Төрүт Сокуоҥҥа сыһыаннаах боппуруостары ыллахха, Ил Түмэн судаарыстыбаннай гербэбитигэр уларыйыы киллэрдэ. Санатан эттэххэ, бу сайын бэс ыйыгар Төрүт Сокуоммутугар уларыйыы киирэн, «республика» оннугар сахалыы «өрөспүүбүлүкэ»« диэн суруллар буолбута. Онон сибээстээн гербэбитигэр сахалыы тылбааһыгар «республика» оннугар «өрөспүүбүлүкэ» диэн уларыйан биэрдэ.
Ил Түмэн бы сырыытааҕы пленарнай мунньаҕа бырабыыталыстыба бэрэссэдээтэлин талыытынан уратылаах буолла. Иллэрээ күн дьокутааттар 46 куолаһы биэрэн, Ил Дархан киллэрбит кандидатуратын Евгений Чекины өйөөтүлэр. Онон Евгений Алексеевич бэҕэһээҥҥиттэн бырабыыталыстыба уруулун тутан, үлэтигэр киирдэ.
Маны таһынан бу мунньахха Конституционнай суут судьуйатынан Игорь Николаев, Счетнай палаата бэрэссэдээтэлинэн иккиһин Егор Марков, Аллараа Халымаҕа, Томпоҕо, Дьокуускай куоракка мировой судьуйаларынан Оксана Зиничева, Степан Васильев, Анна Прокопьева, Алена Васильева ананнылар.
Ону сэргэ Конституционнай суут биэс судьуйалаах хаалла. Бу инниэ сэттэ судьуйа тэҥинэн үлэлии сылдьыбыттра.
Үбү тыырыы бөлөҕөр, быйылгы сыллаах бүддьүөккэ уларытыылары киллэрдилэр. Ону таһынан эһиилги үп сүрүн докумуонун Ил Түмэҥҥэ киллэрии болдьоҕун уһатан биэрдилэр.
Биир улахан боппуруоһунан нэһилиэктэргэ арыгыны атыылааһыны бобуу туһунан сокуон барылларын көрдүлэр. Бу мунньахха 12 нэһилиэнньэлээх пуун, Нам улууһун Аппааныта, Граф Биэрэгэ, Кыһыл Дэриэбинэтэ, Арбына, Мэҥэ Хаҥалас Павловскайа, Хаптаҕайа, Нуораҕаната, Үөһээ Бүлүү Ороһута, Абый Кэбэргэнэтэ, Сунтаар Куокунута, Өлөөн Дьилиндэдэ, Бүлүү Тааһаҕара, бэйэлэригэр арыгы атыытын боболлорун туһунан сокуон таһаартардылар. Спикер Александр Жирков бэлиэтииринэн, билиҥҥи туругунан, 75 нэһилиэнньэлээх пууҥҥа сокуонунан арыгы атыыта бобуллан турар.
Маны таһынан дьокутааттар олохтоох салайыныыга, тулалыыр эйгэни харыстааһыҥҥа, баай-дуол сыһыаннаһыытыгар, спорка, о.д.а. сыһыаннаах сокуоннары ылыннылар.
Аграфена КУЗЬМИНА