«Ричард III» сүрэхтэниитэ – сонун сүүрээн

Ааптар: 
16.10.2017
Бөлөххө киир:

Бу күннэргэ СӨ норуодунай артыыһа, Үүнэр көлүөнэ тыйаатырын уус-уран салайааччыта, РФ култууратын үтүөлээх үлэһитэ Алексей Павлов үбүлүөйдээх 60 сааһын уонна айар үлэтин 40 сылын үөрүүлээхтик бэлиэтээтэ.

edersaas.ru

Алексей Павлов бэйэтигэр да, көрөөччүлэригэр да “Ричард III” испэктээк  премьератын бэлэхтээбитэ – Саха сирин театральнай олоҕор биир сонун сүүрэнинэн буолла. Биллэн турар, испэктээк табыллыыта режиссертан улахан тутулуктаҕа чахчы. Үүнэр көлүөнэ тыйаатырын эдэр режиссера Динислам Тутаев Сунтаар Тойбохойуттан төрүттээх.

Култуура уонна искусство колледжын режиссерскай салаатын бүтэрэн баран, Санкт-Петербурга икки сыллаах режиссердар үрдүкү куурустарыгар үөрэммит.  “Ричард III” испэктээк  режиссера үлэтин туһунан санаатын бу курдук үллэстэр:

–  Урут Уильям Шекспир бу айымньытын ааҕан баран интэриэһинэй пьеса эбит дии санаабытым. Хирург эчэйбит дьон уорганнарын хайытан аһан көрөрүн курдук, “киһи тоҕо дьоло суох буолар эбитий?” диэн ыйытыыга ис куту, айылгыны арыйыы курдук ылыммытым. Тыйаатырга: «Ханнык айымньыны туруорабыт?» диэн ырытыыга уус-уран салайааччым Алексей Павловы кытта “Ричард III” испэктээги  санаабыт сөп түбэһэн, артыыстарбытын кытта анаан үлэлэһэн туруордубут.

Испэктээк муусукаҕа тэҥнээх  –  хойутуур да, түргэтиир да тэтимнээх. Режиссер, бастатан туран, көрөөччү  хайдах ылынарыгар  буолбакка, испэктээк  хаамыытыгар болҕомтотун уурар. Хомойуох иһин, мин көрөөччү уус-уран өттүнэн мөлтөх испэктээги ордук сөбүлүүрүн, ол оннугар киһи “Һа!” диир олус күүстээх туруорууттан тахсан барарын көрбүттээхпин. Онон көрөөччү санаатын биир премьеранан таайар уустук. Испэктээк иннинэ да, кэнниттэн да, туохха чуолаан болҕомтобун уурдум диэн ырытарбын, бэйэм “диагноз “ туруорарбын сөбүлээбэппин. Көрөөччү бэйэтэ сыаналыахтаах. Киһи-киһи санаата, толкуйа атын-атын.  Бүгүҥҥү испэктээги “табылынна- табыллыбата” диир өссө эрдэ. Өссө да иккитэ-үстэ көрөөччү дьүүлүгэр туруон наада. Ол кэнниттэн түмүк оҥоруохха сөп.

Испэктээк кэнниттэн “Хотугу сулус” оҕо айар академиятын салайааччыта Татьяна Гоголеваттан бэйэтин санаатын атастаһарыгар көрдөстүм.

–   Алексей Павлов талааныгар урут да сүгүрүйэр этим. Бу саҥа үлэтиттэн кини амплитудата киэҥин, артыыс быһыытынан дириҥин сөҕөн-махтайан көрдүм.  Киһи олус ыараханнык ылынар айымньытын артыыс, туруорааччы режиссер, худуоһунньуктар, айар труппа сомоҕо күүстэрэ испэктээги кыайа туттулар. Сорох түгэннэргэ куттанан харахпын симэн олордум. Олохпут, нууччалыы эттэххэ, “спираль” курдук. Алексей Павлов дьоруойа история хатылана турарын көрдөрөн, аан-дойдуга буола турар быһыыны-майгыны арылхайдык арыйда. “Ричард III” испэктээк былаас уонна сир былдьаһыыта оннооҕор бииргэ төрөөбүттэр бэйэ-бэйэлэрин харыһыйбаттарын көрдөрдө.

Артыыстар итэҕэли, бэйэ-бэйэни өйөһүүнү, или-эйэни бөҕөргөтөн, духуобунаһы күүһүрдэр сорук турарын өйдөттүлэр. Онон бүгүҥҥү күҥҥэ киһини толкуйдатар испэктээк  көрөөччү үрдүк сыанабылын ылара – өссө да иннигэр.

Оттон СӨ үтүөлээх артыыската Софья Баранова-Сергучева исписэлиис быһыытынан бу маннык бэлиэтээһини оҥордо:

–   Биһиги артыыстар араас ис хоһоонноох бэстибээлгэ үгүстүк сылдьабыт. Ол сырыыларбыт тыйаатырдарбытыгар олус үчүгэй сабыдыаллаахтарын туоһута – “Ричард III” премьерата. Мантан инньэ бу испэктээк араас таһымнаах бэстибээллэргэ киэн тутта көрдөрөр үлэнэн буолуоҕа, үгүс кириитиктэртэн улахан сыанабылы ылыаҕа. Уильям Шекспир «Ричард III” пьесата   мин  билэр айымньым. Үүнэр көлүөнэ тыйаатыра олох үрдүкү таһымҥа тахсыбытын бу испэктээгинэн дакаастаата. Эдэр режиссер Динислам Тутаев соҕуруу баран үөрэнэн кэлэн, улахан эйгэҕэ тахсан, маастардар-режиссердартан уопут ылбыта көстөр. Туруорааччы көрөөччүгэ Ричард III тоҕо маннык кырыктааҕын төрүөтүн тус бэйэтин көрүүтүнэн арыйан биэрдэ. Ол эбэтэр атын туруорааччылартан уратыта – испэктээги көрө олорон, көрөөччүгэ бу дьоруойу аһынар санаа үөскүүр. Соҕуруу тыйаатырдар шекспироведтара уонна кириитиктэрэ эдэр режиссёр сонун “буочарын” атыттары кытта хайаан да тэҥнээн көрүөхтэрэ уонна сөҕө бэлиэтиэхтэрэ дии саныыбын. Баҕа санаам – бу испэктээги бэйэбит өрөспүүбүлүкэбитигэр хайаан да элбэхтик көрдөрүөхтэрин наада.

Сүрүн дьоруой оруолун толорооччу Алексей ПАВЛОВ испэктээк туһунан санаатын этэригэр көрдөспүппэр маннык хоруйдаата:

–   “Ричард III” испэктээги тыйаатыр айар кэлэктиибэ балаҕан ыйыттан бэлэмнэнэн таһаардыбыт. Суолталаах үлэбит этэҥҥэ сүрэхтэннэ. Саҥа испэктээк ыалга оҕо төрүүрүгэр тэҥнээх. Оннук үөрүүлээх уонна долгутуулаах. Кэлин бу “оҕо” хайдах улаатан, атаҕар туран барара   көрөөччүттэн улахан тутулуктаах. Былаас былдьаһыыта былыр былыргыттан баар. Өлөрсүү, бэйэ-бэйэни киирсиһиннэрии ону кытта аргыстаһа сылдьар көстүү. Олох үтүө уонна мөкү охсуһуутуттан турар. Ону тиэрдэр сорукпутун көрөөччү өйдөөтө. Ол иһин испэктээкпит табылынна дии санаатыбыт –  саалаттан олох ураты салгын илгийэн, күүстээх эниэргийэ кэллэ. Бу үлэбит сценаҕа өссө да тахса туруоҕа.

60 сааспар Ричарды оонньообут киһи диэн баҕа санаалаах этим. Уильям Шекспир айымньытын сүрүннээн сиппит-хоппут артыыс оонньуур. Онон ити үрдэлгэ кэлэн, көрөөччү сыанабылын ыллым диэн үөрэбин.

Бу айымньыны оскуола оҕото билиэн наада. Үүнэр көлүөнэ тыйаатырынан буоларбыт быһыытынан, репертуарбытыгар Уильям Шекспир айымньыларын үөрэтэллэрин быһыытынан, оскуола оҕолоро анаан кэлэн көрөллөрүн учуоттаан таҥабыт.

Үбүлүөйдээх испэктээктэрин кэнниттэн тыйаатыр уус-уран салайааччыта АлексейПавлов аны өссө биир дьоһуннаах үбүлүөйгэ бэлэмнэнэр. Тыйаатыр былаана өссө да үгүс.

Үүнэр көлүөнэ тыйаатыра 1992 сыллаахха СӨ Бырабыытылыстыбатын ыйааҕынан тэриллибитэ. Онон сэтинньи 10 күнүтэн тыйаатырбыт 25 сыллаах үбүлүөйүн бэлиэтиэхпит. Онно үбүлүөйдээх дэкээдэ буолуоҕа. Биллэн турар, бастыҥ испэктээкиллэр туруохтара. Ол кэнниттэн Москваҕа “Кыһыл көмүс Витязь” тыйаатыр форум-бэстибээлигэр баран кыттыахпыт. “Үс түүн” диэн Николай Гоголь “Вий” диэн сэһэнинэн туруоруллубут испэктээги көрдөрүөхпүт. Маны таһынан, Чувашия Чебоксары куоратыгар тиийэн, Эжен Ионеско ”Беранже хоруол” пьесатынан уоннаДьол тааһа” диэн хотугу норуоттар номохторунан турбут испэктээкиллэри көрдөрүөхпүт, –   диэн кэпсиир Алексей Павлов.

Дьэ, онон Үүнэр көлүөнэ тыйаатырыттан көрөөччү бэртээхэй испиктээгиттэн санаата көнньүөрэн, бэркэ үөрэн-көтөн: «Көрсүөххэ диэри!»   диэн өссө да кэлэрдии оҥостон тахсан барда.

Елена ПОТОЦКАЯ, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

 Ааптар хаартыскаҕа түһэриитэ.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0