РФ Бырабыыталыстыбата хаарбах дьиэттэн дьону көһөрөргө аналлаах саҥа бырагырааманы үлэлэтэн эрэр

Ааптар: 
25.08.2022
Бөлөххө киир:
РФ Бырабыыталыстыбата хаарбах дьиэттэн дьону көһөрүүгэ саҥа бырагырааманы үлэлэтэн эрэр. Ол туһунан Бырабыыталыстыба телеграм-канаалыгар иһитиннэрдилэр. 
Саҥа бырагыраама хаарбах дьиэни көтүрүүнү түргэтэтиэҕэ. Итинтэн сылтаан дьон саҥа уонна хаачыстыбалаах дьиэлэринэн хааччыллыахтара. Быйылгы сылга тустаах бырагыраамаҕа 22,5 млрд солк. көрүллүбүт.  Көрүллүбүт үбү 2017 сылтан хаарбах туруктаах дьиэлэртэн көһөрүүгэ ылыммыт былааннарын быйыл ыам ыйын 1 күнүгэр диэри түмүктээбит 9 эрэгийиэн ылыаҕа. Бырагыраама олоххо киирдэҕинэ, 26,5 тыһ. киһи олорор усулуобуйатын тупсарыаҕа.
«Биһиги, төһө кыалларынан, территориялары биир кэлимник көрөн тупсарыахтаахпыт. Онно саҥа дьиэлэр тутуллуулара төһүү күүһүнэн буолуохтара», — диэн РФ премьер-миниистирэ Михаил Мишустин этэр. Санатар буоллахха, тустаах үлэ РФ Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин быһаччы сорудаҕынан ыытыллар.
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0