Уопсастыбаннай уонна бэлитиичэскэй тэрийээччи Роман Шадрин төрөөбүтэ 125 сылын бэлиэтээтибит

25.04.2018
Бөлөххө киир:

Эбээн норуотуттан бастакы биллиилээх уопсастыбаннай уонна бэлитиичэскэй тэрийээччи, Саккырыыр оройуонун төрүттээбит Роман Иванович Шадрин Түгэһиир эбээннэрин уонна хотугу сахалар олохторо сайдыытыгар, үөрэхтээһини киллэриигэ, тарҕанан олорбут дьону түмэн саҥа олоҕу, коммуналары тэрийиигэ үгүс сыратын, олоҕун толук уурбут киһинэн буолар. Ааспыт нэдиэлэҕэ Роман Шадрин төрөөбүтэ 125 сылыгар анаммыт тэрээһиннэр буоллулар.

Муус устар 20 күнүгэр Дьокуускай куоракка Д.К. Сивцев-Суорун Омоллоон аатынан опера уонна балет тыйаатырыгар бэлиэ даатаҕа аналлаах дьоро киэһэ буолла. Бу күн тыйаатырга Роман Шадриҥҥа анаммыт уонна “Төрөөбүт дойдум — Бытантай” диэн норуот маастардарын быыстапкалара туран, дьон-сэргэ сэҥээриитин, болҕомтотун ылла.

Бэлиэ киэһэни Эбээн Бытантай национальнай оройуон баһылыга Иван Горохов тыл этиитинэн арыйда, мустубут бар дьоҥҥо Роман Ивановиһы аҕыйах ахсааннаах хотугу норуот чаҕылхай бэрэстэбиитэлин быһыытынан олоҕун, үлэтин туһунан кэпсээтэ. Баһылык, бу тэрээһиннэр Эбээн Бытантай улууһун инники социальнай-экэнэмиичэскэй сайдыытыгар саҥа олуктары ууралларын бэлиэтээтэ. Үбүлүөйдээх тэрээһиннэринэн сибээстээн, өрөспүүбүлүкэ парламенын уонна бырабыыталыстыбатын салалтатын кытта көрсүһүүлэр буоллулар, министиэристибэлэр уонна биэдэмистибэлэр улуус социальнай-экэнэмиичэскэй сайдыытын түстүүр сөбүлэҥнэри түһэристилэр.

Ил Түмэн бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Виктор Губарев үбүлүөйдээх тэрээһиннэри салайар хамыыһыйа бэрэссэдээтэлэ, Ил Түмэн бэрэссэдээ­тэлэ Александр Жирков аатыттан бэлиэ даатанан эҕэрдэлээтэ уонна хотугу кытыы сирдэр судаарыстыбаннай буолууларыгар эбээн норуотун чулуу уолун сүҥкэн оруолун бэлиэтээтэ: “Роман Шадрин хоту сиргэ Сэбиэскэй былаас олохтонуутун биир көхтөөх тэрийээччитэ уонна салайааччыта, бүтүн Саха Өрөспүүбүлүкэтин эрэ буолбакка, Сойуус үрдүнэн хотугу норуоттар интэриэстэрин чаҕылхай уонна аптарытыаттаах көмүскээччитэ этэ. Кини хотугу норуоттар саҥа олоххо эйэлээхтик киирэллэрин туһугар үгүс сыратын уурбута. Көһө сылдьар норуоттар интэриэстэрин учуоттаан туран, хотугу оройуоннар территорияларын оҥорууга бэйэтин кылаатын киллэрбитэ. Кини быһаччы кыттыһыытынан, уон хотугу оройуон кыраныыссанан быысаһар буолбута. Роман Шадрин хотугу оройуоннарга бастакы оскуолалар, балыыһалар уонна култуура эбийиэктэрин тутууларын тэрийээччинэн буолар”.

Саха сирин норуодунай суруйааччыта, Аҕыйах ахсааннаах хотугу норуоттар ассоциацияларын бэрэсидьиэнэ Андрей Кривошапкин Роман Шадрин туһунан маннык аҕынна: “Роман Иванович элбэх оҕолоох дьадаҥы дьиэ кэргэҥҥэ төрөөбүт буолан, оҕо эрдэҕит­тэн үлэлээн-хамнаан, олох эрэйдэрин билэн улааппыта. Оскуолаҕа үөрэнэр дьолу билбэтэҕэ. Билэр-көрөр баҕата баһыйан ааҕарга, суруйарга үөрэммитэ. Дьааҥы сыылынайдарын уонна бырааттыы Новгородовтар сабыдыалларынан өрөбөлүүссүйэҕэ көрүүлэрэ олоҕурбута. 1921 сыллаахха Түгэһиир насревкомун бэрэссэдээтэлинэн, онтон Саккырыыр национальнай оройуон сэбиэтин бэрэссэдээтэлинэн талыллан үлэлээбитэ. 1927 сыллаахха быраатын Павел Шадрины кытта бассабыыктар баартыйаларыгар киирэннэр, Сэбиэскэй былаас хоту олохтонорун турууласпыттара. Бүгүн мин Роман Шадрин идиэйэлэрин биир дойдулаахтара – эбээн бытантайдар салгыылларыттан олус үөрэбин. Кинилэр өбүгэлэрин сүрүн дьарыктарын — таба иитиитин утумнууллар, эдэрдэри онно угуйаллар, үөрэтэллэр. В.Н.Никитин, С.И.Никитин, В.В.Горохов, А.А.Попов, С.Г.Горохов, В.А.Попова уо.д.а. курдук табаһыт  дьону утумнаан эдэрдэр эмиэ дьарыктаналлара хайҕаллаах дии саныыбын. Өрөспүүбүлүкэ таһымыгар Роман Иванович Шадрин төрөөбүтэ 125 сылын бэлиэтээһин үрдүк таһымнаахтык ыытылынна. Манна ыытыллыбыт тэрээһиннэр Эбээн Бытантай национальнай оройуон сайдарыгар саҥа кыахтары биэриэхтэрэ”.

Кинигэ таҕыста, өйдөбүнньүк туруоҕа

Үбүлүөйдээх тэрээһиннэр чэрчилэринэн Роман Иванович Шадрин туһунан кинигэ сүрэхтэннэ. Кинигэ “Ими гордится Якутия” сиэрийэ иһинэн “Бичик” кинигэ кыһатыгар бэчээттэнэн таҕыста. Манна уопсастыбаннай диэйэтэл туһунан ахтыылар уонна Москва, Дьокуускай архыыптарыттан булуллубут докумуоннар хомуллан киирдилэр.

Саха Өрөспүүбүлүкэтин Национальнай библиотекатын дириэктэрин солбуйааччы Василий Борисов: “Биһиги фондабытыгар Роман Шадрин туһунан 519 кинигэ киирдэ. Бу кинигэлэр Саха сирин хас биирдии библиотекатыгар тиксэриллиэхтэрэ диэн эрэннэрэбит. Кинигэ ааптардарын баҕаларынан саҥа таһаарыыны электроннай библиотекаҕа киллэриэхпитин сөп”, — диэн иһитиннэрдэ.

Аны бу ый саҕаланыыта Эбээн Бытантай улууһун олохтоохторо Ил Түмэн салалтатын кытары көрсөн, Роман Шадриҥҥа өйдөбүнньүк туруутун кэпсэппиттэрэ. Онно улуус баһылыга Иван Горохов: “Өйдөбүнньүк бастакы барыла сөбүлэһиини ааспатаҕа, онон саҥа барылы толкуйдаабыппыт. Өйдөбүнньүк Дьокуускай куоракка Хотугу норуоттар дьиэлэрин таһыгар турарын былаанныыбыт”, — диэн бара турар үлэни билиһиннэрбитэ.

Шадрин Роман Иванович 1893 сыллаахха Саккырыыр оройуонун Түгэһиир нэһилиэгэр төрөөбүтэ. Биллэр уопсастыбаннай диэйэтэл уонна тэрийээччи, гражданскай сэрии кыттыылааҕа. 1929 сыллаахха  Кыһыл Знамя уордьанынан наҕараадаламмыта.

1931 сыллаахха Саха сирин ыҥырыылаах сийиэһигэр Роман Иванович Шадрины Саха сирин Ситэриилээх Кэмитиэтин чилиэнинэн талбыттара. Кытыы  олохтоох норуоттары кытта үлэлэһэр кэмитиэт бэрэссэдээтэлинэн анаммыта, ону сэргэ, Саха сирин Ситэриилээх Кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ Платон Алексеевич  Ойуунускай солбуйааччытынан бигэргэтиллибитэ.

Ити сыл кини көҕүлээһининэн Саккырыыр национальнай оройуона  төрүттэммитэ.

1934 сыл кулун тутар 31 күнүгэр 40 сааһыгар сылдьан Москваҕа сэлликтээн өлбүтэ. Билигин Роман Шадрин аатын Баатаҕай Алыытын оскуолата сүгэр.

Айтана Аммосова, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0