Бу холуобунай дьыала Сунтаар улууһун борокуратууратын бэрэбиэркэтин матырыйаалларыгар олоҕуран тэриллибитэ. Биһиги саайтпыт ол туһунан «Учуутал үөрэнээччини төбөҕө охсубут» диэн матырыйаалга тохсунньу 26 күнүгэр суруйбута.
Санатар буоллахха, Сунтаар улууһун борокуратууратыгар биир ийэ сайабылыанньа киллэрбит этэ. Төрдүс кылааска үөрэнэр 10 саастаах кыыһын учуутала хаста да төбөҕө охсубутун туһунан. Борокуратуура бу чахчынан бэрэбиэркэ ыыппыта.
Онно бэрэбиэркэ быһаарбытынан, алын кылаас учуутала 4-с кылаас оҕолорун үөрэтэр кэмигэр биир үөрэнээччи кини сэмэлиирин истибэтин иһин хаста да төбөҕө охсубут. Буолаары буолан, 2016 — 2017 үөрэх сылларыгар бу учуутал эмиэ ити кыысчааны итинник хаста да охсо сылдьыбыттаах эбит.
Ити дьайыыларынан учуутал ааттаах киһи, оҕоҕо эт-сиин эмсэҕэлээһинин оҥорбутун ааһан, кыыһы үөҕэн-саҥаран, чиэһин уонна дьоһунун түһэрбит.
Борокуратуура бэрэбиэркэ матырыйаалларын силиэстийэ уорганнарыгар ыыппытын түмүгэр, РФ Холуобунай кодексатын 156-с ыстатыйатынан, ол эбэтэр, педагог сокуоннай сааһын ситэ илик оҕолору иитэр эбээһинэстэрин толорботоҕун, ону ааһан, кырыктаахтык сыһыаннаспытын иһин, холуобунай дьыала тэриллибитэ. Дьыаланы силиэстийэлээһин борокуратуура хонтуруолугар сылдьыбыта.
Бүгүн СӨ Борокуратууратын пресс-сулууспата иһитиннэрбитинэн, дьыала суукка көрүллэн, учуутал буруйдааҕынан билиниллэн, 70 тыһ. солк. суумалаах ыстараап төлүүргэ ууруллубут.
Бириигэбэр сокуоннай күүһүгэр киирбитин кэнниттэн, улуус борокуратуурата бу учууталы үлэтиттэн ууратар туһунан боппуруоһу туруорсуоҕа.
Биһиги корр., «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru
Хаартыска: интэриниэттэн