«Росатом» госкорпорация үлэһиттэрэ Дьокуускайга кэлэн, өрөспүүбүлүкэ норуотун хаһаайыстыбатын араас салааларыгар аныгы технология ситиһиитин хайдах туһаныахха сөбүн туһунан иһитиннэрдилэр. Холобур, ионунан сыралытыы көмөтүнэн туһаннахха оҕуруот аһын, эти, тыа хаһаайыстыбатын бородууксуйатын, аһы-үөлү өр кэмҥэ буорту буолбакка харайыллар болдьоҕо быдан уһаан биэрэр. Онон уһук хоту оройуоннарга консервана суох сибиэһэй ас тиэрдиллэр кыахтаныа.
edersaas.ru
Ионунан сыралытыы диэн тугуй диэтэххэ, бу радиация биир көрүҥэ, атомнар электромагнитнай долгуну таһаараллар. Ол таһыма үрдээтэҕинэ, эбэтэр күн ахсын туттулуннаҕына, доруобуйаҕа охсуулаах буолуон сөп. Киһи рентгеҥҥэ түһэр, КТ чинчийиитин ааһар, онон кыра мЗв, дьиҥэ, буортута суох.
«Росатом» хампаанньа тыа хаһаайыстыбатын бородууксуйатын уонна аһы-үөлү харайарга ионунан сыралытар тэрээһиннэрин былаанын 2018 с. бигэргэппитэ. Эти, хортуоппуйу, бурдугу ити сардаҥанан тыктардахха, бактерия, вирус, түүнүк үөскээбэт.
СӨ тыатын хаһаайыстыбатын миниистирин бастакы солбуйааччы Татьяна Осипова: «Бородууксуйаны тас дойдуга таһаарар буоллахха биирдэ радиационнай стерилизация киинин тэрийиэххэ сөп. Олохтоох оҥорон таһаарыы кээмэйэ кыра уонна биһиги бытарҕан тымныыбыт аспытын буортуппакка эрэ харайарбытыгар көмөлөһөр. Дьиҥэ, маннык технологияны олоххо киллэриэх иннинэ кэлин тугунан эргийэн тахсыан толкуйдуур оруннаах. Билиҥҥитэ Арассыыйа икки эрэ субъегар радиационнай стерилизация туттулларын ааҕан туран, нэһилиэнньэ доруобуйатыгар буортута суоҕун бастаан дакаастыахха наада. Учуонайдар ионунан сыралытыы төһө буортулааҕын, эбэтэр доруобуйаҕа олох да куттала суоҕун туһунан биир санааҕа кэлэ иликтэр», — диэн эттэ.
«Росатом» корпорация 2019 сыл бүтүөр диэри аһы-үөлү ити технологиянан чинчийэн көрүөхтээх. Бу технология оҕуруот аһа буорту буолуутун аҕыйатар, консерваннары туттубакка эрэ ыраах сытар эрэгийиэҥҥэ сибиэһэй бородууксуйаны тиэрдэр кыахтаах.
Марианна Тыртыкова, «Саха сирэ», edersaas.ru