Режиссердар күөн күрэстэрэ буолан ааста

05.04.2022
Бөлөххө киир:

Хатаска суруйааччы, драматург, Алампа  аатынан  бириэмийэ  лауреата Дмитрий  Федосеевич Наумов көҕүлээһиниэнэн,  Норуот айымньытын  өрөспүүбүлүкэтээҕи дьиэтин өйөөһүнүнэн «Режиссердар күөн күрэстэрэ» диэн  сылын аайы ыытыллан үгэскэ киирбит кэтэһиилээх – күүтүүлээх тэрээһин быйыл да олус тэрээһиннээхтик үрдүк таһымнаахтык ыытылынна.

Бу тэрээһин ааптарын  биир сүрүн сыалынан-соругунан норуодунай тыйаатырдарга көмөтө, өйөбүлэ – 100000 солкуобай уу харчынан бириэмийэтэ буолар. “Саха сирэ” хаһыат суруналыыһа  Надежда Егорованы  кытары кэпсэтиитигэр кини: «Мин тыаҕа үөскээбит уонна улааппыт,  кэлин араас үлэҕэ эриллибит киһи нэһилиэк дьоно-сэргэтэ, саха дьоно ханнык баҕарар тэрээһини судаарыстыбаҕа, салалтаҕа сэлээннээбэккэ, бэйэлэрэ көҕүлээн иилээн-саҕалаан ыыталларын билэбин» — диэн этэн турардаах. Онон,  кини бэйэтин өйүн-санаатын өркөнүн, билиитин-көрүүтүн дириҥин, салайар сатабылын да быһыытынан,  өр сылларга мунньуммут уопутунан да дьоҥҥо сэргэҕэ көмөлөстөрбүн, тирэх, өйөбүл буолларбын диэн санаата бу күрэххэ чаҕылхайдык көстөр.

Биһиги, хатастар,  бу күрэҕи иккис сылын ыытабыт. Үйэ чиэппэриттэн ордук “Туску” Култуура киинин салайан кэлбит Людмила Михайловна Чепалова бу тэрээһиҥҥэ олох улахан болҕомтотун ууран туран былырыын,  этэргэ дылы,  олох чаһы курдук чуолкайдык барбыта. Быйыл да кини үлэтин салҕааччылара тэрээһини бары өттүттэн көрөн, аан айаҕар алгыстаах алаадьынан көрсөртөн саҕалаан биир да түгэни мүлчү туппат курдук кыһалынныбыт.

Быйылгы тэрээһин кыттыылаахтара кимнээхтэрий? Бастатан туран,  киэн тутта, сөҕө махтайа, махтана кэпсиир кэлэктииппит  Анаабыр улууһугар 1978 сылтан үлэлиир Сааскылаах М.П.Решетникова аатынан норуот тыйаатыра (режиссер Андросова Зинаида Дмитриевна) буолар. Кинилэр бу бэһис төгүлүн ыытыллар тэрээһиҥҥэ иккис кэлиилэрэ. Бастакытын Аммаҕа кэлэнннэр соһуппуттара да,  үөрдүбүттэрэ да. Дьэ,  санаан көрүҥ,  2621 килэмиэтири сааскы халтараан суолунан чахчыта да баҕалаах дьон кэлэллэрэ мөккүөр буолбатах. С.Иванов-Чочу Сэмэнэ аатынан норуот тыйаатыра (режиссер Дмитриева Нюргуна Захаровна)  Бүлүү улууһун Чочутуттан  бу тэрээһиҥҥэ аан маҥнайгы кыттыылара буолла. Мэхээлэ Дьөгүөрэп аатынан сынньалаҥ киинин Бэрдьигэстээхтээҕи норуот тыйаатыра  (режиссер  Мартынова Елизавета Иевна) иккиһин кытынна, «Сыккыс» норуот тыйаатыра Аллараа Бэстээхтэн (өрөсүссүөр Мария Сергеевна Владимирова)  уонна Хатастааҕы норуот тыйаатыра (режиссер Семенова Евдокия Ефимовна)  икки бөлөҕүнэн кытынна.

Бу күрэх биир уратыта —  бирииһи биэрээччи, айымньы ааптара түмүгү таһаарарга  оруола суох… Түмүгү дьүүллүүр сүбэ таһаарар, кыайыылааҕы быһаарар. Бу түгэни Дмитрий Федосеевич маннык быһаарар: «Мин суруйбутум – туһунан айымньы, онтон режиссердар туруоруулара – эмиэ туһунан айымньы».

Омос көрдөххө, бириэмийэ хаһаайынын санаата суох тиксэрэ хайдах эрэ курдук дии. Ол эрэн,  кини ити курдук анал үөрэхтээх дьоҥҥо убаастабыла, кинилэр көрүүлэрин билиниитэ, киһи быһыытынан үтүө хаачыстыбата, үрдүк култуурата киниэхэ ытыктабылы, убаастабылы дириҥэтэр, киэн тутуннарар. Быйылгы күрэх «Гибернация» диэн айымньыга олоҕурда. Манна даҕатан эттэххэ,  Миитэрэй Наумов айымньылара баһыйар үгүс өттө олоххо баарга олоҕураллар. Хаһан да буоларын курдук,  тиэмэтэ халлаантан кэлбэтэх  — үгүс элбэх научнай үлэлэрдээх  учуонай Угаров Гавриил Спиридонович «Гипобиология» диэн үлэтигэр баар эбит.

Тыйаатырдар бары да ох курдук оҥостон, бэлэмнэнэн, бэйэлэрин көрүүлэрин көрөөччүгэ тиэрдэрдии сыал-сорук туруорунан кэлбиттэр. Ол эрэн,  саха дьонун сиэринэн бары сэмэйдэр. Били туох сонун диэтэххэ:  «Ээ, суох, улахан сонун суох”, —  диэн баран бүппэт сэһэн курдук, бары: «Ээ, бэлэммит,  үчүгэйэ суох, дьэ хайдах буолар?” —  дэһэллэр. Анаабырдар ынах сүөһү быһыытын-майгытын  наһаа үчүгэйдик билбэт эбиппит дэһэллэр. Чочулар бу ыраах айаҥҥа саҥа кэллибит, урукку өттүгэр элбэх күрэххэ кыттыбатахпыт диэн саллаллар. Онтон Бэрдьигэстээх тыйаатырыгар бу испэктээк,  этэргэ дылы,  «через тернии к звездам» диэбит курдук төрөөбүт, күн сирин көрбүт. Ыарыы-дьаҥ да мэһэйдээбит, айаннарыгар тиэхиньикэлэрэ да моһуоктаабыт. Ол да буоллар,  саха ньоҕой, ылсыбытын ыһыктыбат, туппутун бырахпат диэн  мээнэҕэ эппэттэр. Онон тиийэн-тиксэн кэлэннэр олох бэркэ кытыннылар.

Бэстээхтэр саҕалаатылар. Эдэр уолаттар итэҕэтиилээхтик оонньообуттара саха дьоно сүөһү көрүүтүгэр хас эмит үйэлэр тухары үөрүйэхпит баар эбит диэн санааны үөскэтэр. Биир бэйэм ити оонньообут уолаттар күн бүгүн сүөһү көрө сылдьалларын 100 бырыһыан саарбахтыыбын. Онон, бу испэктээккэ режиссер сыалы-соругу бэркэ таба тайанан туруорбут. Дьэ, ити курдук сыыйа итийэн-кутуйан, өссө иһирдьэ киирэн истибит. Биир айымньыны алтата көрдүбүт да,  сырыы ахсын хал буолбакка саҥаттан саҥа, сонунтан сонун көстүүлэри, көрүүлэри көрөн бириэмэни билбэккэ да хааллыбыт.  Мин биир бэйэм саха норуота кырдьык да бу талааннаах, дьоҕурдаах, тулуурдаах, дьулуурдаах, олоххо тардыһыылаах дьоннордоох буолан сайдыылаахпын диэччилэртэн саллыбакка, үүнүүлээхпин диэччилэртэн үтүрүллүбэккэ, киэбирэ быһыытыйбыттартан киэр анньыллыбакка аан дойду олоҕун кытта тэҥҥэ хаамсабыт диэн санаам өссө төгүл бөҕөргөөтө. Хас биирдии тыйаатыр  сулустардаах, чаҕылхай уобарастардаах, табыллыбыт түгэннэрдээх. Манна тыйаатыр  режиссердарыгар дириҥ махталы тиэрдэбит. Кинилэр хас биирдии артыыһы ис кыаҕын арыйар, уһугунннарар ньымалары, сүбэлэри-сүргэлэри, албастары буланнар испэктээктэр турдахтара. Онон, артыыстар тустарынан этэ да барбаппыт. Үлэ, дьиэ-кэргэн, атын да түбүк кэннэ күүс-сэниэ хомунан, баҕаран туран дьарыктанан, режиссер салайарыгар бэринэн, ол эрэн наадалаах түгэҥҥэ бэйэ көрүүтүн киллэрэн, бэйэ сыһыанын биллэрэн тыйаатыр  ускуустубатын нөҥүө дьону-сэргэни иитиигэ-үөрэтиигэ, олох сүрүн өйдөбүллэрин тиэрдиигэ үтүөлэрэ үрдүк.

Быйылгы тэрээһиммит үөрүүлээх сонунунан Томпо улууһун Кириэс Халдьаайытыттан кулууп дириэктэрэ Альбина Баланова  исписэлииһин кытта, Сунтаардааҕы норуот тыйаатырын дириэктэрэ Екатерина Григорьева анаан-минээн кэлэн,  хара сарсыардаттан киэһээҥҥигэ диэри сырыттылар, көрдүлэр-иһиттилэр, суруннулар, маастар кылааска дьарыктаннылар. Ол аата географиябыт кэҥээтэ.

Сынньалаҥҥа, испэктээктэр быыстарыгар артыыстары кытта кэпсэппиппитигэр бары тэрээһин таһыма үрдүгүн бэлиэтээн, тоһоҕолоон этэн туран махталлара улахан. Киириэхпититтэн алаадьы дыргыл сыта, аны эйигин эрэ кэтэһэн турбут дьон курдук үөрэ-көтө көрсүһүүлэрэ, ыксаабыт да киһини уоскуттугут, бэйэҕэ эрэли үөскэттигит дэһэллэр. Биирдии тыйаатыр бэйэтэ түһэр анал киэҥ-куоҥ хос биэрэҥҥит олох абыранныбыт, аны маастар-кылааска сылдьаммыт билиибитин – көрүүбүтүн хаҥаттыбыт, сатабылбытын чочуйдубут диэн үөрүүлэрэ үрдүк. Аны бу улуу дьоммутун Дмитрий Федосеевиһы, Гаврил Спиридоновиһы кытта субу курдук тутан туран, илии тутан дорооболоһон, куустуһан туран хаартыскаҕа түһүөм диэн санаабатаҕым даҕаны буоллаҕа диэн этэллэр. “Улуу дьоммут” диэн ити мин тылым буолбатах,  ити норуот (артыыстар, көрөөччүлэр) сыанабыллара.

Дьүүллүүр сүбэ сүбэлэһэр, ырытыһар кэмигэр Дьокуускайдааҕы А.Д.Макарова аатынан култуура уонна ускуустуба кэллиэһин уһуйааччыта Феофанова Оксана Артуровна «Театр без границ» диэн киэҥ ис хоһоонноох, араас элбэх ньыманы көрдөрөр, субу тутуһан туран  хамсаан-имсээн көрдөрөр маастар-кылааһы ыытта.

Дьүүллүүр сүбэ састааба:

 РФ тыйаатырдарын диэйэтэллэрин сойууһун чилиэнэ, СӨ култууратын үтүөлээх диэйэтэлэ, СӨ култууратын туйгуна, Үүнэр көлүөнэ тыйаатырын сүрүн режиссера  Александр Васильевич Титигиров;

РФ тыйаатырдарын диэйэтэллэрин сойууһун чилиэнэ, СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ, СӨ Геокультурнай сайдыы үнүстүтүүтүн сүрүннүүр методиһа Адамова Саргылана Саввична-Алтан Кыыс;

СӨ Норуот айымньытын дьиэтин норуот айымньытын отделын сэбиэдиссэйэ Захаров Алексей Константинович. 

   Номинациялар хаһаайыннара:

Бастыҥ сценография – Хатас тыйаатыра

Бастыҥ көстүүм – Хатас тыйаатыра

Бастыҥ музыкальнай киэргэтии – Хатас тыйаатыра

Бастыҥ эр киһи оруола – Хатас тыйаатыра, Владимир Петров

Бэстибээл эрэлэ –   Бүлүү Чочу тыйаатыра

Бастыҥ актерскай састаап – Бэрдьигэстээх Горнай улууһа

Бастыҥ дьахтар оруола (сүрүн) – Сааскылаах Анаабыр улууһа, Мила Андросова (Сергеева)

Бастыҥ дьахтар оруола – Бэрдьигэстээх Горнай улууһа, Варвара Саввина

Бастыҥ дьахтар оруола (2 былаан) – Бэрдьигэстээх Светлана Обутова

Бастыҥ эр киһи оруола (2 былаан) – Чочу Бүлүү улууһа,  Рудольф Томскай

Петровтар династияларын анал бирииһэ – Хатастааҕы норуот тыйаатырын өрөсүссүөрэ Семенова Евдокия Ефимовна. 

Дьэ,  уонна сүрүн 100000 солкуобайдаах кылаан кыайыылаах –  Мэҥэ Хаҥалас Аллараа Бэстээҕин тыйаатыра.

Киэн туттан эттэххэ,  “Бастыҥ оруол” диэн анал ааты ылбыт Мила Андросова Хатас орто оскуолатын бүтэрбитэ. Төрөппүттэрэ Мария, Филипп Сергеевтэр уус-уран самодеятельность актыыбынай кыттыылаахтара, Хатас олохтоохторо.

Күрэх тэрээһинин чэрчитинэн биирдии өрөсүссүөргэ анал суруктаах-бичиктээх сувенир куруусканы, хаартыскаҕа түһэргэ аналлаах банеры Хатастааҕы норуодунай тыйаатыр кэлэктиибэ уйунна. Суругун-бичигин, полиграфиятын, видео-хаартыска, анаалыстыыр матырыйааллары оҥоруу, сыананы, уоту-күөһү, дьиэни-уоту, тупсаҕай усулуобуйаны, аһы-үөлү, куйаар нөҥүө быһа биэриини   «Тускул» КК бэлэмнээтэ.

Түгэнинэн туһанан кэлбит дьон-сэргэ Г.Угаарап  кыраадыһын, тымтыгын атыыластылар. Күрэх кэннэ  Д.Ф.Наумов бэлиэтээһиннэриттэн быһа тардан  этэр буоллахха:

— Быйылгы тэрээһин хайдах эрэ ис иһиттэн холку, ыраас тыыннаах, сахалыы наҕыл, холку эрээри,  туппут тэтимин ыһыктыбакка киэһэ сөпкө бүттэ.

— ырытыһыыга, кэпсэтиигэ ким да ханна баран хаалбакка, толору састаабынан анал үөрэхтээх, уопуттаах да дьону иһиттилэр, бэйэ-бэйэлэрин кытта тото-хана кэпсэттилэр.

— эһиилги тэрээһиҥҥэ Амма улууһун Сулҕаччытыгар бу курдук сиэттиспитинэн тиийиэхтэрэ диэн эрэл санаа улаатта.

Түмүкпэр бу тэрээһинтэн дьоммут – сэргэбит үөрэн-көтөн баралларыгар төһүү күүс  буолбут Хатас норуот тыйаатырын  артыыстарыгар, “Маалгын” түөлбэ, “Алгыс” бэтэрээннэр кулууптарын салайааччытыгар Александра Ефимоваҕа, Петровтар династияларыгар дириҥ махталбытын тиэрдэбит.

Этэҥҥэ буол, күндү убаастабыллаах, ытыктабыллаах Дмитрий Федосеевич!

«Саха сирэ», edersaas.ru саайтка анаан Наталья РУФОВА

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0