1925 сыллааҕы дьахталлар маҥнайгы сийиэстэрэ

Ааптар: 
08.03.2022
Бөлөххө киир:

1925 сыллаахха кулун тутар 8-16 күннэригэр Саха сирин дьахталлара аан бастаан күргүөмүнэн мустан өрөспүүбүлүкэ тирээн турар кыһалҕатын быһаарыыга ылсыбыттара. Ити кэмҥэ дьахталлар куоластарын иһитиннэриилэрэ сонун көстүү этэ.

Бастакы хардыы

1922 сыллаахха Саха сирэ автономиятын ылынан, ­миэстэтигэр былаас саҥа ячейкаларын тэринэн эрэр кэмэ этэ. Өрөспүүбүлүкэ иһигэр кэмиттэн кэмигэр өрө туруулар да тахсыталыыллара. Бу кэмҥэ норуокка өйдөтүү, кэпсэтии үлэтин ыытыы, дьоҥҥо-сэргэҕэ үөрэхтээһини киллэрии, оскуолалары тэрийии курдук боппуруостар өссө сытыытык турбуттара. Биллэрин курдук, 1897 сыллаахха ыытыллыбыт бастакы биэрэпис көрдөрөрүнэн, Саха сирин нэһилиэнньэтиттэн үөрэхтээх киһитин ахсаана икки эрэ бырыһыаны ылара. Олохтоох норуоттар үөрэхтээхтэрин ах­­сааннарынан 0,7 %, оттон дьахталлар  0,1 % ылаллара.

Автономияны ылыныы иннинэ дьахталлар түмсүүлэрэ баар этэ дуо диир буоллахха, Сахабыт сирин устуоруйатыттан көрдөххө, өрөбөлүүссүйэ кэмигэр автономияны ылыныыга кыргыттар эмиэ көхтөөхтүк кыттыбыттара биллэр. Холобура, ити кэмҥэ “Эдэр со­­циал-демократ” диэн эдэрдэр ортолоругар саҥа тэриллибит баартыйа түмсүүтүгэр 18 хорсун кыыс киирэн, кыргыттарга, дьахталларга сырдатыы үлэтин ыыппыттара. 1917 сыллаахха үлэһит дьахталлар сойуустара тэриллибитэ, түмсүү 108 кыттааччылаах этэ.

Аны туран, 1920 сыллаахха баартыйа Саха сиринээҕи губбюротун быһаарыытынан, дьахталлар отделлара диэн тэриллибитэ. Бу салааны коммунистка Вера Семеновна Синеглазова салайбыта. Кини 1918 сыллаахха Кыһыл гвардия этэрээтигэр киирбитэ. Емельян Ярославскай, Серго Орджоникидзе үөрэнээччилэрэ буолар, Платон Ойуунускайы, Максим Аммосовы кытары тэҥҥэ сылдьан Сэбиэскэй бы­­лааһы олохтоһорго көмөлөспүтэ. Дьахталлар отделлара дьиэлэри, оҕо дьиэлэрин кэрийэ сылдьан оҕолор хайдах олороллорун көрөллөрө-истэллэрэ.

1921 сыллаахха Саха сирин баартыйата суох үлэһит дьахталларын бастакы кэмпириэнсийэлэрэ ыытыллыбыта. Манна ийэ уонна оҕо харыстабыллаах буолууларын боппуруоһа көтөҕүллүбүтэ. Норуот хаһаайыстыбатыгар дьахталлар ылар оруолларын кэпсэтии барбыта. Бу кэмпириэнсийэ дьахталлар бүтүн Саха сиринээҕи сийиэстэрин тэрийиигэ бастакы хардыы этэ.

1925 сыллааҕы сийиэс

1925 сыллаахха кулун тутар 8-16 күннэригэр Дьокуускайга үлэһит дьахталлар бүтүн Саха сиринээҕи бастакы сийиэстэрэ ыытыллыбыта. Манна оччолорго Бүлүү, Ленскэй, Өлүөхүмэ, Дьокуускай (Дьокуускай куораты таһынан, киин уонна илин эҥээр улуустар киирэллэрэ) уокуруктарыттан барыта 87 дэлэгээт кыттыбыта. Ол иһигэр интэлигиэнси­йэттэн 20 бэрэстэбиитэл, 8 үлэһит дьахтар. Сийиэс кыттааччыларыттан 36 дэлэгээт үөрэҕэ суоҕа. Толору үөрэхтээх киһитин ах­­саана – 23, орто үөрэхтээҕэ – 7, начаалынай үөрэхтээҕэ – 21 этэ. Дэлэгээттэртэн баартыйаалааҕа – 20, хомсомуола 11 киһи этэ. Дэлэгээттэри хомуйууга олох­тоох дьахталлар сэбиэттэрэ күүскэ үлэлээбитэ. Нэһилиэк олоҕор-дьаһаҕар көхтөөхтүк кыттар кыргыттары, дьахталлары талан ылан мунньах түмүгүнэн улуустартан дэлэгээт быһыытынан ыыппыттара. Баартыйа үлэһиттэрэ ­миэстэтигэр тахсан кэпсэтии үлэтин ыыталлара.

Бастакы сийиэс кыттыылаахтара кимнээх этилэрий диир буоллах­ха, бастатан туран, саха букубаарын оҥорбут Вера Дмитриевна Давыдованы, дьахталлартан бастакы суруйааччы Анна Денисовна Неустроеваны, педагог, Саха АССР үтүөлээх учуутала буолбут Агафья Феоктистовна Сысолятинаны ааттыыр то­­ҕоостоох. Дэлэгээттэр истэригэр Платон Ойуунускай ийэтэ Евдокия Ивановна Слепцова, кэлин Саха АССР Үрдүкү Сэбиэтин Президиумун бэрэссэдээтэлэ ­буолбут Александра Овчинникова ийэтэ Мария Андреевна Яковлева-Овчинникова, академик Мария Гаврильева ийэтэ Мария Федоровна Охлопкова эмиэ бааллара.

Сийиэскэ РКП(б) обкомун сэкирэтээрэ Ефим Пестун Саха сирэ ыытар бэлиитикэтин, үөрэхтээһин, доруобуйа харыстабылын, тыа хаһаайыстыбатын тустарынан дакылаат аахпыта. Өрөспүүбүлүкэ күннээҕи олоҕуттан норуот хамыһаардара Алексей Бояров, Афанасий Наумов-Назаров иһитиннэрбиттэрэ. Саха АССР Юстициятын норуодунай хамы­һаара Иван Емельянов дьахталлар, кыргыттар бырааптарын тустарынан сокуоннары, халыым көтүрүллүбүтүн туһунан иһитиннэрбитэ биллэр. Дьахталлар отделларын оччотооҕу сэбиэдиссэйэ Евдокия Иннокентьевна Саввина “Эһиги дьолгут бэйэҕит илиигитигэр” диэн уоттаах-төлөннөөх тыллардаах дакылааты оҥорбута.

Мунньахха тугу туруорсубуттарай?

Бастакытынан, бу тэрээһиҥҥэ дэлэгээттэр кыргыттар, дьахталлар бырааптарын туруорсубуттара. Сааһын ситэ илик кыргыттары кэргэн биэрии тохтотуллубута, ону сэргэ халыым диэн өйдөбүл сыыйа сүппүтэ. Бу туһунан өссө бүтүн Саха сиринээҕи III си­­йиэскэ дьахталлар дэлэгээт быһыытынан кытта сылдьаннар туруорсубуттара. Онон халыым Саха сиригэр 1924 сыллаахха ахсынньыга көтүрүллүбүтэ. Иккиһинэн, дьахталлары өрөспүүбүлүкэ күннээҕи олоҕор кыттыһалларын, эппиэтинэстээх үлэҕэ-хамнаска сыһыарыллалларын ситиспиттэрэ. Үсүһүнэн, ийэлэр судаарыстыбаттан социальнай көмө баар буолуохтааҕын, балыыһалары кэҥэтии, оҕо дьиэлэрин, оҕо саадтарын туруорсубуттара. Уонна, саамай сүрүнэ, үөрэхтээһиҥҥэ болҕомтолорун уурбуттара.

XX үйэ саҕаланыытыгар Саха сиригэр кыргыттар начальнай оскуолалара диэн аһыллыбыттара. 1915 сыллаахха Плотниковтар ааттарынан бастакы идэтийбит кыргыттар оскуолалара баар ­буолбута. 1918-1919 сыллаах үөрэх дьылыгар манна 23 эрэ кыыс үөрэммитэ биллэр. Онон дьахталлар сийиэстэригэр үөрэхтээһин биир сүрүн боппу­руос быһыытынан турбутун бэлиэтиэххэ сөп. Бу боппуруос Максим Кирович Аммосов кэргэнэ Раиса Израилевна Цугельга сүктэриллибитэ.

Сийиэс кэнниттэн

Бу бастакы сийиэс өрөспүүбүлүкэҕэ дьахталлар хамсааһыннарын тэрийиигэ, кинилэр өрөспүүбүлүкэ күннээҕи олоҕор көхтөөхтүк кытталларыгар биир сүрүн олук буолбута. Өскөтүн 1925 сыллаахха нэһилиэктэр сэбиэттэригэр өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн барыта 930 дьахтар баар эбит буоллаҕына, 1936 сыллаахха 2707 киһиэхэ тэҥнэспитэ.

1937-38 сыллардаахха ССРС бастакы ыҥырыылаах Үрдүкү Сэбиэтин дьокутааттарынан ЯЦИК бэрэссэдээтэлин солбу­йааччы, Алдан уокуругуттан Софья Петровна Сидорова, Нам уокуругуттан Ирина Дмитриевна Олесова, Мэҥэ Хаҥалас уокуругуттан Дарья Петровна Новикова, Дьокуускай – киин улуустар уокуруктарыттан Лидия Алексеевна Комаренко талыллыбыттара. Кэлин Саха АССР Үрдүкү Сэбиэтин бэрэссэдээтэлигэр тиийэ үүммүт Софья Петровна Сидорова, Мария Дмитриевна Нартахова, Александра Яковлевна Овчинникова, Евдокия Николаевна Горохова, Люлия Николаевна Григорьева ааттарын биһиги киэн тутта ааттыыбыт.

Бастакы сийиэс кэнниттэн, хомойуох иһин, иккис сүүрбэ биэс сыл буолан баран, 1950 сыллаахха биирдэ буолбута. Бу сийиэскэ, биллэн турар, Аҕа дойду сэриитин кэнниттэн дойдуну чөлүгэр түһэрии, үөрэхтээһини, доруобуйа харыстабылын, социальнай эйгэни сайыннарыы курдук сытыы боппуруостар турбуттара.

Түмүк оннугар

Сэбиэскэй Сойуус эстибитин кэннэ олоҕу-дьаһаҕы саҥалыы тэриниигэ дьахталлар түмсүүлэрэ биир бастакынан ылсыбыта. 1991 сыллаахха кулун тутар 22-23 күннэригэр дьахталлар бүтүн Саха сиринээҕи IX си­­йиэстэрэ ыытыллыбыта. Бу кэмҥэ урукку дьахталлар сэбиэттэрин оннуларыгар Саха сирин дьахталларын түмсүүтэ, Дьахталлар, дьиэ кэргэн, оҕолор дьыалаларыгар кэмитиэт тэриллибиттэрэ. Биһиги Бастакы бэрэсидьиэммит Михаил Ефимович Николаев дьиэ кэргэн, ийэ, оҕо дьыалаларыгар ураты болҕомтотун уурбута.

Билигин өрөспүүбүлүкэбитигэр Дьахталлар түмсүүлэрин сойууһа үлэлиир. Бу күннэргэ Дьокуускай куоракка Саха сирин дьахталларын XV сийиэһэ ыытылла турар. Ону сэргэ Уһук Илиннээҕи дьахталлар пуорумнара саҕаланна. Манна барыта 500 дэлэгээт кыттыыны ылыаҕа. Ил Дархан Айсен Николаев бэлиэтээбитинэн, бу сийиэс уонна пуорум Саха АССР төрүттэммитэ 100 сылыгар уонна Ийэ сылыгар анаммыта улахан оруол­лаах. Сийиэскэ духуобунай сайдыы, ийэ уонна дьиэ кэргэн, доруобуйа харыстабыла, үөрэхтээһин, о.д.а. боппуруостар көтөҕүллүөхтэрэ.

Аграфена Кузьмина, «Саха сирэ»

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0