Эгэлгэ дьарыктаах суруйааччы Родион Данилов-Ородьумаан

Ааптар: 
01.01.2020
Бөлөххө киир:

Талааннаах киһи барытыгар талааннаах диэн мээнэҕэ этиллибэт. Ол курдук, биэс оҕо тапталлаах аҕата, аҕыс сиэн амарах эһээтэ Родион Данилов-Ородьумаан суруйарын таһынан, кырачааннарга анаан араас оҥоһуктары чочуйан таһаарар.


“Кумааҕы, уруучука тойоно буолбатахпын”

Маҥнай утаа сорохтор, бу Ородьумаан диэн суруйааччы үлэлээбэккэ, кумааҕы, уруучука тутан баран сылдьар быһыылаах” дииллэр үһү. Оттон атыттар, «барытын хайдах үмүрүтэҕин диэн сөҕөллөр. Дьиҥэр, оннук буолбатах. Күннээҕи түбүк, хамнастаах үлэ ханна да, хаһан даҕаны хаалбат. Кэпсээннэрим үлэм кэмигэр бэйэлэрэ ситимнэнэн төбөбөр киирэн кэлэллэр. Умнан кэбиһиэм диэн бэлиэтэнэн иһэбин. Дьолго, билигин төлөпүөн баар буолан, онно тиһэбин уонна иллэҥсийдэхпинэ, үлэ чааһын кэнниттэн чочуйабын”, — диэн кэпсээнин саҕалыыр. Ородьумаан идэтинэн электрогазосварщик. Кэлин Намнааҕы кэллиэскэ кэтэхтэн эбии үөрэхтээһин педагога идэтин баһылаабыта. Билигин ОДьКХ-га өрөмүөннүүр силиэсэринэн үлэлиир. Суруйуунан 2001 сылтан дьарыгырар. Ол эрээри, номнуо биэс кинигэни күн сирин көрдөрдө. Кэпсээннэри, олох омсолоох өрүттэрин ааҕааччыга араас көрүҥүнэн тиэрдэр. “Кэлин үп-харчы кырыымчык буолан, айымньыларбын таһаартара иликпин, мунньуллан эрэллэр”, — диэн санаатын үллэстэр.

Дьиэтээҕи төлөпүөнүнэн куоластааһын

Ыал буолан баран, маҥнай төрөөбүт Кыыллааҕар миэстэ өлүүлэтэн, дьиэ тутан дьэндэппит. Утуу-субуу эмдэй-сэмдэй уолаттар-кыргыттар күн сирин көрөн, эбиитин ыкса ыалларын оҕолоро мустан, тэлгэһэ иһэ оҕо саҥатынан туолара. Аан маҥнай 1994 сыллаахха кырачааннар оонньуулларыгар диэн анаан-минээн дьиэ туппут.

Биир сыл Саҥа дьылы көрсө Кыыллаах нэһилиэгэр хаар оҥоһуктарга куонкурус биллэрбиттэр. Ол туһунан Родион Данилов бэйэтэ маннык ахтар: “Оччолорго өссө сиэп төлөпүөнэ үөдүйэ илигэ. Хамыыһыйа түөлбэлэринэн кэрийэ сылдьан, оҥоһуктарбытын видеоҕа устан, олохтоох теле-устуудьуйанан көрдөрбүттэрэ. Дьон дьиэтээҕи төлөпүөннэриттэн нэһилиэк дьаһалтатыгар эрийэн, куоластаабыттара. Ол куонкуруска бастаан турабын. Ити сыл — Ыт сыла этэ.  Балачча улахан кээмэйдээх ыты, табаны, Тымныы оҕонньору, Хаарчаананы оҥорбутум. Дьолго, ол сыл хаар дэлэй этэ, эбиитин өрүс үрдүгэр олорор буолан, тибии хото тибэрэ. Онтон ыла хонноҕум арыллан барбыта”, — диэн кэпсиир.

Мастан, тимиртэн, хаартан…

Ородьумаан урукку сылларга маһы, мууһу, хаары туһанар эбит буоллаҕына, кэлин тимиргэ ылсан эрэр. Нэһилиэккэ интэриниэт киирэн, харах хайҕыы көрөр оҥоһуга элбэҕин этэр. Ол эрээри, тыа сиригэр тимир өттүгэр матырыйаал кырыымчыгын ыйар.

Даппарайга көһөн тахсан баран, үлэлэрин өссө тупсаран биэрэр буолбут. Ол курдук, оонньуу таарыйа эттэрин-хааннарын эрчийэллэрин курдук тренажердаах гына тобулан оҥорбут. Маны барытын олоҕун аргыһа Саргылаана өҥө-дьүһүнэ оҕоҕо барсарын курдук кыраасканан ситэрэн-хоторон биэрэр.

Аатын ааттатааччылар

Быйыл остуол, хачыал, беседка, атахтаах таҥас ыйыыр көхө оҥорбут. Туйах хатарааччылар үүнэн эрэллэрин сэмээр киэн тутта кэпсиир. Кыра уола Родик — 11-с кылаас үөрэнээччитэ. Быйыл аҕатын сүбэтинэн туртас, куба быһыылаах, интэриниэттэн көрөн аттаах сибэкки иһиттэрин оҥорон атыылаан, бэйэтигэр төлөпүөн атыыласпыт. “Үөрэтэн кэбиһэн, уолум “итини оҥоруох”, “маны оҥоруох” диэн үүйэ-хаайа тутар. Кыһайбыт курдук, иллэҥ бириэмэм да кырыымчык, матырыйаал даҕаны тиийбэт курдук”, — диэн билинэр. Улахан уола Семен — бэйэтэ ыал аҕата. Аҕатын батан уһанар, дьиэ тутуутунан дьарыктанар.

Родион Данилов урукку сылларга нэһилиэгэр ыытыллар куонкурустарга өрүү инники миэстэттэн түспэтэ.  Билигин даҕаны, үөрүйэх илии үлэтэ суох сатаммат диэбиккэ дылы, хас сыл ахсын оҕолору үөрдэр оҥоһуга суох табыллыбат. Ханнык сыл үүнэр да, ол сыл бэлиэтин оҥорор. Арай быйыл, үгэстэн туораан, кыра уолун кытта көмөлөөн, дьиэлэрин иннигэр таба оҥорбуттар. Бу күннэргэ Родик ситэрэн, аттыгар туртас оҥоро сылдьар диэн кэпсиир. Баҕар, муустан эбии кутуйах оҥоруом диир. Дьааһык оҥорон хаар кутан, хаара кытааппытын кэннэ уһаппакка-кэҥэппэккэ, биир-икки күн иһигэр кыһан бүтэрэр эбит.

Эбисийээнэ сылыгар балбаахтан горилла, иккис сырыытыгар сибиинньэ оҥорбут. Ол эрээри, биһиги диэки балбааҕы улаханнык туһамматтар диэн этэр. Хомойуох иһин, оччотооҕу да, билиҥҥи даҕаны үлэлэрин хаартыскаҕа түһэрэн үйэтитэн испэт эбит.

Илии тутуурдаах Ородьумаан

Нэһилиэккэ социальнай суолталаах саҥа дьиэ малааһына тосхойдоҕуна, хайаан даҕаны бэйэтин илиитинэн чочуйбут оҥоһугун бэлэх уунар үгэстээх эбит. Манна даҕатан эттэххэ, быйыл сааскыттан саҕалаан, Кыыллаах нэһилиэгин Даппарай сэлиэнньэтигэр олохтоохтор бэйэлэрин күүстэринэн Түмсүү дьиэтин тутан дьэндэтэн, аҕыйах хонуктааҕыта үлэҕэ киллэрдилэр. Манна кыттыспатах биир даҕаны киһи суох. Оскуола оҕолоро кытта үтүө бачыымҥа кыттыстылар. Ородьумаан эмиэ бэйэтин кылаатын киллэрсэн, өлүүтүн үлэлээн, бэлэҕин туттаран турар.

Тэттик киинэлэр

Кэпсээни, хоһоону таһынан, араас сценкалары суруйарын улуустар драматическай тыйаатырдара хото туһаналлар. “Икки улахаттарым оскуолаҕа үөрэнэр сылларыгар сүрүн илиим-атаҕым этилэр, биирдэрэ камераҕа устара, иккис уол таҥыытынан дьарыктанара”, — диэн кэпсиир. Ол курдук, “Хачыгыр”, “Манчаары”, “Икки хоһуун”, “Даҕанча”, “Кэрэх мас”, “Хобуоччу”, о.д.а. тэттик киинэлэрэ дьон биһирэбилин ылыан ылбыттара. Хомсомуол тэриллибитэ 100 сылын көрсө Ородьумаан умнуллан эрэр биир дойдулаахтарын, эдэркээн комсомолецтар ааттарын үйэтитээри, “Икки комсомолец” диэн киинэтэ күн сирин көрбүтэ. Маныаха үчүгэйэ диэн, оруолларга оскуола үөрэнээччилэрэ хото оонньууллар.

Тэттик киинэлэрин улуустааҕы “Чароит”, нэһилиэк теле-устуудьуйатыгар көрдөрөллөрө. Ити курдук, суруйааччы Родион Данилов-Ородьумаан хамнастаах үлэтин таһынан, биир-биэс харчыта суох нэһилиэк уопсастыбаннай олоҕор, ыччаты иитиигэ хото кыттар, холобур буолар.

Людмила ПОПОВА, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru

Хаартыскалар Родион ДАНИЛОВ-Ородьумаан тус архыыбыттан туһанылынна.

 

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0