Бэҕэһээ өрөспүүбүлүкэтээҕи лиссиэй уонна “Айыы кыһатын” бэһис кылааһын үөрэнээччилэрин икки ардыларыгар бэрт сэргэх оонньуу ыытыллыбыт. Бу туһунан биһиэхэ лиссиэйгэ саха тылын уонна литературатын учууталынан үлэлиир Саргылаана Игнатьева иһитиннэрдэ.
Биһиги корр.,“Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru
—Кылаас таһынан ааҕыыга Тимофей Сметанин “Егор Чээрин” айымньытынан билиини-көрүүнү тургутуһар оонньуу буолла. Күөн көрсүһүү «Своя игра» диэн тэлэбиисэргэ көрдөрөр оонньууларын курдук ыытылынна, икки түһүмэҕинэн барда. Барыта сүүрбэ биэс оҕо кыттыбытыттан, түмүктүүр оонньууга уон оҕо тахсан тиритэ-хорута кииристэ. Күрэхтэһээччилэр олус үчүгэй бэлэмнээхтэрин көрдөрдүлэр, эрбии тииһин курдук эгил-тэгил эристилэр. Тыҥааһыннаах күрэстэһии түмүгүнэн “Айыы кыһатын” оҕолоро үс бастакы миэстэни ылан улаханнык үөрдүлэр, астыннылар. Ол курдук, Нарыйаана Афанасьева бастаата, иккискэ Павел Гаврильев таҕыста, үһүс Арсен Коротких буолла. Көрөөччүлэр ортолоруттан саамай көхтөөх кыттыыны эмиэ бу үөрэх кыһатын үөрэнээччитэ Жанна Элякова ылла.
Сэргэх тэрээһинтэн бары да улаханнык үөрдүбүт. Саха тылын учууталлара Үүйэ Дмитриевна Николаева уонна Александра Лукинична Попова кэлэр өттүгэр маннык хабааннаах оонньуулары икки өртүттэн кыттыһан тэрийэргэ сүбэлэстилэр, — диэн кэпсээтэ.
Манна даҕатан эттэххэ, өрөспүүбүлүкэтээҕи лиссиэй «Ааҕар оскуола” бырайыак чэрчитинэн, “Күргүөмүнэн ааҕыы” диэн үөрэх дьылын устата ааҕыыны тиһиктээхтик тэрийбит. Онуоха кылааһынан иккилии-үстүү айымньыны ааҕан бараннар, кылаастарыгар эбэтэр кылаастар икки ардыларыгар күрэхтэһэллэрин үөрэнээччилэр улаханнык биһирээбиттэр.
Биһиги корр.,“Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru