Роскомнадзор сымыйа сураҕы бобор

19.03.2020
Бөлөххө киир:

Роскомнадзор коронавирус туһунан сымыйа сурахтары социальнай ситимҥэ, интернет-ханаалларга ыыппыт иһитиннэрэр-биллэрэр эйгэ лицензияларын сарбыйарга уонна блоктуурга бэлэмин эттэ. Ол курдук,»Информация туһунан» 149-с №-нүөмэрдээх Федеральнай сокуонунан кытаанах миэрэлэр ылыллыахтара диэн биэдэмистибэ пресс-сулууспата иһитиннэрдэ.

Дьоҥҥо-сэргэҕэ аймалҕаны үөскэтэн, сымыйа сурахтары социальнай ситимнэргэ, араадьыйаларга, күөх экраҥҥа, батсаап бөлөхтөрүгэр тарҕатааһыны күн аайы бэрэбиэркэлээн мониторинг ыыталлар. Роскомнадзор быраабы араҥаччылыыр уорганнары уонна генборокуротуураны кытта ыкса үлэлэһэн, хас биирдии сымыйа сураҕы быһаарар кыахтаах. Роскомнадзор сымыйа сурахтары, аймалҕаны үөскэтэр, дьону-сэргэни куттуур сонуннаах бөлөхтөру сабан эрэр.

Кулун тутар саҕана социальнай ситимҥэ Москва олохтоохторо коронавируска сыстыбыттарын туһунан сымыйа сурах тарҕаммыт. Маннык сымыйа сурахтары кимнээх тарҕаппыттара, ону социальнай ситимнэр хаста, ханнык бөлөхтөргө ыыппыттарын быһааран баран, дьыаланы быраабы араҥаччылыыр уорганнарга ыыттылар.

Тустаах биэдэмэстибэлэр иһитиннэрэллэринэн, кулун тутар 18 күнүнээҕи туругунан, Арассыыйаҕа 147 киһи коронавирустаабыта билиннэ.

Ульяна ЗАХАРОВА бэлэмнээтэ, edersaas.ru

Хаартыска — интэриниэттэн.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0