Режиссер Любовь Борисова саҥа киинэтэ күһүн тахсыаҕа

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

«Не хороните меня без Ивана» диэн бырайыак Өрөспүүбүлүкэбит үбүлүөйүн бэлиэтиир сылбытыгар, бу күһүн, киэҥ экраҥҥа тахсара былааннанар. Бу “Сахафильм” судаарыстыбыннай киинэ хампаанньа Москва куорат “Студия Автор” киностудиятын кытта кыттыһан, Арассыыйа култууратын министиэристибэтин сакааһынан, Саха сирин култууратын уонна духуобунай сайдыы министиэристибэтин кыттыылаах уһулбуттара.

Ааспыт сайын бу бырайыак хайдах үөскээбитин, сайдыбытын үлэҕэ киирбитин туһунан киинэ режиссерун Любовь Борисовалыын кэпсэппитим. Оччолорго кини киинэтин уста Тааттаҕа бараары сылдьар этэ.

Саха сирин маҥнайгы идэтийбит худуоһунньуга Иван Попов атаһынаан Ыстапаан Бэрэсиэкэптиин биир айаннарын туһунан кэпсиир курус кэмиэдьийэ хайдах айыллыбытын туһунан ааптар бу курдук кэпсиир.

Бэрэсиэкэп Нөмүгүттэн

Уонча сыл анараа өттүгэр Ykt.ru блогтарыгар «Летаргический сон якутского косарядиэн бэрт дьикти суруйууну alex02 диэн ааттаах блогер таһаарбытыгар таба тайанан аахпытым. Саха сирин маҥнайгы идэтийбит худуоһунньуга Иван Попов хайдах курдук летаргическай турукка киирбит саха киһитин быыһаабытын, онтон сылтаан доҕордоспуттарын туһунан кэпсээн өйбөр хатаммыта.

Ыспыраапка: Летаргия – дириҥ утуйууга майгынныыр турукка киирии, ыарыы көрүҥэ. Аҕыйах чаастан хас да нэдиэлэҕэ тиийэ уһуон сөп. Оннук олус уһуннук (летаргияҕа) утуйбут ыарыһыах өлбүт киһи курдук буолар диэн бэлиэтииллэр, тыынара биллэр-биллибэт, тымырын тэбиитэ сүтэр, этэ-сиинэ кубарыйар, күүстээх да ыарыыттан хамсаабат.

Сыл анараа өттүгэр “Тиэтэйбит” кэмиэдьийэ премьератын кэниттэн дьиэбэр айаннаан иһэн бу кэпсээни өйдүү биэрэн “киинэ устуохха сөп эбит” диэн элэс санаа киирэн ааспыта. Таатта туһунан киинэ сабыдыаллаатаҕа? Ити кэнниттэн, өссө даҕаны бигэ санаа ылына илик этим, Нөмүгүгэ “Саха тылын күнэ” тэрээһиҥҥэ тиийэ сылдьыбытым. Онно Прокопий Романович Ноговицын биир киһини илдьэ кэлэн “Киинэһиттэр, бу киһини өйдөөн көрүҥ, киинэҕэ уһуллуон сөптөөх, бэрт дьоҕурдаах киһи!” диэтэ. Эрглиллэн көрбүтүм… Бэрэсиэкэп бэйэтинэн турар! Мэктиэтигэр, Попов түһэрбит хаартыскаларын саҥаттан арыйан көрбүтүм, олох үүт-үкчү! Ити курдук киинэм биир сүрүн артыыһын кытта, Александр Чичаховтыын билсибитим.

 

Ити кэнниттэн, “үөһээттэн этии” ылбыт курдук сананан, сценарий суруйуутугар киирбитим. Бэрт элбэх киһини кытта кэпсэппитим, сиэн аймаҕа Люция Саввична Попова олус элбэҕи кэпсээбитэ. Бастаан көрдөөх ис хоһоонноох, чэпчэки сюжет оҥорор санаалаах этим эрээри, Иван Попов биографиятын ааҕа олорон, кини ыар дьылҕатыгар баттатан, курус баҕайы сценарий суруйбутум. Ону салайааччыбытыгар Дмитрий Шадриҥҥа “көр, сыаната быс” диэн биэрбиппин, үргүлдьү Москваҕа ыыппыт. Онно суруйуубун сэҥээрбиттэр, хас да түһүмэх кэпсэтии, питчинг кэнниттэн “Студия “Автор” ХЭУо Иван Болотников продюсерскай киинин кытта холбоһон киинэтэ оҥоруохха диэн буолбута.

Көрдөөтөххө бэйэтэ кэлэр

Киинэм сэһэнэ трагедияҕа майгынныыр буоларын бэйэм сөбүлээбэтэҕим. Ону кытта Арассыыйатааҕы партнердарбыт эмиэ сөбүлэспиттэрэ. Юлия Клименко диэн кыыс миэхэ соавтор быһыытынан анаммыта. Бастаан онлайн суруйсубута, соччо таһаарыыта суох үлэ этэ. Онтон сааһыары манна кэлэн кыттыспытыгар, дьэ уубутугар-хаарбытыгар киирэн үлэлээбиппит. Биирдэ Кырдьаҕас куорат устун куораты көрдөрө, күүлэйдии сылдьыбыппыт. Арай, остуруок башнятын аанын биир киһи арыйа турар эбит уонна биһигини ыҥыран далбаатыыр. Тиийбиппит, Александр Дьяконов эбит (били alex02 диэн аатынан Бэрэсиэкэп туһунан суруйбут киһи. Кини дьоҥҥо биллэр кыраайы үөрэтээччи, олус киэҥ билиилээх, пааматынньыктары харыстыыр уопсастыба салайааччыта). Бастакыбын ити тутууга киирбитим, үөһээнэн-ааллараанан экскурсия курдук ыытта, арай истиэнэ аайы Иван Попов хаартыскалара, хартыыналара кырыы кырыынан ыйанан тураллар! Александр Васильевич үлэбитин сэҥээрбитэ, бэрт элбэх туһалаах сүбэлэри биэрбитэ. Киинэбит научнай эспиэрдэ буолбута. Дьэ, кини тоҕо уулуссанан хааман иһэр билбэт дьонун ыҥырбыта буолуой?

Ыспыраапка 2: Бу дьиҥнээх буолбут түбэлтэ. Ыстапаан Бэрэсиэкэп (араас ахтыыларга араспаанньата тус-туһунан суруллар – Боросоков, Бересеков, Бөрөсүөкэп) “өлбүтэ” икки хонук ааһан, таҥара дьиэтигэр ыллана сытан, эмискэ титирии-титирии хоруобуттан туран кэлбит. Саалтыыр ааҕа олорбут уол (Николай Попов, Иван Попов бииргэ төрөөбүт инитэ) куттанан куоппут, Ыстапаан чугас турар Иван Попов балаҕаныгар тиийэн худуоһунньуктан көмө көрдөспүт. Онуоха кини Ыстапааҥҥа сылаас чэй иһэрдэн, ириэрэн, уоскутан баран, “летаргия” диэн тугун Попов быһааран биэрбит. Ол кэнниттэн, Бэрэсиэкэби итинник турукка алтата киирэ сылдьыбыт, дьоҥҥо-сэргэҕэ “Уйбааҥҥа көрдөрөн баран көмөөрүҥ!” диэн куруутун сэрэтэр эбит. Поповтуун бэрт чугас доҕордуу буолбуттар, Бэрэсиэкэп элбэх хаартыскалара бүгүҥҥү күҥҥэ диэри тиийэн кэлбиттэрэ. 

Иван Попов Литваттан

Бырайыак саҥатыгар Иван Болотников миэхэ эрийэн ирэ-хоро кэпсэппиппит. Ол кэнниттэн, үлэлэһиэхтээх киһибин чугас соҕустук билээри, “Хармс” диэн ааттаах уус-уран киинэтин көрбүтүм. Арай, киинэ биир сыанатыгар Иван Поповка майгынныыр киһи Яков Друскины оонньуу сылдьар. Дариус Гумаускас диэн ааттаах Литва артыыһа эбит. Артыыс портфолиотын хаһыстым, туох да мөккүөрэ суох, мин худуоһунньугум бэйэтэ бэйэтинэн сылдьар эбит. Өссө биир үтүө бэлиэ курдук ылынным. Мессенджер нөҥүө суруйсан, артыыһы кытта билсибитим. Киһибит сценарийы ааҕан баран үөрүүнү кытта сөбүлэспитэ. Биллэн турар, сахалыы саҥарбат киһи, онон итини дубляж нөҥүө көннөрүөхпүт, Попов уу сахалыы саҥарар киһи буоллаҕа дии. Аныгы киинэҕэ итини сөптөөхтүк ситиһэр ньымалар бааллар, саҥатын кытта уоһа тэҥҥэ хамсыыр гына оҥоруохпут.

                                                                                                                           

Улахан бырайыак – туспа сыһыан

Бүтэр уһугар киинэм сэһэнэ бэйэм ис турукпар сөп түбэһэр буола уларыйда. Биир сайын Попов Бэрэсиэкэп аргыстаах этнография матырыйаалын хомуйар айанын туһунан кэпсэнэр. Көр-күлүү да, курус түгэннэр да бааллар. Биллэн турар, “өлбүтү” уһугуннарыы түгэнэ эмиэ баар. Билиҥҥитэ бырайыак аата “Не хороните меня без Ивана” диэн сылдьар. Улахан устуудьуйаны кытта үлэлиир биир өттүнэн эппиэтинэстээх, биир өттүнэн үлэни олус тупсарар эбит. Аҥардас сценарий суруйуутугар ууруллубут кэм уһуна, сэһэммитин ымпыгар-чымпыгар тиийэ ситэрэрбитигэр олуһун көмөлөстө. Кыһыҥҥыттан сүүнэ улахан үлэ барда, билигин реквизит оҥоһулла турар, локациялар көһүннүлэр. Оннооҕор Хадаайыга тиийэн Иван Попов “тиэргэнигэр” хортуоппуй олордубуппут (Попов өссө биир өҥөтө – Боотуруускай улууска оҕуруоту олордууну саҕалаабыта буолар). От ыйын 10 күнүгэр Тааттаҕа тиийэн устуохтаахпыт. Бу киинэни толкуйдуохпуттан көстүбэт күүстэр көмөлөһөр, сөптөөх туһаайыы диэки сирдиир курдуктар. Барыта этэҥҥэ ааһан, киинэ тыйаатырдарыгар кэмигэр таҕыстар!

Ааптар уонна Иван Попов хаартыскалара

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0