Быйыл Саха тыйаатыра көрөөччүнү кытта алтыһыы биир саҥа форматын туһанан, ZOOM нөҥүө үгүс онлайн-тэрээһини көҕүлээн ыытта. Ол курдук, аҕыйах хонуктааҕыта ZOOM нөҥүө Саха АССР уонна РСФСР үтүөлээх артыыһа, саха биллиилээх режиссера Федот Потапов “Режиссерские дневники” кинигэтин сүрэхтэниитэ буолан ааста. Бу кэпсэтиини ZOOM нөҥүө үгүс көрөөччү киирэн көрдө, сэргээтэ, махтал тылын эттэ.
Саха АССР уонна РСФСР үтүөлээх артыыһа, Федот Федотович Потапов Саха тыйаатырын сүрүн режиссерунан 1961-1983 сыллардаахха үлэлээбитэ. Бу кэмҥэ Саха тыйаатыра кини аатын үйэтитэргэ кэргэнэ СӨ норуодунай артыыската Зоя Петровна Багынанова үгүс үлэни ыытар. Амма улууһун дьаһалтатын үбүлээһининэн Федот Потапов үбүлүөйдээх 90 сылын көрсө «Режиссерские дневники» диэн кинигэтин таҥан оҥорон, бэчээттэтэн таһааттарда.
“Режиссерские дневники” кинигэни профессор Лидия Ивановна Дейкун М.С. Щепкин аатынан театральнай үрдүкү үөрэххэ артыыс идэтигэр уһаарыллыбыт бастакы саха устуудьуйатын туһунан улахан ахтыыта арыйар. Бу ахтыы – устуудьуйа биэс сыллаах үөрэҕин хаамыытын хабар.
Дьэ, ол кэннэ Федот Федотович Потапов 1950-1955 сылларга артыыс, 1960-1961 сылларга режиссер идэтигэр үөрэнэрин тухары суруйбут дневниктэрэ, ону таһынан суруктара, ахтыылара, ыстатыйалара киирбиттэр.
Кинигэ сүрэхтэниитин Федот Потапов төрөөбүт дойдутун — Амма улууһун олохтоохторо арыйдылар. Амма улууһун баһылыга Николай Архипович Архипов улахан мунньах тэрийэн, салайааччыларын, баһылыктарын халыҥ хамаандатын түмпүт. Кэпсэтиигэ Амма улууһун дьаһалтатын баһылыгын солбуйааччы Саргылаана Васильевна Борисова, Амма улууһун култууратын уонна айылгытын салалтатын салайааччы Евдокия Михайловна Сутакова, Амматааҕы кииннэммит бибилэтиэкэ тиһигин дириэктэрэ Светлана Егоровна Макарова, Амма улууһун Абаҕа нэһилиэгин дьаһалтатын баһылыга Макар Ильич Тимофеев кытыннылар. Амма улууһун салайааччылара ускуустуба дьонун чахчы өйүүр, өйдүүр эбиттэр.
Бу күн Федот Потапов үгүс сылларга үлэлээбит тапталлаах Саха тыйаатырыгар илэ бэйэтинэн кэлэн барбыкка дылы буолла. Арассыыйа норуодунай артыыһа, Саха Өрөспүүбүлүкэтин Судаарыстыбаннай Сүбэһитэ, Саха тыйаатырын уус-уран салайааччыта, режиссер Андрей Саввич Борисов Федот Потапов аатын үйэтитиигэ Зоя Петровна Багынанова кэргэнигэр таптала, бэриниилээҕэ улахан суолталааҕын тоһоҕолоон эттэ. СӨ норуодунай артыыһа, РФ үтүөлээх артыыһа, РФ, ССРС Судаарыстыбаннай бириэмийэлэрин лауреата Ефим Николаевич Степанов: “Артыыс киһи кутун-сүрүн, баҕатын өтө көрөр, өйдүүр этэ”, – диэн артыыс буолбутугар Федот Потапов улахан оруоллааҕын бэлиэтээн эттэ.
Кинигэ сүрэхтэниитин Саха тыйаатырын сүрүн режиссера Руслан Тараховскай уонна тыйаатыр литературнай чааһын салайааччы Ангелла Попова иилээн-саҕалаан ыыттылар, Руслан Тараховскай Федот Потапов өссө устудьуоннуу сылдьан Саха тыйаатыра академическай таһымнаах тыйаатыр буоларын туһунан ааспыт үйэ 60-с сылларыгар З. Т. Тюнгюрядовка “Театр сайдар суола” диэн суругар ыраламмыт баҕа санаата туолбутун эттэ. Бу суругу Саха тыйаатырын эдэр артыыһа Альберт Алексеев ааҕан иһитиннэрдэ.
Бу тэрээһиҥҥэ Саха сирин тыйаатырдарыттан эмиэ кытыннылар: Ньурба тыйаатырыттан режиссер Алгыс Макаров уонна Саха сирин үтүөлээх артыыһа Борис Иванович Борисов Федот Потапов Ньурба, Нерюнгри тыйаатырдарын төрүттэспитин бэлиэтээн эттилэр. Ньурба тыйаатырын эдэр артыыската Анисья Колесова кинигэ тахсыбытынан эҕэрдэлээтэ. Үүнэр көлүөнэ тыйаатырын режиссердара Валентина Якимец, Александр Титигиров кытыннылар. Валентина Афанасьевна Якимец Федот Потапов дневнигэ театральнай үөрэнэр кыһаларга туһалаах буолуоҕун бэлиэтээтэ. Кинигэ артыыс идэтигэр үөрэнэр оҕолорго ордук туһалаах буолуоҕун СӨ норуодунай артыыската, РФ култууратын үтүөлээх үлэһитэ, ССРС Композитордарын сойууһун чилиэнэ, Саха сирин норуоттарын муусукатын уонна фольклорун түмэлин тэрийээччитэ Аиза Петровна Решетникова уонна Мария Петровна Неймохова эмиэ бэлиэтээн эттилэр. Билэлиэгийэ билимин дуоктара, аламповед Валентина Семенова кинигэ уһулуччу суолталааҕын эттэ.
Саха тыйаатырын артыыһа, режиссера Роман Дорофеев бу кинигэ икки түһүмэхтээҕэр улахан сыаннаһа сытарын ыйан туран, идэҕэ уһуйуу уонна идэҕэ уһаарыллыы туһунан учуутал уонна үөрэнээччи хараҕынан киһи арылхайдык көрөр диэн бэлиэтээтэ. Уонна бу Щепкиҥҥэ да, Ленинградка да артыыс идэтигэр үөрэммит устуудьуйалар тустарынан киинэ уһуллуон сөп эбит диэн санаатын үллэһиннэ.
Саха тыйаатырын эдэр артыыстара Павел Ченянов, Айсен Лугинов, Альберт Алексеев, Тамара Обутова, Валентин Макаров кинигэттэн быһа тардан ааҕан иһитиннэрдилэр. Тамара Обутова “Режиссерские дневники” кинигэни арыйар профессор Лидия Ивановна Дейкун ахтыыттыттан быһа тардан аахта. Павел Ченянов сыанаҕа турар драма кыһалҕатын сырдатар дневник кэрчигигиттэн аахта уонна “гостуруолга сырыттахпытына Амма дьоно-сэргэтэ олус истиҥник көрсүбүттэрэ” диэн ахтан-санаан, махтанна. Павел Ченянов 2019 сыллаахха Амма улууһа олохтообут Федот Потапов аатынан бириэмийэ лауреатын аатын сүкпүтэ. Саха тыйаатырын эдэр артыыһа Айсен Лугинов Федот Потапов режиссерскай кууруска үөрэнэ сылдьыбыт дневнигин матырыйаалыттан быһа тардан аахта, онтон Валентин Макаров “Режиссерские дневники” киирбит суруйуулар билиҥҥи тыйаатыр кыһалҕаларын эмиэ сырдаталларын бэлиэтээн эттэ.
Ити курдук кинигэ тахсыбытынан Саха тыйаатырын артыыстарын аатыттан эҕэрдэ тыллары Саха сирин үтүөлээх артыыската Софья Баранова-Сергучева, Саха сирин үтүөлээх артыыһа Михаил Егорович Семенов уонна Федот Потапов “Алгыстаах айар үлэм” кинигэтэ тахсарыгар үгүстүк үлэлэспит Саха сирин үтүөлээх артыыһа Кирилл Михайлович Семенов эттилэр.
Кинигэ сүрэхтэниитин Федот Потапов кэргэнэ Зоя Петровна Багынанова уонна төрөппүт кыыһа, Саха сирин үтүөлээх артыыската Елизавета Федотовна Потапова түмүктээтилэр, түмсүбүт дьоҥҥо Федот Потапов дьиэ кэргэнин аатыттан махтал тылларын анаатылар. Чуолаан, Зоя Багынанова кинигэ тахсарыгар идиэйэ укпут Амма улууһугар 1995-2000 сс. баһылыктаабыт, драматург, прозаик Дмитрий Федосеевич Наумовка истиҥник махтанарын бэлиэтээн эттэ.
“Киһи күүһэ дьикти уонна баараҕай! Киһи кыайбатаҕа диэн суох. Киһиттэн ордук күүстээх, киһиттэн ордук өйдөөх, киһиттэн ордук дьоллоох орто дойду айылҕатыгар туох да суох. Киһи буолан төрүүр диэн улахан дьол, үрдүк чиэс! Айылҕа барахсан баайа барҕа, айылҕа улуу кистэлэҥэ дириҥ уонна уустук! Уларыйа уонна сайда турар айылҕаны баһылыыр, кини барҕа баайын толору туһанар уонна кини араас кубулҕатын олох дьолугар кубулутуу – бочуоттаах уонна кэскиллээх үлэ! Өскөтүн киһи барыта бу курдук өйдүүрэ буоллар, бастакы киһи иккис киһи дьолун оҥороро буоллар, киһи-аймах биир санаанан, улуу дьүккүөрүнэн айылҕа баайын толору туһанара буоллар, ама, аан дойдуга дьол олоҕуруо, саргы сайдыа, уруй улаатыа суођа этэ дуо? Хомойуох иһин, аан дойду дьоно-сэргэтэ араас олоххо олорор, араас өйгө-санааҕа иитиллэр, араас сыалга дьулуһар”.
Бу Елизавета Потапова аҕатын дневнигиттэн Ыстаарыһын Балбаара туһунан дьүһүйүүтүн ааҕан иһитиннэрбит кэрчигэр, чахчы да Федот Потапов ырааҕы көрөр, инникини ыраҥалыыр бөлүһүөк өйдөөх санаалаах режиссер буолара көстөр диэн санааҕа киһи кэлэр.
Ити курдук саха биир бөдөҥ режиссера Федот Федотович Потапов кинигэтин бэйэтин биир дойдулаахтара, кэргэнэ, оҕолоро 90 сылын көрсө үбүлээн, сүүрэн-көтөн таһаартарбыттара, быйыл М.С. Щепкин аатынан театральнай үрдүкү үөрэххэ саха бастакы кууруһа үөрэнэ киирбитэ 70 сылын көрсө сүрэхтэммитэ, киэҥ эйгэҕэ тахсыбыта улахан суолталаах тэрээһин буолла.
Билигин да ситим быстыбакка салҕана турарын М.С. Щепкин аатынан театральнай үрдүкү үөрэххэ, номнуо саха 6-c устуудьуйатыгар үөрэнэ сылдьар устудьуон Антон Васильев бу кинигэ тахсыбытынан эҕэрдэлээбитэ да туоһулуур.
«Саха сирэ» хаһыакка, edersaas.ru саайтка анаан Кыраман.