Дьокуускайга Сайсары уокуругар бырааһынньыктарга, бэлиэ дааталарга оскуола оҕолоругар аналлаах тэрээһин арааһа, күөн күрэс ааттааҕа ыытыллар үгэстээх. Сайсары уокуругун управата иһитиннэрбитинэн, Аҕа дойдуну көмүскээччилэр күннэринэн, бэҕэһээ саха политехническай лиссиэйгэ күрэхтэһии күүрээннээҕэ ыытыллыбыт. Оскуола үөрэнээччилэрэ ырыаҕа уонна стройунан хаамыыга күрэхтэспиттэр.
Күөн күрэскэ бу уокурукка баар 20-с, 25-с, 18-с уонна саха политехническэй лиссиэй 4-5, 6-7, 8-9, 10-11 кылааһын оҕолоро кыттыбыттар. Хамаандалар төһө бэлэмнээхтэрин полковник, СӨ байыаннай комиссарын көмөлөһөөччүтэ, бойобуой дьайыылар кыттыылаахтара Иван Федоров, полиция капитана Иван Ильин уонна кадеттар корпустарын капитана Павел Старостин сыаналаабыттар.
Күрэхтэһии түмүгүнэн 4-5 кылаастар ортолоругар 1 миэстэҕэ саха политехническай лиссиэй 5 «В», 2 миэстэҕэ 20-с №-дээх оскуола 5 «А», 3 миэстэҕэ 5 «В» кылаас (18-с №-дээх оскуола) хамаандалара тахсыбыттар. «Бастыҥ хамандыыр» — СПЛ 5 «В» кылааһын үөрэнээччитигэр, «Ырыаны бастыҥ толорооччу» 20-с №-дээх оскуола 5 «А» кылааһын оҕолоругар туттарыллыбыттар.
6-7 кылаастарга: 7 «А» (СПЛ) бастаабыт. Иккискэ — 7 «В» (20-с №-дээх оскуола), үһүскэ — 7 «В» (18-с №-дээх оскуола) тахсыбыттар. «Бастыҥ хамандыыр» — 7″В» (СПЛ) үөрэнээччитигэр, «Ырыаны бастыҥ толорооччу» — 7 «А» (20-с №-дээх оскуола) хамаандатыгар туттарыллыбыттар.
8-9 кылаастарга: 8 «А» (20-с №-дээх оскуола) кыайыыны ылбыт. 2 миэстэҕэ – 9 «Б» (25-с № оскуола), 3 миэстэҕэ – 9 «Б» (СПЛ) тахсыбыттар. «Бастыҥ хамандыыр» — 9 «В» кылаас (СПЛ) үөрэнээччитэ, «Ырыаны бастыҥ толорооччу» — 8 «В» (20-с № оскуола) хамаандата буолбуттар.
10-11 кылаастарга: 1 миэстэ — 10 «А» кылаас хамаандата (20-с №-дээх оскуола), 2 миэстэ — 10 «В» (СПЛ). «Бастыҥ хамандыыр» — 10 «А» кылаас үөрэнээччитэ, «Ырыаны бастыҥ толорооччу» — 10″В» (СПЛ) хамаандата ылла.