РФ Тутууга министиэристибэтэ ханнык дьиэлэр хаарбах буолалларын бигэргэттэ

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

Арассыыйа Тутууга министиэристибэтэ ханнык дьиэлэр хаарбах буолалларын бигэргэттэ.

Иҥнэйбит, алдьаныылаах-кээһэниилээх дьиэлэр олорорго сөптөөҕүнэн билиниллиэхтэрин сөп. Маннык дьиэлэргэ олоруохха сөп, ол эрээри тэхиньиичэскэй туругун мэлдьи кэтэниллиэхтээх. Бу туһунан Тутуу министиэристибэтин бирикээһигэр этиллэр. Докумуон 2021 сыл алтынньы 12 күнүттэн күүһүгэр киирэр диэн “Праламентская газета” иһитиннэрэр.

Бирикээскэ ханнык дьиэлэр олорорго сөптөөх эрээри, хааччахтаах буолаллара ыйыллыбыт. Бу иҥнэйбит, алдьаныылаах дьиэлэр. Ол эрээри маннык дьиэлэр эмискэ сууллубаттар, бигэ тирэхтээхтэр. Олорорго хааччахтааҕынан билиниллибит дьиэҕэ олоруохха сөп, өскөтүн бу дьиэ тэхиньиичэскэй туругун кэтээн көрөр эбэтэр дьиэ конструкцията уонна олоҕо бөҕөргөтүллүбүт буоллаҕына.

Элбэх кыбартыыралаах дьиэлэр хааччахтаах көҥүллээх буолалларын бигэргэтэргэ эрэгийиэннээҕи биэдэмистибэлэр икки ардыларынааҕы хамыыһыйа үлэлиэхтээх. Тэхиньиичэскэй сыанабылы оҥорорго дьиэни бас билээччилэртэн сайабылыанньа киириэхтээх, ол иһигэр Госөҥө порталын нөҥүө. Элбэх кыбартыыралаах дьиэни олорорго хааччахтааҕынан билиниини РФ субъега хамыыһыйа туһааннаах быһаарыытын ылан баран, 30 күн иһинэн быһаарыахтаах.

Ол кэнниттэн олохтоох былаас сайаапка биэрбит киһиэхэ бу дьиэ олорорго хаччахтааҕын туһунан суругунан эбэтэр электроннай көрүҥүнэн иһитиннэриэхтээх.

Сахаговтан

Бэлэмнээтэ Женни Стрюкова

Хаартыска: тустаах саайтан

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0