Роспотребнадзор коронавирус инфекциятыгар чинчийии уорбаланар түмүктэрин бигэргэтэр методиканы уларытта

Ааптар: 
24.03.2020
Бөлөххө киир:

Кулун тутар 23 күнүттэн Арассыыйа Федерациятын Роспотребнадзора коронавирус инфекциятыгар (COVID 19) чинчийиини ыытыы уонна уорбаланар түмүктэри бигэргэтии методикатын уларытта.

edersaas.ru

Роспотребнадзор официальнай саайта иһитиннэрэринэн, кулун тутар 24 күнүттэн Уһук Илин федеральнай уокурук субъектарын, ол иһигэр Саха сирин лабораторияларыгар чинчийиллибит коронавирус инфекциятыгар саҥа уорбаланар дьон биоматырыйааллара урукку курдук, бүтэһиктээх бигэргэтиигэ «Вектор» вирусология уонна биотехнология судаарыстыбаннай научнай киинигэр ыытыллыахтара. Салгыы түһүмэҕинэн Арассыыйа территориятын үрдүнэн 15 хонукка диэри коронавирус инфекциятыгар референс-кииннэр ситимнэрин кэҥэтии буолуоҕа. Бу нэһилиэнньэни, ол иһигэр ОРВИ-га ыалдьыбыт дьону, бэрэбиэркэлээһини кэҥэтэр итиэннэ коронавирус инфекцията баарын, суоҕун суһаллык быһаарар кыаҕы биэриэҕэ.

Роспотребнадзор сүбэлииринэн, бүгүҥҥүттэн тас дойдулартан кэлбит уонна 14 күн устата бэйэни изоляцияланыы эрэсиимигэр олорор дьоннорго ОРВИ чинчитэ суох түбэлтэтигэр, саҥа коронавируска биоматырыйаал боруобатын кыраныыссаны туораабыта онус эрэ күнүттэн ылыллар. Кинилэр самоизоляция эрэсиимигэр олорон, тастан эмчиттэр хонтуруолларыгар ылыллаллар. Өскөтүн ОРВИ чинчитэ билиннэҕинэ, анаалыс боруобаларын эмчиттэр уталыппакка ылаллар.

Раиса Сибирякова, «Саха сирэ» edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0