Үөрэнээччи бырайыагынан арыгы маҕаһыыннарын ытыска уурбут курдук көрүөхтэрэ
Быйыл XXV төгүлүн ыытыллыбыт “Инникигэ хардыы” научнай-практическай кэмпириэнсийэҕэ, уопсайа, 1700-кэ оҕо кыттыбыта, 1631 үлэ киирбитэ. Оскуола үөрэнээччилэрэ сыллата бииртэн-биир араас, туһалаах бырайыактары толкуйдууллар. Олортон биирдэстэринэн арыгы маҕаһыыннарын ГИС анаалыһа буолар.
Кистэл буолбатах, сыллата ардах кэнниттэн тэллэй тахсарын кэриэтэ, аата-ахсаана биллибэт арыгы маҕаһыыннара аһыллаллар. Үөрэх тэрилтэтиттэн чопчу бачча миэтэрэ тэйиччи туруохтаах диэн ким даҕаны миэтэрэнэн кэмнээн көрбөтөҕө чахчы. Ону аныгы технология көмөтүнэн быһаарыахха сөбүн Ф.И. Авдеева аатынан Дьокуускай куораттааҕы Оҕо айымньытын дыбарыаһын Кванториум оҕо технопааркатын Геоквантумун иитиллээччитэ, 33-с нүөмэрдээх оскуола 10-с “Б” кылааһын үөрэнээччитэ Алан Грязнухин тобулбут. Алан Кванториумҥа 2017 сылтан дьарыктанар эбит.
— Өссө 2018 сыллаахха Кванториумҥа “алко-точкалары” кытта сибээстээх кыра үлэлээх этибит. Былырыын уопсастыбаннай сэбиэт көрдөһүүтүнэн тустаах бырайыакпытыгар хаттаан ылсыбыппыт. Үлэбитигэр аһаҕас геоинформационнай систиэмэни (ГИС), онлайн-сервистары уонна аһаҕас информациялары туһаммыппыт.
“API Яндекс.Карт” сервис көмөтүнэн каарта конструкторыгар үөрэх, мэдиссиинэ уонна биирдиилээн арыгы атыытынан дьарыктанар тэрилтэлэр аадырыстарын бэлиэтээбиппит. “2ГИС” онлайн-сервис көрдөрбүтүнэн, Дьокуускайга 239 биирдиилээн арыгы атыытынан дьарыктанар тэрилтэ, 42 үөрэх тэрилтэтэ, 40 оскуола иннинээҕи оҕону уопсастыбаннай иитии тэрилтэтэ, 140 доруобуйа харыстабылын эбэтэр мэдиссиинэ өҥөтүн оҥорор тэрилтэ баара биллибитэ. Анаалыска, уопсайа, 461 бэлиэни (метка) туруорбуппут. Суруллубут информацияны “ArcGIS” ГИС бырагыраамаҕа көһөрбүппүт. Бу бырагыраама көмөтүнэн “алко-точкалары” “хааччахтыыр” тэрилтэлэр эбийиэктэринэн буфернай зона оҥорбуппут. Холобур, үөрэх тэрилтэтиттэн 200 миэтэрэ, оскуола иннинээҕи оҕону уопсастыбаннай иитии, мэдиссиинэ тэрилтэлэриттэн 100 миэтэрэ радиустаах эргимтэ. Ол эргимтэ иһигэр арыгы атыыланыа суохтаах.
Бырайыак түмүгэр, онлайн-сервис уонна аһаҕас ГИС-технологиялары араас сорукка, оннооҕор “алко-точкалары” буларга туһаныахха сөп эбит диэн түмүккэ кэллибит. Аһаҕас информация көмөтүнэн 19 биирдиилээн арыгы атыытынан дьарыктанар тэрилтэ атыыланыа суохтаах сиргэ турара биллибитэ, — диэн Алан Грязнухин үлэтин билиһиннэрэр.
Тустаах бырайыак Дьокуускай куорат уопсастыбаннай сэбиэтин чилиэнэ, Оҕо айымньытын дыбарыаһын дириэктэрэ Мария Петрова этии киллэриитинэн оҥоһуллубут. Салайааччы, Кванториум преподавателэ Борис Борисов иитиллээччитигэр Алан Грязнухиҥҥа сорудахтаабытын, үөрүүнэн сөбүлэспит.
— Бастатан туран, Дьокуускай куораттааҕы уопсастыбаннай сэбиэттэн ханнык тэрилтэлэр үөрэх, мэдиссиинэ тэрилтэлэрин ахсааннарыгар киирэллэрин, биирдиилээн арыгы атыылыыр маҕаһыыннартан төһө тэйиччи туруохтаахтарын, ону хайдах ааҕыллыахтааҕын быһаарар сокуоннары, уураахтары, аакталары көрдөөн ылбыппыт. ГИС оҥоһуктар көмөлөрүнэн “алко-туочкалар”, үөрэх, мэдиссиинэ тэрилтэлэрин аадырыстарын ханан туралларын булбуппут. Онон иитиллээччим Алан буфернай зонаны (эргимтэ) оҥорбута, манна 45 арыгы маҕаһыына көстүбүтэ. Бу эргимтэҕэ киирбит арыгы маҕаһыыннарын аны спутниковай снимогынан көрбүтэ. Ол эбэтэр, оскуола кирилиэһиттэн маҕаһыын кирилиэһигэр диэри сатыы сылдьар суолунан хас миэтэрэ буоларын аахпыта. Ол түмүгэр Дьокуускай куоракка 19 арыгы маҕаһыына үөрэх, мэдиссиинэ тэрилтэлэриттэн чугас тураллара биллибитэ.
Билигин Алан барытын өссө биирдэ хаттаан көрө сылдьар. Тустаах бырайыак биирдэ толоруллар үлэ буолар. Алан ону толордо, үлэтэ сыаналанна. Кини бэйэтэ былыргы устуоруйаны, былыргы цивилизацияны сэҥээрэр. Онон геоинформатика, спутниковай снимоктар көмөлөрүнэн былыргы цивилизация тобоҕун (остатки цивилизации) көрдүүр толкуйдаахпыт”, — диэн салайааччыта Борис Захарович кэпсиир.
Дьоҕурдаах уол бу иннинэ үс научнай-практическай кэмпириэнсийэҕэ кыттыбыт. Ол курдук, Кванториумҥа икки тыа хаһаайыстыбатыгар, биир салгын киртийиитигэр сыһыаннаах, былырыын “Инникигэ хардыы” научнай-практическай кэмпириэнсийэҕэ килиимэт уларыйыытыгар сыһыаннаах бырайыактары көмүскээбит.
Алан быйылгы бырайыагын “Инникигэ хардыы” научнай-практическай кэмпириэнсийэҕэ эспиэрдэр үрдүктүк сыаналаан, “Большие вызовы” Бүтүн Арассыыйатааҕы научнай-технологическай бырайыактар куонкурустарын эрэгийиэннээҕи түһүмэҕэр мэктиэлээбиттэр. Билигин үлэтин өссө биирдэ бүтэһигин бэрэбиэркэлиир түһүмэҕэр сылдьар. Инникитин наука эйгэтигэр ыкса ылсар баҕа санаалаах.
Людмила ПОПОВА, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru