РФ Бырабыыталыстыбата ойуур баһаардарын умулларааччылар аһылыктарыгар үп көрүөҕэ

Ааптар: 
28.07.2020
Бөлөххө киир:

Саха сирин баһылыга Айсен Николаев РФ Бэрэсидьиэнигэр ойуур баһаарын умулларыыга үлэлээччилэри босхо аһылыгынан уонна уунан хааччыйар туһунан туруорсуута федеральнай таһымҥа быһаарылынна.

Бу туһунан Айсен Николаев брифинин кэмигэр, от ыйын 28 күнүгэр иһитиннэрдэ.

“Билэргит курдук, кэнники нэдиэлэҕэ баһаардары суһаллык умулларар соругу толорууга федеральнай бүддьүөттэн миллиард аҥаара эбии үп көрүлүннэ. Ону сэргэ уоту утары  туруулаһааччыларга федеральнай бүддьүөт суотугар босхо аһылыгынан хааччыйар туһунан быһаарыы ылылынна. Мин бу туһунан Владимир Владимирович Путинтан көрдөспүтүм, туруорсубутум. Онон дойду баһылыгын өйөбүлүнэн өрөспүүбүлүкэҕэ тыын суолталаах боппуруос олоххо киирэр буолла”, — диэтэ өрөспүүбүлүкэ баһылыга.

Санатан эттэххэ, бу сыл муус устар ыйыгар РФ Бэрэсидьиэнэ Арассыыйа эрэгийиэннэригэр баһаардары уонна халааны утары балаһыанньанан ыыппыт сүбэ мунньаҕын кэмигэр Айсен Николаев Арассыыйаҕа тыаҕа  турбут уоту умулларыыга кыттааччылары босхо аһылыгынан уонна уунан федеральнай бүддьүөт суотугар хааччыйыы кыһалҕатын туһунан боппуруоһу көтөхпүтэ.

Владимир Путин бу кыһалҕа туоратыллыахтаах диэн сөбүлэспитэ уонна бу боппуруоһу быһаарарга сорудахтаабыта. “Босхо аһылык уонна босхо уу туһунан. Маны уһаппакка быһаарыҥ”, — диэн бэрэсидьиэн дьаһайбыта.

Бэлэмнээтэ Женни СТРЮКОВА.

Хаартыска: интэриниэттэн

 

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0