От ыйын саҥатыгар П.А.Ойуунускай аатынан литературнай музейга Саха сиригэр рентгенология сулууспатын 90 сыллаах сайдыытын сырдатар дьоhуннаах кинигэ сүрэхтэннэ.
edersaas.ru
«Саха сирин рентгенологиятын историятын страницалара» («Страницы истории рентгенологии Якутии») кинигэ “Инсайт” фирма көмөтүнэн 300 ахсаанынан күн сирин көрдө. Дьоһун айымньы көрүөх бэтэрээ өттүгэр тарҕатыллан бүппүт, аахпыт дьон сэҥээриитин ылыан ылбыт. РФ Доруобуйаҕа харыстабылын министиэристибэтин кылаабынай рентгенолога, медицинскэй наука доктора Игорь Тюрин бэс ыйын 7-8 күннэригэр үбүлүөйдээх тэрээһиннэргэ рентгенология оскуолатын ыыта кэлбитэ. Игорь Евгеньевич сэтинньигэ Санкт-Петербург куоракка буолуохтаах Арассыыйа рентгенологтарын уонна радиологтарын конгреһыгар Саха сирин рентгенологиятын историятын туhунан дакылаат оҥорорго этии киллэрбитэ. Билиҥҥи кэмҥэ 2-3 улахан куорат эрэ манна маарынныыр кинигэлээхтэрин, бу кинигэ суруллуута, таҥыллыыта, чинчийэр үлэтэ таһыччы ордугун бэлиэтээн эппитэ. «Маннык дириҥ, баай историяны Арассыыйа барыта истиэхтээх, көрүөхтээх, холобур туттуохтаах», — диэн үрдүк сыанабылы биэрбитэ.
Оттон өр сылларга СӨ доруобуйа харыстабылын миниистиринэн үлэлээбит Вячеслав Александров кинигэ өрөспүүбүлүкэ таhымнаах улахан бириэмийэҕэ түһэриллиэн сөбүн туhунан этии киллэрбитэ.
ххх
Биһирэмҥэ доруобуйа харыстабылын араас сыллардааҕы миниистирдэрэ И.И.Местников, В.Л.Александров, өрөспүүбүлүкэ рентгенин сулууспатын салайааччы, Медицина Национальнай киинин кылаабынай рентгенолога Николай Лугинов, Дьокуускайтан, Хаҥаластан, Намтан рентгенологтар, маны сэргэ, суруйааччылар, суруналыыстар, учуонайдар көхтөөх кыттыыны ыллылар. Үгүс махтал тыллары өрөспүүбүлүкэ бары улуустарыттан уонна куораттарыттан матырыйааллары хомуйбут СӨ үтүөлээх бырааhыгар, медицинскэй наука кандидатыгар Наталья Слепцоваҕа уонна Национальнай архыыптан сыаната биллибэт сонун чахчылары хостоон таһаарбыт, кинигэни суруйбут СӨ Суруйааччыларын сойууһун чилиэнигэр Мария Решетниковаҕа анаатылар. Ааптардар иккиэн Медицина национальнай киинигэр ситиһиилээхтик үлэлииллэр. Кинигэ «Көмүөл» кинигэ кыһатыгар (салайааччы Борис Павлов) бэчээттэннэ. Ааҕааччылар дизайнер Степан Спиридонов мындыр, аныгылыы истииллээх ураты буочарын биhирээтилэр. Кини Мария Решетниковалыын медицина тиэмэтигэр бу алтыс кинигэлэрин таҥмыттар.
ххх
Урукку өттүгэр сырдатылла илик эйгэ сэһэнэ киэҥ буолан үөртэ. Ол курдук, 1924 с. Москваҕа тиийэн рентген-аппараты туруорсубут эдэр быраас Моисей Мишлимович, 1928 с. тохсунньуга доруобуйа харыстабылын, үөрэх уонна социальнай харалта наркомунан ананаат, бу кыаллыбакка турар дьыаланы оннуттан хамсаппыт Платон Ойуунускай, Дьокуускай куоракка бастакы аппарааты үлэлэппит рентгенолог-быраас Борис Цыбульскай, бастакы рентген-тиэхиньик Василий Кривенко, сахаттан бастакы рентгенолог, Мария Решетникова эһэтэ, Тааттаттан төрүттээх Михаил Григорьев тустарынан барыта архыып докумуоннарыгар олоҕурбут чахчылар кинигэни киэргэттилэр. П.А.Ойуунускай рентгенология төрүттэниитигэр уһулуччулаах оруола улуу киһибит үбүлүөйдээх сылыгар бэлэх, кини киэҥ далааһыннаах үлэтин-хамнаһын биир сонун өрүтүн сырдатыы, научнай арыйыы курдук сыаналанна. Ол да иһин, бу дьоро түгэҥҥэ кини биир дойдулаахтара, Таатта улууһун баhылыгын бастакы солбуйааччы М.И.Эртюков, П.А.Ойуунускай аатынан судаарыстыбаннас мусуойун үлэһитэ И.Я.Жерготова, улуустааҕы киин бибилэтиэкэ кылаабынай библиограба С.С.Игнатьева, «Араҥас сулус» айар түмсүү кыттыылаахтара анаан-минээн кыттыыны ыллылар.
Өссө биир кэрэхсэбиллээх түгэнинэн бастакы рентгенолог Б.А.Цыбульскай 1925-1926 сс. Баайаҕа балыыһатыгар үлэлээбитэ буолар. Кэргэнин кытта Москваттан айаннаан иһэннэр, аара Бодойбоҕо уолламмыттар. Кэлин иккис уоллара эмиэ Дьокуускайга үлэлиир кэмнэригэр күн сирин көрбүт эбит. Наталья Слепцова — уһулуччулаах учуонай, медицинскэй наука доктора, рентгенология институтун дириэктэрин наукаҕа солбуйааччынан үлэлээбит Борис Цыбульскай уолун, кийиитин, сиэнин кытта тыыннаах сибээһи олохтообута — бэйэтэ туспа улахан кэпсээн.
Көстүбэт сардаҥаларынан тыктаран ыарыыны-дьайы кыйдыыр сулууспа 60-70 сылларга диэри, чуолаан, сэллиги утары охсуһууга сүрүн күүс буолбута. 1930 сылтан рентгенологынан медицинскэй наука доктора, олоҕун бүтүннүү бу дьыалаҕа анаабыт РСФСР уонна САССР үтүөлээх бырааһа, бастакы кылаабынай рентгенолог Михаил Щепетов таһаарыылаахтык үлэлээбитэ. Саха сирин бары улуустара рентген-аппарааттаналларын ситиспитэ. Онтон 1968 сылтан Владимир Баранов аата күөрэйбитэ. Айылҕаттан инженер талааннаах рентгенолог-быраас оччотооҕу өрөспүүбүлүкэтээҕи балыыһаҕа араас уустук чинчийиилэри олоххо киллэрбитинэн барбыта. Билигин туттуллар компьютернай томография, МРТ, УЗИ, рентгенхирургия, радионуклиднай диагностика ньымаларын барытын биир киһи – В.А.Баранов саҕалаабыта, элбэх ыччаты иитэн-үөрэтэн таһаарбыта. Быйыл кини төрөөбүтэ 80 сыла туолар. Тоҕус уон сыл усталаах туоратыгар төһөлөөх быраас, лаборант, тиэхиньик, хараҥа хоско «тыын-тыыныма» диир дьикти идэлээхтэр үлэлээн ааспыттара буолуой? Кинилэр сырдык ааттара, умнуллубат мөссүөннэрэ, ахтыылара төһө кыалларынан киллэриллэ сатаатылар.
Биллэн турар, маннык хабааннаах кинигэ тэрээһинтэн, дьон кыһамньылаах сыһыаныттан улахан тутулуктаах. Ол курдук, Нам, Хаҥалас, Эдьигээн, Бүлүү, Ньурба, Чурапчы, Мэҥэ Хаҥалас, Үөһээ Дьааҥы, о.д.а. улуустартан олус үчүгэй матырыйааллар киирдилэр.
Тыл үөрэхтээхтэрэ «Страницы истории рентгенологии Якутии» айымньы суруллубут истиилэ, тыла-өһө тупсаҕайын, аттарыллыыта-сааһыланыыта, ис-тас оҥоһуута үчүгэйин таба көрдүлэр. Сэдэх ахсааннаах сиэдэрэй кинигэ бу күһүн иккистээн бэчээттэнэн, бэйэтин ааҕааччыларыгар тиксиэ, медицина бары салааларыгар тирэх буолар, күн ахсын сайда турар эйгэ туһунан үгүһү-элбэҕи кэпсиэ турдаҕа.
Надежда ЕГОРОВА, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru