РФ Бэрэсидьиэнэ оҕо төрөөһүнүн үрдэтиигэ саҥа миэрэлэри толкуйдуурга соруйда

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

РФ Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин бу күннэргэ РФ Бырабыыталыстыбатыгар дойдуга оҕо төрөөһүнүн көрдөрүүтүн үрдэтиигэ уонна оҕолоох ыаллары өйүүргэ саҥа миэрэлэри толкуйдуурга сорудахтаата.

Кремль саайтыгар тахсыбыт докумуоҥҥа суруллубутунан, соруйуу балаҕан ыйын 15 күнүгэр диэри оҥоһуллуохтаах. Маныаха үлэ РФ Судаарыстыбаннай сэбиэтин кытта тэҥҥэ ыытыллыахтаах диэн «Российская газета» саайта суруйар.

Бэрэсидьиэн соруйуутугар доруобуйа харыстабылыгар, үөрэхтээһиҥҥэ, олорор дьиэнэн хааччыйыыга, оҕолоох дьиэ кэргэн дохуотун элбэтиигэ эмиэ миэрэлэр көрүллэллэригэр ыйда.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0