5 бырыһыаннаах кирэдьиити биэрэргэ быһаарыы ылынан турар. Василий Васильевич, бу хайысхаҕа үлэ төһөлөстө, олоххо хаһан киирэр?
– Россельхозбаан – АПК тэрилтэлэрин чэпчэтиилээх кирэдьииттээһин бырагырааматын бастакы кыттыылааҕа, бу күннэргэ Россия Тыатын хаһаайыстыбатын министиэристибэтин кытта сөбүлэһии түһэристэ. Субсидиялааһын саҥа бэрээдэгэр сөп түбэһиннэрэн, 2017 сылга кирэдьиит ставкатын бырыһыанын толуйуллар өлүүскэтэ бааннарга быһаччы түһэриллэрэ былааннанар. Ити аграрийдарга харчыны сыллааҕыта 5 бырыһыантан үрдүгэ суох ставканан иэс биэрэр кыаҕы үөскэтиэ уонна судаарыстыба өйөбүлэ дьоҥҥо тиийиитин судургутутуо.
– Чэпчэтиилээх кирэдьиити ханнык тэриллиилэр ылар кыахтаахтарый?
– Тыа хаһаайыстыбатын тэрилтэлэрэ, биирдэм предпринимателлэр, бааһынай хаһаайыстыбалар, сиртэн үүнүүнү ылыыга уонна сүөһүнү иитиигэ үлэлэһэр, астыыр уонна батарар тыа хаһаайыстыбатын потребительскай кэпэрэтииптэрэ ылаллар. Тыа хаһаайыстыбатын кирэдьииттиир потребительскай кэпэрэтииптэргэ уонна балык булдунан, балыгы үөскэтиинэн дьарыктанар тэрилтэлэргэ кирэдьиит бу көрүҥэ бэриллибэт.
– Оччоҕуна дьоҕус бааһынайдар эмиэ чэпчэтиилээх кирэдьииккэ сананыахтарын сөп буоллаҕа?
– Оннук. Өскөтүн СӨ бааһынай хаһаайыстыбаларын уонна кэпэрэтииптэрин ассоциациятыгар чилиэнинэн киирбит эрэ буоллахтарына.
– Василий Васильевич, кирэдьииттээһин сууматын, сыалын уонна болдьоҕун тустарынан сиһилии соҕус билиһиннэрбэккин ээ.
– Кирэдьиити биэрии болдьоҕо сыалыттан тутулуктаах. Кылгас болдьохтоох (1 сылга диэри) уонна инвестициялыыр кирэдьииттэр (2 сылтан 15 сылга диэри) бааллар. Болдьоҕуттан тутулуктанан, харчы сир үлэтигэр, тыа хаһаайыстыбатын кыылын-көтөрүн, тиэхиньикэтин уонна тэрилин атыылаһыыга, тутууга, саҥалыы сөргүтэн оҥорууга о.д.а. сыалга иэс бэриллиэн сөп. Кылгас болдьохтоох кирэдьииккэ лимиит муҥутаан 1 млрд солк. харчыттан тахсыа суохтаах, оттон инвестициялыыр кирэдьииккэ иэс ылааччы 1-кы бырайыагын олоххо киллэрэригэр суумата хааччахтаммат.
– Иэс ылааччыларга туох-ханнык ирдэбиллэр туралларый?
– Чэпчэтиилээх кирэдьиити иэс ылааччылар маннык усулуобуйаларга сөп түбэһиэхтээхтэр: тэрилтэ хаттаан тэриллии, эһии дьайыытыгар сылдьыбат уонна хаһаайыстыбаҕа сыһыаннаах үлэтин толороро хааччахтамматах, нолуок төлүүр, РФ сиригэр-уотугар регистрацияламмыт, моҥкурууттуурун туһунан дьыала көбүтүллүбэтэх, нолуоктарга, хомуурдарга уонна бүддьүөккэ, бүддьүөтү таһынан фондаларга атын булгуччулаах төлөбүрдэргэ иэһэ суох буолуохтаах. Тус уурдарыы кээмэйигэр кыра ирдэбили уонна баан ирдиир докумуоннарыгар ортотунан сүүрдэн сөптөөх бакыаты олохтуур буоламмыт, Россельхозбаан кирэдьиитэ тэрилтэ кээмэйиттэн уонна тугунан дьарыктанарыттан тутулуга суох тиийимтиэ.
– Россельхозбаан эбии офистара билигин хайа улуустарга үлэлииллэрий? Тыа сирин олохтоохторугар олор чэпчэтиилээх кирэдьиити биэрэр кыахтаахтар дуо?
– Россельхозбаан эбии офистара өрөспүүбүлүкэ тыа хаһаайыстыбалаах бөдөҥ улуустарыгар үгүстэригэр бааллар: Бүлүүгэ, Намҥа, Уус Алдаҥҥа, Хаҥаласка, Тааттаҕа, Ньурбаҕа, Мэҥэ Хаҥаласка, Чурапчыга, Өлүөхүмэҕэ, Томпоҕо, Үөһээ Бүлүүгэ, Аммаҕа, Ленскэйгэ, Горнайга. Аграрийдар дьиэлэриттэн-уоттарыттан ырааппакка, бу ыйыллыбыт офистартан хайатыгар баҕарар тиийэн чэпчэтиилээх кирэдьиити ылыахтарын сөп. Бэлиэр, бу күннэргэ сайаапкалар киирэн эрэллэр. Кирэдьиит ылыахтарын баҕалаахтар Россельхозбаан офистарыгар сылдьан сиһилии билсэллэригэр, билэллэригэр ыҥырабын.
Василий НИКИФОРОВ, «Саха сирэ», edersaas.ru