РЕПОРТАЖ: Гиннес рекорда хайдах олохтонно?

25.06.2017
Бөлөххө киир:

Туймаада ыһыаҕын бастакы күнүгэр саамай элбэх национальнай таҥастаах дьон ахсааныгар аан дойдутааҕы Гиннес рекорда олохтонно. Сахалар бу төрдүс рекорпут буолар.


Киин түһүлгэҕэ дьону чаас инниттэн киллэртээн барбыттара. Тута түөскэ кэтиллэр сертификаттары туттартаан испиттэрэ. Сахалыы таҥаһа суохтары киллэрбэттэр, онон кинилэр тас өттүгэр туран көрөргө тиийбиттэрэ. Уон биэс тыһыынча киһи киирэр баараҕай трибуналар сыыйа туолан бардылар. Маҥан футболкалаах волонтердар дьону эйэҕэстик көрсөллөр, ханан миэстэ баарыгар илдьэн олордон иһэллэр. Оскуола үөрэнээччилэригэр, устудьуоннарга биллэрии таһааран, баҕалаахтары анаан эрчийбиттэр, оннооҕор эрэпэтииссийэлээбиттэр.

Барыта 300 волонтер үлэлээтэ. Хас биирдии волонтер иккилии эрээти ааҕар уонна тута биэдэмэс толоро охсон, илдьэн туттарар.
Гиннес рекордун олохтуурга ирдэбил кытаанах, ол барыта тутуһуллуохтаах. Буолар миэстэтэ хааччахтаах буолуохтаах, ол эбэтэр бүтэй аҕыраадалаах, анал киллэрэр сирдэринэн сахалыы таҥастаах эрэ дьону киллэриэхтээхтэр. Дьон ааҕыы бүтүөр диэри миэстэлэригэр олоруохтаахтар. Бастакы ирдэбил быһыытынан, дьон сахалыы таҥас толору кэмпилиэгин кэтэн кэлиэхтээхтэр диэн этэ. Ол эрээри, ити ирдэбил уларыйан, кэһиэччигэ суохтары, көннөрү халадаайдаахтары да киллэрбиттэрэ ахсааны улаханнык хамсаппыт буолуохтаах.

Быйыл тэрийээччилэринэн  Дьокуускай куорат дьаһалтата, куорат Уопсастыбаннай балаатата, «Ситим» медиа-бөлөх, «Саха таҥаһа» уопсастыбаннай түмсүү буоллулар.

Омуктар эмиэ сахалыы таҥныбыттар

Сахалыы таҥас толору кэмпилиэгин сыаната чэпчэкитэ суох. Халадаай – 4-6 тыһ.солк., кэһиэччик — 5-6 тыһ.солк., сахалыы оһуордаах тирии соппуоска — 3-7 тыһ.солк., кыл сэлээппэ – 5-9 тыһ. солк., бастыҥа – 4-7 тыһ. солк, илин кэбиһэр — 2-5 солк., дэйбиир – 3-6 тыһ.солк. Ол эбэтэр, кырата 15-20 тыһ. солк. буолар. Эр киһи кэмпилиэгэ итинтэн арыый чэпчэки сыаналаах. Үксүн кылгас, чараас сону, оноолоох сону, ырбаахыны, сэлээппэни кэтэллэр, быакаччы курданаллар.


Ол да буоллар, үгүс дьон Гиннес рекордугар анаан бэлэмнэнэн, эрдэттэн сыыйа атыыласпыттара, тиктэрбиттэрэ көстөр. Онон толору кэмпилиэги кэппит дьон аҕыйаҕа суохтар. Сорох ыаллар бары биир өҥнөөх таҥаһынан тиктэрэн, биир истиилинэн таҥныбыттара уратытык көстөр. Оннооҕор тоҥхойо кырдьыбыт, тайахха тэптэрбит, кэлээскигэ олорор эмээхситтэр барахсаттар мааны таҥастарын таҥнан кэлэн, бу күн норуоттарыттан туора турбакка, уопсай үөрүүгэ кыттыһа олороллоро сүрдээх долгутуулаах.
Оттон омук дьоно, нууччалар сахалыы таҥнан кэлбиттэрэ сөхтөрдө. “Эхо столицы” хаһыат эрэдээктэрэ, тупсаҕай сахалыы сонноох Александр Прокопьев кыра матассыыкыл курдук үс көлүөһэлээх  бэйэтэ барар кэлээскитинэн сүүрдэн кэлэн, миэстэтин булунна.
Бэл диэтэр, кинилэр суолта биэрэн, сыанатын аахсыбакка атыылаһан, тиктэн кэтэр буоллахтарына, сахалар саатар биир кэмпилиэктээх буолуохтаахпыт кэм ирдэбилэ эбит! Дьэ, ити буоллаҕа, саха таҥаһын суолтата үрдээһинигэр маннык тэрээһиннэр оруоллара!
Тимир, ылтаһын илин кэбиһэрдэри сэргэ, туостан, кылтан, оҕуруоттан, сутаастан ис киирбэхтик оҥорон кэтэр буолбуттар. Онон-манан үрүҥ көмүс симэхтээхтэр да бааллар. Бастыҥалаах кэрэ куо аҕыйах, дьахталлар үксүгэр сэлээппэ, кэһиэччик кэтэллэр. Эдэр кыргыттар киэҥ халадаайы буолбакка, бииллэринэн синньиир былааччыйаны кэтэллэрэ дьулугур таһааларын ордук бэлиэтиир. Ол эрээри, халадаай барахсан куйааска сөрүүнэ үчүгэй да буоллаҕа!
Хата, бу күн 32-33 кыраадыс итийэр диэн этэ да, бу кэмҥэ тыалыран уонна былытыран биэрэн, олорор дьону күн сыралҕаныттан быыһаата. Дьэ, айылҕа барахсан анаан оҥорбутун курдук буолла! Халлааҥҥа биэс-алта элиэ тоҕо эрэ арахпакка, кый үрдүгүнэн элиэтии сырыттылар. Кинилэртэн хаалсыбакка, үөһэнэн-алларанан устан, “квадрокоптер” диэн көтөр камералар сыбыытастылар. Биир эмэ оннук “көтөр” аллараа намтаан, тыаһа сырдьыгынаан кэллэҕинэ, дьон “историяҕа киирэбит” диэн, үөрэ-көтө илиилэринэн далбаатаһаллар.

1000 кэриҥэ киһи кыттыбакка хаалла

Түһүлгэҕэ сүүсчэкэ үҥкүүһүт тахсан, “Оһуор үҥкүүтүн” толорбуттарын, трибуналар ытыс тыаһынан көрүстүлэр. Дьэ, кэтэһиилээх кэм кэллэ. Дьокуускай куорат баһылыга Айсен Николаев, Гиннес кинигэтин судьуйата Правин Пател тылбаасчытынаан тахсаллар.
Саха омук түҥ былыргыттан илдьэ кэлбит таҥаһа – норуот бэйэтин омук быһыытынан билиниитин көстүүтэ, ыһыах киэргэлэ. Оттон ыһыахпыт сылтан сыл сайдар. Сахалар омукпут уратытынан, сахалыы таҥаспытынан киэн туттарбытын көрдөрөбүт! Саха норуотунан киэн туттабын! Саха таҥаһа аан дойдуга аатырдын!” — диэн мэр эҕэрдэтин тиэрдэр.


Оттон күннээх Индия уола  Пател: “Мин манна иккистээн кэлбиппинэн дьоллоохпун! Маннык элбэх киһилээх рекорд өссө олохтоно илик этэ. Саамай элбэх национальнай таҥастаах мустубут дьон рекортара – 250 киһи. Онон бу сырыыга рекорд олохтонуо диэн эрэнэбин! Хас киһи кэлбитэ оруоллаах буолбатах, саамай кылаабынайа, ирдэбил тутуһуллуохтаах. Ону мин барытын кытаанахтык көрүөм уонна хонтуруоллуом диэн эрэннэрэбин”, — диэтэ.
Бу кэннэ алгысчыт тахсан, Айыылартан көрдөһөн, үҥтэ-сүҥтэ. Дьон илин диэки хайыһан, илиилэрин өрө уунан турдулар. Бу кэмҥэ саха бастыҥ модельердара тикпит таҥастарын кэппит дьон түһүлгэҕэ тахсан сэлэлии хаамтылар. Правин Пател трибуналары кэрийэ сылдьан, хаартыскаҕа түһэрэн чыбырҕатта. Кини кэнниттэн тылбаасчыта, туоһулара, камералаах дьон батыһа сылдьаллар. Бу сырыыга туоһу дьонунан суруйааччы Наталья Михалева-Сайа, “Кыталык” ансаамбыл салайааччыта Василий Винокуров буоллулар. Кинилэр биэдэмэстэр сөпкө толоруллубуттарын бэрэбиэркэлииллэр.
Волонтердар дьону эрээтинэн ааҕа охсон, биэдэмэстэрин туттардылар. Бу кэннэ кыратык кэтэһиннэриилээх буолла. Ыытааччы куолаһа дьону тахсыбаттарыгар, миэстэлэригэр тулуйан олороллоругар ыҥырар: “Бу курдук Гиннес чыпчаала күн аайы олохтоммот. Эһигини сахалары ааттатар улахан тэрээһиҥҥэ кыттыбыккытынан эҕэрдэлиибин! Онон бэрт кыратык тулуйа түһүҥ, саҕалаабыккытын тиһэҕэр тиэрдиҥ”.


Дьэ, онтон судьуйа тахсан, түмүгү биллэрэр: 16 626 киһи! Гиннес рекорда төрдүс төгүлүн олохтонно! Трибуналар “Уруй! Айхал!” хаһыынан туолаллар. Тута оһуохай биллэриллэн, сүрдээх киэҥ, хас да хос түһүлгэ долгулдьуйа түһэр. Хомойуох иһин, тыһыынча кэриҥэ киһи хойутаан кэлэн, кыттыбакка хаалбыттар. Ирдэбил быһыытынан, ыйыллыбыт чааска киллэрэр ааннары сабан кэбиспиттэрэ, ол туһунан эрдэттэн биллэриллибитэ.
Гиннес рекорда олохтонно! Баҕар, сорохтор “туохха туһалааҕый?” диэхтэрэ. Сахалар тоҕо «саамай-саамай» буоларга дьулуһабытый? Саамай кылаабынайа, төһө да аҕыйах ахсааннаах буолларбыт, сахалар түмсүүлээхпитин, төрүт үгэстэрбитин, национальнай таҥаспытын-саппытын ытыктыырбытын, киэн туттарбытын аан дойдуга көрдөрдүбүт! Ону тэҥэ саха таҥаһын оруола үрдүүрүгэр, дьон өйүгэр-санаатыгар үтүө дьайыылаах тэрээһин. Оттон мин кэлин кэпсэлгэ хаалыахтаах тэрээһиҥҥэ кыттыбыппыттан астынным, киэн тутуннум…

Ангелина Васильева, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru

Андрей Сорокин хаартыскаҕа түһэриилэрэ.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0