“Доҕордоһуу кытыла” (“Берега дружбы”) диэн поэзия уонна поэтическай тылбаас норуоттар икки ардыларынааҕы ыччаттарга аналлаах бэстибээл-куонкуруһугар химик, биолог үөрэхтээх, буҕаалтыр идэлээх, эдэр бэйиэт, тылбаасчыт Римма Крылова кыттан, дипломант үрдүк аатын сүгэн кэллэ.
edersaas.ru
Күрэх Ростов уобалаһын Неклиновскай оройуонугар алтынньы 6-8 күннэригэр, норуоттар икки ардыларынааҕы “Доҕордоһуу кытыла” 7-с бэстибээл чэрчитинэн ыытылынна.
“Сайаапкабын, хоһооннорбун, тылбаастарбын өссө сайын ыыппытым. Сотору кэминэн төлөпүөннээн, финалга киирдиҥ диэн биллэрбиттэрэ. Ити курдук хабааннаах күрэххэ аан маҥнайгыбын кытынным. Уһук Илин уокуруктан соҕотохпун. Таганрог куоракка үөрэнээччилэри, устудьуоннары кытта көрсүһүү, нуучча биллиилээх суруйааччыта А.П.Чехов олорбут дьиэтигэр, үөрэммит гимназиятыгар экскурсия тэрийдилэр. Аһыллыытын Покровское сэлиэнньэтигэр оҥордулар. Алта араас омук кэккэтигэр миигин эмиэ таһааран, төрөөбүт тылбытынан уруй-айхал этиттэрдилэр. Күрэх Ростов-на-Дону куоракка буолла. Арассыыйа үрдүнэн тарбахха баттанар, баай, сэдэх кинигэлэрдээх, аныгылыы көстүүлээх, хас даҕаны саалалаах бибилэтиэкэлээхтэр эбит. Мин “Чүмэчи” диэн сахалыы хоһооммун, ону тэҥэ тылбаастаммыт уонна сорудах быһыытынан бэриллибит биир хоһоону аахтым. Саамай үөрбүтүм диэн, хоһооннорбун Краснодартан сылдьар Арассыыйа Суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ, бэйиэт, тылбаасчыт, композитор-ырыа айааччы, 23 кинигэ ааптара Анна Вартаньян нууччалыы тылбаастаабыт.
“Социо-культурная идентичность в поэзии России, Беларуси, Украины” диэн “төгүрүк остуол” ыыттылар.
Дьүүллүүр сүбэҕэ Арассыыйа Суруйааччыларын сойууһун бырабылыанньатын чилиэнэ Василий Дворцов, Арассыыйа Суруйааччыларын сойууһун хос бэрэссэдээтэлэ Вадим Терехин, Беларусия суруйааччыларын Сойууһун президиумун чилиэнэ Владимир Гаврилович, Украина Суруйааччыларын сойууһун бырабылыанньатын бэрэссэдээтэлэ Анатолий Мироненко, Арассыыйа Суруйааччыларын сойууһун сэкирэтээрэ Светлана Макарова-Гриценко, Арассыыйа Суруйааччыларын сойууһун чилиэннэрэ Вячеслав Динека, Василий Попов, Ольга Сафронова, Леонид Север, о.д.а. бааллара.
Күрэххэ 60-ча киһи кыттыбытыттан Гран-При ааты Архангельскайтан сылдьар Марина Зарубина ылла”, — диэн Римма Гаврильевна кэпсиир.
Римма оҕо сылдьан хоһоон суруйарга холонор эбит. Хайа эрэ кэмҥэ тохтуу сылдьан баран, 2013 сылтан иэйии абылаҥар хаттаан ылларбыт. Былырыын Хотугулуу-Илиҥҥи Федеральнай университет АБ Хотугулуу-Илиҥҥи норуоттарын тылларын уонна култуураларын үнүстүүтүн магистратуратын бүтэрбит.
Эдэр суруйааччы ити сырыым хоһоон айарбар, тылбаастыырбар көмөлөөх буолуо, элбэҕи эбинним диир. Түгэнинэн туһанан, СӨ Суруйааччыларын ассоциациятын бэрэссэдээтэлигэр О.Г.Сидоровка, Саха сирин Суруйааччыларын сойууһун бырабылыанньатын бэрэссэдээтэлин солбуйааччытыгар Г.Г.Андросовка махталын биллэрэр.
Людмила ПОПОВА, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru