Арассыыйаҕа санитарнай-эпидемиологическай сулууспа 100 сылыгар анаммыт үөрэнээччилэр олимпиадаларын кыайыылаахтарын уонна призердарын эҕэрдэлээтилэр.
edersaas.ru
Эрэгийиэннээҕи олимпиадаҕа Амма, Алдан, Ленскэй, Уус Алдан оройуоннарын уонна Дьокуускай куорат үөрэнээччилэрэ кытыннылар.
Олимпиада икки түһүмэхтэн турбута: онлайн-олимпиада уонна «Санитарнай-эпидемиологическай сулууспа аныгы уопсастыбаҕа оруола» диэн тиэмэҕэ эссе суруйуу.
Роспотребнадзор управлениетын кылаабынай куорпуһугар управление салайааччыта, СӨ кылаабынай судаарыстыбаннай санитарнай быраас Маргарита Игнатьева дипломнары уонна өйдөбүнньүк бириистэри туттарда. Ол кэнниттэн бактериологическай лабораторияҕа экскурсия ыытылынна.
Олимпиада икки түһүмэҕин түмүгүнэн кыттааччылар маннык миэстэлэри ыллылар:
I миэстэ — Ханчаева Варвара (Уус Алдан улууһун Чараҥ орто оскуолата, салайааччы Ханчаева М.А.);
II миэстэ —Гриц Алина Альбертовна (Уус Алдан улууһун Мүрү орто оскуолата, салайааччы Жиркова А.Ф.);
III миэстэ — Ишбаев Артём (Дьокуускай куорат 13 №-дээх оскуолата, салайаачы Потапова Н.К.).
Надежда ЕГОРОВА, «Саха сирэ», edersaas.ru