Аам-даам тымныылаах ахсынньы биир үтүө күнүгэр сонун кинигэ онлайн-сүрэхтэниитэ буолан, дууһабытыгар кыһыҥҥы тымныыбыт кылгас да кэмҥэ кыйданарга дылы буолла.
Бу күн Арассыыйа Суруналыыстарын, СӨ Суруйааччыларын сойуустарын чилиэнэ Вера Спиридоновна Солдатова-Нанова «Өргүөт кыыһа» диэн поэманан кинигэтин сүрэхтэниитигэр өрөспүүбүлүкэ уонча улууһуттан, ону сэргэ Финляндияттан, Питертэн, Астраханьтан, Калининградтан, о.д. а. куораттартан кыттыһан, тэрээһин кэскилэ өссө тэнийдэ.
Ону сэргэ, педагогика наукатын хандьытаата Маргарита Винокурова, «Водоканал» генеральнай дириэктэрэ Анатолий Кырджагасов, устуоруйа наукатын хандьытаата Надежда Харлампьева, «Кэскил» хаһыат эрэдээктэрэ Татьяна Жиркова, Өргүөт нэһилиэгин бибилэтиэкэтин үлэһиттэрэ уо.д.а. сүрэхтэн этиллэр истиҥ иэйиилэрин биллэрдилэр.
Сүрэхтэнии дьоро күнүн Норуот айымньытын дьиэтин эппиэттээх үлэһитэ Любовь Ивановна Васильева иилээн-саҕалаан ыытан, бүгүҥҥү «буруйдаах» эрэ буолбакка, үгүс киһи төрөөбүт дойдута Өргүөт салгынын, тыынын сүрэҕэр-быарыгар иҥэриннэ.
Кэпсэтии, ырытыһыы Олоҥхо тыйаатырын уус-уран салайааччыта Майя Власьева норуот номоҕун ааҕыытыттан саҕаланна. Убаастыыр, ытыктыыр киһилэрин араас сыллардааҕы хоһооннорун элбэх кыттааччы, оскуола оҕолоро ис дууһаларыттан ааҕан, төрөөбүт дойдуга тардыһыы күндүтүн, алаас ахтылҕанын күүһүн биллэрдилэр.
СӨ Национальнай бибилэтиэкэтин кылаабынай бибилэтиэкэрэ Сардаана Алексеева поэтесса урукку кинигэлэрин көрдөрө-көрдөрө, сэргэх ырытыыны оҥордо.
«Өргүөт кыыһа» сүрэхтэниитигэр кыттыбыт дьон Вера Спиридоновна саҥа айымньытын номнуо аахпыт, билсибит буолан, дириҥ хорутуулаахтык ырыттылар. Поэтесса, СӨ Суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ Саргылана Спиридонова-Кэрэмэс Кийиитэ Вера Солдатова «Өргүөт кыыһын» бастакы улахан суруйуута буолбатаҕын, бу да иннинэ улахан айымньылардааҕын тоһоҕолоон бэлиэтээтэ.
Социология наукатын дуоктара Ульяна Винокурова:
«Вера Спиридоновна, эйигин оҕо суруйааччыта буолар кыахтаах эбит дии санаатым. Уопсайынан, биһиэхэ оҕо суруйааччылара тиийбэттэр, баар да буоллахтарына олох ахсааннаахтар. Төрөөбүт төрүт тылбытын ыччаттарга иҥэриэххэ, оҕолору сахалыы иитиэххэ, үөрэтиэххэ диибит да, буукубаартан саҕалаан алын кылаас үөрэнээччилэригэр суруллубут кинигэлэри ааҕаргар арыт киһи тыла кыайан өҕүллүбэт. Оттон Вера Спиридоновна хайдах эрэ чөкө бэйэлээхтик, хомоҕой тылгынан ойуулуур-дьүһүннүүр, дорҕоону таһаарар кыахтааххын. Оҕолорго анаабыт үгүс хоһоонуҥ ырыа курдук, олус хайҕыы иһиттим. Арааһа, ырыаһыт, муусукаҕа дьоҕурдааҕыттан буоллаҕа буолуо дии санаатым. Онон, салҕыы оҕо суруйааччытын быһыытынан эмиэ үлэлээтэххинэ сатаныыһы дии санаатым.
«Өргүөт кыыһа» поэмаҕынан анимация дуу, аниме дуу, мультипликация дуу, видео-киинэ дуу, уопсайынан ханнык эрэ саҥа коммуникационнай технологиялары туһанан оҥорор туһунан тапталлаах сиэннэргиниин толкуйдуоххун сөп эбит дии санаатым. Манна сиэттэрэн эттэххэ, дьиэ кэргэнинэн ааҕыы олус туһалаах буолуо этэ, оччотугар дьиэ кэргэн биир уопсай идеялаах, суоллаах-иистээх, хайысхалаах буолуо этэ», -– диэн алгыс тылын тириэртэ.
«Ымыы буолбут ырабын суруйдум»
Вера СОЛДАТОВА:
«Өргүөт кыыһа» диэн номоҕу улаханнык убаастанар, биһиги төрөөбүт дойдубут устуоруйатын, дьонун-сэргэтин туһунан элбэҕи сурукка-бичиккэ тиһэн хаалларбыт учуутал, кыраайы үөрэтээччи Иван Касьянович Васильев “Үһүйээннэр, номохтор, сэһэннэр” диэн 2013 сыллаахха бэчээттэммит кинигэтиттэн ааҕан, ол кылгас үһүйээн ис хоһоонуттан санаа сайыннаран хоһоон көрүҥүнэн суруйдум.
Биһиги кырабытыгар дьоммутун кытары “Сырдык” диэн ыраах учаастакка олорбуппут. Онно Хаптаала Охонооһой диэн тулаайах оҕонньор баара. Наһаа көнө, сымнаҕас киһи курдук өйдөөн хаалбыппын. Ол оҕонньордоох баар-суох соҕотох кыыстара сайын үөрэҕиттэн сатыы дьонугар кэлэн иһэн, аара суолга сүтэн хаалбыта диэн кэпсэтэллэрин истэ улааппытым уонна Хаптааланы көрдөхпүнэ наһаа аһынарым, кини кыыһа хаһан эмэ аҕатыгар төннөн кэлиэн наһаа күүскэ баҕарарым… Ол санааны иитиэхтии сылдьар буолан, “Хаптаала” диэн хоһоон суруйбутум…
Онтон, бу үһүйээни ааҕан баран, баҕа санаа ымыыта оҥостубут ырабын суруйдум быһылаах. Кыыспын Намыына диэн ааттаатым. Күүстээх санааны, сатабылы, өйү иҥэрдим. Олоххо тапталы көрүһүннэрдим», -– диэн саҥа кинигэтин туһунан билиһиннэрдэ.
Санааттан санаа саҕыллар:
«Поэманы наһаа долгуйа-үөрэ ааҕан бүтэрдим, чахчы да сүрэххэр иитиэхтээн илдьэ сылдьыбыт эбиккин уонна төлө биэрэн биир тыынынан суруйбуккун, айымньыҥ хас биирдии тыла бэйэтин миэстэтигэр кэлэн испит. Ис хоһооно үчүгэй, харахпар киинэ курдук көһүннэ. Күндү чөмчүүк айымньы. Кинигэҥ киэргэтитиин Норуот айымньытын дьиэтэ оҥорбута олус үчүгэй, тупсаҕай.
( О.В.Омукчанова, Санкт Петербург).
ххх
Манна сыһыаран эттэххэ, бу күннэргэ «Оҕолорго сурутууну бэлэхтээ» диэн сурутуу аахсыйатыгар Вера Спиридоновна тапталлаах Өргүөтүгэр уонна Үөһээ Бүлүүгэ олорор хоһоонньут оҕолоругар кинигэтин сүрэхтэниитигэр поэматыттан быһа тардан аахпыттарыгар махтанан туран, «Кэскил» хаһыакка 2022 сыл маҥнайгы аҥаарыгар суруйтаран бэлэх уунна.
Үйэтин тухары салайар үлэҕэ үлэлээбит, үгүрү үлэһитинэн, сайдам майгытынан сахатын дьонун ытыктабылын ылбыт Вера Солдатова билигин, төһө да сынньалаҥҥа олордор, эдэрдии эрчимин ыһыктыбат, аныгы кэм тэтимин кытта тэҥҥэ айанныыр. Кини айар үлэтин сэргэ (быйыл икки кинигэни күн сирин көрдөрдө), социальнай ситимнэргэ биэрэр сүмэлээх сүбэлэринэн, сэргэх сэһэнинэн кэрэни үксэтэр, бу олохтон истиҥи эрэ ылыаххын баҕарарыҥ күүһүрэр.
Варвара Потапова:
«Кэрэ да дьылҕалаах дьону мин көрөбүн,
Кинилэргэ ымсыыра мин сүгүрүйэбин», -– диэн эппитин, ааҕааччы быһыытынан, Вера Спиридоновнаҕа аныахпын баҕарабын.
ЫСПЫРААПКА:
Вера Нанова-Солдатова 1951 сыллаахха Үөһээ Бүлүү улууһун Өргүөт нэһилиэгэр төрөөбүтэ. 1975 сыллаахха — Бүлүүтээҕи педучилищены, 1979 – Москватааҕы култуура институтун, 1991 – Новосибирскайдааҕы политологическай институту бүтэрбитэ. Орто Халыма улууһугар норуодунай театр режиссерунан, култуура салаатын сэбиэдиссэйинэн, баартыйа райкомун идеологияҕа салаатын сэбиэдиссэйинэн, “Халыма долгуннара” хаһыат эрэдээктэринэн, “Сахаполиграфиздат” улуус хаһыаттарын, типографияларын салайар салаа начаалынньыгынан, Дьокуускай куорат мээрин солбуйааччытынан, “Октябрьскай”, “Губинскай” уокуруктар баһылыктарынан дьон-сэргэ истиҥ биһирэбилин ылан, үрдүк таһаарыылаахтык үлэлээбитэ.
Вера Нанова-Солдатова “Дойдум тыына”, “Тойокубар – дойдубар”, ”Бүгэн сыппат Бүлүү эбэм”, “Кынаттаабыт кыһабыт” хоһоон хомуурунньуктардаах, икки ахтыы кинигэлээх. Норуот уоһуттан түспэт “Айан ырыатын” тылын ааптара. Кини -– Арассыыйа Суруналыыстарын, СӨ Суруйааччыларын сойуустарын чилиэнэ, СӨ норуотун хаһаайыстыбатын
үтүөлээх үлэһитэ,СӨ култууратын туйгуна, Арассыыйа кырдьаҕас куораттарын ассоцияциятын бочуоттаах чилиэнэ, Орто Халыма, Үөһээ Бүлүү улуустарын, Өргүөт нэһилиэгин Бочуоттаах олохтооҕо. ”Гражданскай килбиэн”, “Арассыыйа-Саха сирэ” 375, 380, 385 сылларынан үбүлүөйдээх мэтээллэр, “Дьокуускай куорат сайдыытыгар үтүөлэрин иһин”, “Норуот талааннарын сайыннарыыга үтүөлэрин иһин”, “БПУ бастыҥ выпускнига”, о.д.а. элбэх бэлиэлэр хаһаайыннара.
Вера Спиридоновна дьиэ кэргэнин кытары Дьокуускай куоракка бочуоттаах сынньалаҥҥа олорор.
ххх
«… Ол курдук түүнү быһа
Оонньоон өлө сылайаллар,
Ураһаларын анныгар
Уонна охтон хаалаллар.
Эһиги саһан кэлэҥҥит
Эргийэн кирийээриҥ,
Утуйуохтарыгар диэри
Ураһаларын кэтээриҥ.
Утуйдаллар эрэ мин
Ураһа кэннигэр тахсыам,
Уонна маҥан тириини
Онно ыйаан кэбиһиэм…
Ону көрө сытаҥҥыт
Ойон киирэн ытыалаан
Ороспуойдары өлөрдөргүт,
Оччоҕо, дьэ, быыһанабыт!
Сыыһа туттар түгэҥҥэ
Сылдьыбыппыт, дьэ, сыччах,
Түргэн-тарҕан туттунуу,
Түгэн эрэ быыһыаҕа».
Доҕорун тылын-өһүн
Дьоһуннанан истибитэ,
Долоҕойугар тохтотон
Толорорго тиийбитэ.
(«Өргүөт кыыһа» кинигэттэн быһа тардыы)
Надежда ЕГОРОВА, «Саха сирэ», edersaas.ru