Үөрэнээччилэр руна бэлиэлээх харысхаллары бэлэхтээтилэр

Ааптар: 
01.03.2020
Бөлөххө киир:

Төрөөбүт тыл уонна сурук-бичик күнүн дэкээдэтин түмүктүүр “Алгыстаах саха тыла” бэстибээл буолан ааста. Манна Дьокуускай куораттааҕы национальнай гимназия үөрэнээччилэрэ, тэрээһиҥҥэ кэлбит дьоҥҥо тааска руна суруктаах харысхаллары бэлэхтээтилэр.

edersaas.ru

10-с кылаас үөрэнээччитэ Юра Говоров: “Бүгүн тааска түүр тылынан дьон аатын суруйан бэлэхтээтибит. Маны харысхал быһыытынан дьиэлэригэр илдьэ бараллар. Учууталбыт Күндэлиинэ Трофимовна Кириллина үөрэппитэ. Бэйэм тылдьыт көмөтүнэн ааҕабын. Саха тылыгар маарынныыр. Тыллары сэҥээрэр буолан интэриэһинэй. Элбэх киһи кэлэн биһиэхэ да суруйтарда, бэйэлэрэ даҕаны суруннулар”, — диэн кэпсиир.

Саха тылын уонна литэрэтиирэтин учуутала Күндэлиинэ Кириллиналаах руна суругун нөҥүө оҕолорго тылга интэриэһи үөскэтиэххэ сөп эбит диэн тобулбуттар. Аҕыйах кэмтэн бэттэх саҕалаабыттар диэтэххэ, оҕолор номнуо судургутук суруйаллар. Баҕар, атын оҕолор эмиэ тылга сыстаайаллар диэн, киэҥ араҥаҕа таһаарбыттар.

Бырайыак чахчы табыллыбыт. Суруллан, остуолга куура сытар таас балачча элбэҕиттэн көрдөххө, учууталлар эрэ буолбакка, үөрэнээччилэр ортолоругар интэриэһи тарпыт. Дьон аатын эрэ буолбакка, араас харысхал суруктары кытта суруйтаран илдьэ бардылар.

Людмила ПОПОВА, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0