Өргүөт олохтоохторо: «Оҕолорбутугар дьоллоох оҕо сааһы баҕарабыт»

Бөлөххө киир:

Үөһээ Бүлүү улууһун Өргүөтүн  «Тойоку эр дьонун түмсүүтэ»   нэһилиэк саамай үрдүк сиригэр  оҕолорго анаан сырылыыр сир оҥордулар.

Улуус дьаһалтатын инстаграмҥа баар страницатыгар Өргүөттэн Андрей Николаев:

— Үс күннээх үлэ түмүктэнэн, оҕолор сырылыыр  сирдэрэ бэлэм буолла. Түгэнинэн туһанан, ОДьКХ   үлэһиттэригэр  улахан махталбытын тиэрдэбит. Бэйэлэрин тыраахтардарынан,  бураннарынан кэлэннэр, сырылыыр сир оҥоруутугар  күүскэ ылсан  үлэлэстилэр. Махтал тылларын тиэрдэбит нэһилиэкпит биир тутаах үлэһит уолугар Данил Ивановка  уонна култуура киинин үлэһиттэригэр.  Күндү көмүс ымыыларбытыгар дьоллоох оҕо сааһы баҕарабыт! — диэн суруйда.

Видеоны ссылканан киирэн көрүҥ https://www.instagram.com/p/CahNpsIAADY/

edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0