Ааспыт субуотаҕа оппозиционер Навальнай сокуоннайа суох миитинигэр кыттан, Дьокуускайга үс эдэр киһи тутуллубута.
Аармыйаҕа сылдьар саха уолаттарыгар көмө буолар общественник Роман Обутов бэлиэтииринэн, эдэр дьон бу маннык миитиннэргэ кытталлара, ыччакка патриотическэй иитиигэ өссө да киэҥ хорутуулаах үлэ барара наадатын көрдөрөр.
“Билиҥҥи ыччакка Россия туһунан өйдөтүү, судаарыстыба өйдөбүлүн биэрии, ол онно үлэни туһулаан ыытыы сэдэх. Патриотическэй акциялар “ураалаан”, “уруйданан” баран бүтэн хаалаллар.
Оппозиционер Навальнай төһө да харчы мунньуна, араас акцияны ыыта сатаабытын иһин, президент Владимир Путины түөрэҥнэтэр кыаҕа суох. Владимир Владимирович күүстээх лидер буоларын көрдөрдө, дакаастаата.
Онтон ити тутуллубут Вадим Васильев диэн оҕо туһунан эттэххэ, кини бэрээдэги көрөөччүлэри кытары охсуһуу, кинилэри үөҕүү Холуобунай дьыала буоларын сүрдээх үчүгэйдик билэр буолуохтаах. Эдэрдэргэ баҕарыам этэ, күүстэрин-күдэхтэрин итинник быстах дьыалҕа бараабакка, дойдуларын дьиҥ-чахчы көмүскүүр өйдөөх-санаалаах, аан дойду ааттаахтарын кытары тэҥҥэ киирсэр киэҥ билиилээх, сайдыылаах буолалларыгар. Ким эрэ туораттан тус интэриэстээх киһи көҕүлээһинин ылынан, онно киирэн биэрэллэрэ сөбө суох дии саныыбын. Биһиги, аҕа көлүөнэ, итиннэ бэйэбитинэн холобур буолуох тустаахпыт”, — диэн этэр Роман Михайлович.
Аграфена КУЗЬМИНА, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru