Үөрэнээччилэри босхо аһылыгынан хааччыйарга 90 мөлүйүөн солкуобай ирдэнэр

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

Аҕыйах хонуктааҕыта РФ бэрэсидьиэнэ Владимир Путин 1-4 кылаас үөрэнээччилэрин барыларын босхо итии, доруобай аһылыгынан хааччыйар туһунан Анал этиитигэр иһитиннэрбитэ. СӨ үөрэҕин үлэһиттэрин тохсунньутааҕы мунньаҕар, бу сүрүн боппуруостартан биирдэстэринэн буолла.

“Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru

СӨ үөрэҕин уонна наукатын миниистирэ Владимир Егоров, күн бүгүн үөрэнээччи 98 бырыһыана, онтон 1-4 кылаас үөрэнээччилэрэ 100 бырыһыан итии аһылыгынан хааччыллалларын иһитиннэрдэ. Ол гынан баран, маныаха төрөппүттэр эмиэ төлөһөллөр. Кыра дохуоттаах уонна элбэх оҕолоох ыал оҕолоро эрэ босхо аһыыллар. Оттон дойду бэрэсидьиэнин этиитинэн алын кылаас оҕолоро бары босхо аһыахтаахтар. “Алын кылаас үөрэнээччилэрин барыларын босхо аһылыгынан хааччыйарга, күн бүгүн, 90 мөлүйүөн солкуобайы кыайбат суума ирдэнэр. Бэрэсидьиэн доруобай аһылык диэн эппитэ. Билигин суоттааһын бара турар. Биһиги эрэгийиэммит киэҥ сири тайаан сытар, онон аһылык менюта эмиэ уратылаах”, — диэн миниистир мунньах кэмигэр быһаарда.

Санатан эттэххэ, Арассыыйаҕа 2023 сылтан хойутааһына суох, 1-4 кылаас үөрэнээччилэрэ бары босхо итии аһылыгынан хааччыллыахтаахтар.

 

 Людмила ПОПОВА, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0