Сарсыҥҥыттан Дьокуускайга ССРС спордун үтүөлээх маастара, ССРС үтүөлээх тренерэ, олимпийскай чөмпүйүөн Роман Дмитриев кэриэһигэр уолаттар ортолоругар көҥүл тустууга V норуоттар икки ардыларынааҕы турнир саҕаланар.
Роман Попов, “Саха сирэ” хаһыат, https://edersaas.ru
Бүгүн Медиа-кииҥҥэ буолбут пресс-кэмпириэнсийэҕэ Саха Өрөспүүбүлүкэтин спорка миниистирэ Георгий Балакшин 13 дойду күрэхтэһиигэ кыттыаҕын иһитиннэрдэ. Арай Грузия, Турция кэлин тиһэҕэр, хомойуох иһин, батыммыттар. Онон быйылгы түһүлгэҕэ Молдоваттан, Монголияттан, Беларуссияттан, Казахстантан, Арменияттан, Ирантан, Украинаттан, Израильтэн, Таджикистантан, Грецияттан, Азербайджантан, Кыргызтантан, Арассыыйа Федерациятыттан барыта 166 бөҕөс аҕыс ыйааһыҥҥа сүрүн бириис иһин күүһүн холоһуо диэн буолла.
Георгий Балакшин Саха сирин сүүмэрдэммит хамаандата бу аан дойдутааҕы таһымнаах күрэхтэһиигэ үчүгэй бэлэмнээҕин бэлиэтээтэ. Чуолаан аан дойдуга бастыыр иһин турнир үрүҥ көмүс призера Максим Заморщиковка, кадеттар ортолоругар аан дойду түһүлгэтин кыайыылааҕа Иван Оконешниковка, аан дойду чөмпүйүөннэрэ Петр, Алексей Копыловтарга, аан дойдуга бастыыр иһин турнир боруонса призера Петр Константиновка эрэнэрин эттэ.
Арассыыйа спортивнай тустууга федерациятын вице-бэрэсидьиэнэ, Иван Ярыгин пуондатын бэрэсидьиэнэ Наталья Ярыгина Роман Михайлович биһиги дьиэ кэргэммитигэр чугас киһибит, истиҥ доҕорбут этэ диэтэ. Өрөспүүбүлүкэҕэ спорт, көҥүл тустуу сайдыытыгар улахан үлэ ыытылларын ыйан туран, кэнэҕэһин мантан олимпийскай чөмпүйүөннэр салгыы иитиллэн тахсыахтарыгар эрэллээҕин эттэ.
Наталья Алексеевна Тустуу аан дойдутааҕы федерациятын (FILA) Албан аат саалатыгар
Роман Дмитриев аатын киллэртэрэр туһунан кэпсэтии ыытылларын,
билиҥҥитэ боппуруос 80 бырыһыан курдук быһаарыллан турарын иһитиннэрдэ.
Болгарияттан сылдьар UWW техническэй бэрэстэбиитэлэ, Олимпийскай оонньуулар призердара Мирослав Гочев сахалар тустууга сүгүрүйэллэрин, күрэхтэһиилэри үрдүк таһымҥа ыыталларын истэн эрэ билбэтин, урут Дьокуускайга Дмитрий Коркин турнирыгар ыалдьыттаабытын, саха норуотун туһунан үчүгэй өйдөбүллээҕин эттэ. Биллиилээх бөҕөс Роман Дмитриев кэриэһигэр норуоттар икки ардыларынааҕы турнир эмиэ дьиҥ-чахчы спорт бырааһынньыгынан буолуоҕар саарбахтаабаппын диэтэ.
ССРС спордун үтүөлээх маастара, ССРС үтүөлээх тренерэ, олимпийскай чөмпүйүөн
Роман Дмитриев кэриэһигэр уолаттар ортолоругар көҥүл тустууга
V норуоттар икки ардыларынааҕы турнир бырагыраамата
(Дьокуускай, «Триумф» спорт киинэ)
Программа
Кулун тутар 3 күнэ, бээтинсэ – делегациялар кэлиилэрэ
10.00 – 16.00 – мандат хамыыһыйата
16.00 – 17.00 – хамаандалар бэрэстэбиитээлэрин кытта судьуйалар коллегияларын мунньаҕа
16.30 – 17.00 – 50, 60, 74, 96 киилэҕэ тустааччылар ыйааһыннаныылара
Кулун тутар 4 күнэ, субуота
10.00 – 14.00 — 50, 60, 74, 96 киилэҕэ диэри барыллаан хапсыһыылар
15.30 – 16.00 – 55, 66, 84, 120 киилэҕэ тустааччылар ыйааһыннаныылара
16.00 – 17.00 – күрэхтэһиини үөрүүлээхтик арыйыы
17.00 – 20.00 — 50, 60, 74, 96 киилэҕэ түмүк хапсыһыылар, кыайыылаахтары наҕараадалааһын
Кулун тутар 5 күнэ, баскыһыанньа
10.00 – 14.00 – 55, 66, 84, 120 киилэҕэ диэри барыллаан хапсыһыылар
14.00 – 15.00 – тохтобул
15.00 – 17.00 – 55, 66, 84, 120 киилэҕэ түмүк хапсыһыылар, кыайыылаахтары наҕараадалааһын
17.00 – 18.00 – хапсаҕайга муҥутуур кыайыылааҕы быһаарар күрэхтэһии
Роман Попов, “Саха сирэ” хаһыат, https://edersaas.ru