Росавиация “Якутия” авиахампаанньаттан норуоттар икки ардыларынааҕы көтүүлэргэ хаарчахтааһыны уһулла

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

Бүгүн, кулун тутар 25 күнүгэр, Росавиация “Якутия” авиахампаанньаттан норуоттар икки ардыларынааҕы көтүүлэри толорууларга хаарчахтааһыны уһулла.


Авиахампаанньа норуоттар икки ардыларынааҕы рейси муус устар саҥатыттан чөлүгэр түһэриэҕэ, туох-ханнык иннинэ, Дьокуускай-Сеул уонна Дьокуускай-Харбин хайысхаларга. Бу туһунан Твиттергэ тус страницатыгар Саха сирин баһылыга Айсен Николаев иһитиннэрдэ.

Санатан эттэххэ, Росавиация сэтинньи ыйга “Якутия” авиахампаанньа тас дойдуларга тиэйэрин боппута. Маннык быһаарыныыны ыларыгар “бэрэбиэркэлэр кэмнэригэр көстүбүт кэһиилэр, итилэр истэригэр: Boeing 737-800 сөмөлүөккэ көтөргө сөптөөҕүн директиватын толоруу туһунан дьиҥэ суох чахчылар уонна бу сөмөлүөтү тэхиньиичэскэй хааччыйыыта суох салгыы туһаныы; салгын суудуналарыгар булуллубут алдьаныылары-кээһэниилэри олохтоммут болдьоххо туораппатахтара уонна да атыттар”.

СИА.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0