САССР төрүттэммитэ 100 сылыгар анаан Өрөспүүбүлүкэтээҕи лиссиэй уонна Дьокуускай куорат Айыы кыһатын үөрэнээччилэрэ пааматынньыктарга сырыттылар, сибэкки дьөрбөтүн уурдулар.
Кинилэргэ өрөспүүбүлүкэбитин төрүттээбит чулуу дьоммут туһунан бииргэ үөрэнэр оҕолоро кэпсээтилэр, история чахчыларын сэгэттилэр. Ол курдук, саха норуотун туһугар сырдык тыыннарын толук уурбут М.К.Аммосов, П.А.Ойуунускай, И.Н.Барахов пааматынньыктарын кэрийдилэр. А.Е.Кулаковскай, М.А.Андреев ааттарын ааттаан, кинилэр саха киһитэ үөрэхтээх буоларын туһугар киллэрбит кылааттарын аҕыннылар.
Бу маннык тэрээһиннэри оскуолалар бэйэлэрэ тэрийэн ыыталлара үгэскэ кубулуйан эрэр. Кэнники кэмҥэ үүнэр көлүөнэни Ийэ дойдуну таптыырга, патриоттыы тыыҥҥа иитиигэ элбэх үлэ барар. Араас кылаас чаастара, тэрээһиннэр ыытыллаллар. Аҕыйах хонуктааҕыттан бэттэх Арассыыйа сорох эрэгэйиэннэригэр дойдубут былааҕын өрө көтөҕүүттэн үөрэх нэдиэлэтэ саҕаланар буолла. Оттон Саха сиригэр Ил Дархан Айсен Николаев ыйааҕынан оскуолаларга өрөгөй ырыатын күргүөмүнэн ыллыыллар.
«Саха сирэ» хаһыат