Быйыл, 2022-2023 үөрэх дьылыгар үрдүк үөрэххэ туттарсыыга кэккэ уларыйыылар киирдилэр. Туох, ханнык?
БҮДДЬҮӨТ МИЭСТЭТЭ
Дойду Билимҥэ уонна үрдүк үөрэххэ министиэристибэтэ 2022-2023 үөрэх дьылыгар үөрэххэ ылыы хонтуруолунай сыыппараларын тыырбыта. Университеттарга 588 тыһыынчаттан тахса бүддьүөт миэстэтэ көрүллүбүтэ. Арассыыйа туһааннаах миниистирэ Валерий Фальков бүддьүөт миэстэтин 73 бырыһыаныттан тахсата эрэгийиэннэргэ бэриллэр диэн иһитиннэрэн турар.
Бу сылга инженернэй уонна тиэхиньиическэй исписээлинэстэргэ (ол иһигэр информационнай технологияларга) бэриллэр. Ону тэҥэ, педагогика, мэдиссиинэ, тыа хаһаайыстыбатын хайысхатыгар көрүллүөхтээх. Ити Арассыыйа үрдүнэн.
Оттон Саха сиригэр бүддьүөт миэстэтин баһыйар үгүс ахсаана мэдиссиинэ миэстэлэригэр көрүллэр. Холобур, мэдиссиинэ институтугар 257 миэстэни тыырбыттар.
ДОКУМУОНУ ТҮӨРТ КӨРҮҤҮНЭН
Үрдүк үөрэххэ туттарсыыга туох сүрүн уларыйыылар киирдилэр? Биирдиилээн көрүөҕүҥ.
Хотугулуу-Илиҥҥи федеральнай университет абитуриеннартан докумуону кэлиҥҥи икки сылга коронавирус дьаҥынан сибээстээн онлайн көрүҥүнэн туппут эбит буоллаҕына, быйыл 2022-2023 үөрэх дьылыгар олоҕурбут көрүҥүнэн (очно) эмиэ ылар былааннаах. Маныаха абитуриеннар бэйэлэрэ да кэлиэхтэрин эбэтэр дэбиэринэй дьону ыытыахтарын сөп.
Уопсайа, түөрт көрүҥүнэн ылар былааннаахтар:
— абитуриент тус бэйэтэ эбэтэр дэбиэринэстээх киһинэн ыытыан сөп. Маныаха үөрэххэ туттарсааччыга (дэбиэринэстээх киһиэхэ) араспыыска бэриллэр;
— ХИФУ электроннай информационнай систиэмэтин нөҥүө (абитуриент тус кэбиниэтин арыйан) электроннай көрүҥүнэн ыытыы;
— “Судаарыстыбаннай уонна муниципальнай өҥө биир кэлим портала” федеральнай судаарыстыбаннай информационнай систиэмэ “Поступление в вуз онлайн” сервиһин нөҥүө электроннай көрүҥүнэн;
— Арассыыйа буостатын нөҥүө ХИФУ киин тутар хамыыһыйатыгар.
Маныаха докумуону ХИФУ киин тутар хамыыһыйата үөрэххэ тутуу быраабылатынан ыйыллыбыт болдьохтон хойутаабатах эрэ буоллаҕына ылар.
Манна даҕатан эттэххэ, былырыын “Поступление в вуз онлайн” суперсервис нөҥүө докумуону 537 үрдүк үөрэх туппута. Быйыл өссө эбиллэн 800-тэн тахса судаарыстыбаннай үөрэх тэрилтэтэ уонна филиаллара хапсыахтара диэн иһитиннэрдилэр. Кэлин Саха сириттэн балачча элбэх оҕо дойду киин куораттарыгар, атын эрэгийиэннэргэ туттарсар буолла. Кинилэргэ ордук табыгастаах усулуобуйа үөскээтэ.
АТТЕСТАТ ЭБЭТЭР ДЬУПУЛУОМ БУЛГУЧЧУ ИРДЭНЭР
Быйыл туттарсааччылартан үөрэҕи туоһулуур докумуон (аттестат эбэтэр дьупулуом) бэйэтинэн (оригинал) уонна үөрэххэ киирэргэ (зачисление) сөбүлэһэрин туһунан сайабылыанньа ирдэнэр. “Кэлиҥҥи икки сылга биһиги тэйиччиттэн (дистанционно) көрүҥүнэн үлэлээбиппит. Ол иһин абитуриеннар үөрэххэ ылыы сөбүлэҥин электроннай сервис нөҥүө ыыталлара. Онон биир киһи хас даҕаны үрдүк үөрэх тэрилтэтигэр киириэн сөп түгэннэрэ бааллара. Биллэн турар, маннык кэһиилэри эрдэттэн буларбыт, ол эрээри, үгүс бириэмэни эрэйэрэ. Быйыл үөрэххэ докумуоннарын дьиҥнээҕин туттарыы киирэн, алҕастар тахсыбаттарыгар эрэнэбит”, — диэн киин тутар хамыыһыйа быһаарда.
ОРТО АНАЛ ҮӨРЭХ КЭННИТТЭН ТУТТАРСААЧЧЫЛАР
Орто анал үөрэх кэнниттэн туттарсааччыларга сыһыаннаах уларыйыылар киирдилэр. Ол курдук, урукку өттүгэр тиэхиньикуму, кэллиэһи бүтэрбиттэртэн биир кэлим эксээмэн ирдэммэт этэ. Быйылгыттан хайдах (биир кэлим эксээмэнинэн дуу, университет бэйэтин эксээмэнинэн дуу) үөрэххэ ыларын үрдүк үөрэх тэрилтэлэрэ бэйэлэрэ быһаарар буоллулар. Холобур, Санкт-Петербурдааҕы судаарыстыбаннай университет орто анал үөрэх кэнниттэн туттарсааччылары биир кэлим эксээмэнинэн эрэ ыларын туһунан быраабылатыгар ыйбыт. Оттон ХИФУ-га хайдаҕый?
“Тиэхиньикуму, кэллиэһи бүтэрбиттэр үөрэххэ туттарсар исписээлинэстэригэр сөп түбэһэр хайысхалаах үөрэххэ киирэр түгэннэригэр университет бэйэтэ ыытар тургутууларын ааһаллар. Ханнык хайысхатын университет бэйэтэ быһаарар. Холобур, “эмчит дьыалата” диэҥҥэ биһиги “сиэстэрэ дьыалатын” исписээлинэһин ылбыппыт. Уонна онно сөптөөх физиология, анатомия эксээмэнин туттараллар. Ханнык исписээлинэстээхтэриттэн тутулуга суох, холобур, орто анал учуутал үөрэхтээх ыччат физиологияны, анатомияны бэйэтэ үөрэтэн билэр, университет бэйэтэ ыытар тургутууларынан киирэр кыахтаах буоллаҕына киириэн сөп. Билбэт түгэнигэр биир кэлим эксээмэни туттарара ирдэнэр. Оччотугар олунньу 1 күнүн иннинэ, БКЭ туттарарын туһунан хойутаабакка сайабылыанньатын биэриэн наада.
Эбэтэр сибээс тиэхиньикумун кэнниттэн ХИФУ Математика уонна информатика институтун программист идэтигэр туттарсааччылар, информатиканы уонна ИКТ-ны, үрдүкү математика элеменнэрин, нуучча тылын туттараллар”, — диэн быһаардылар.
Манна даҕатан эттэххэ, орто анал үөрэҕи бүтэрээччилэр, бүтэрбиттэр ханна туттарсалларыттан көрөн үрдүк үөрэхтэр саайтарын эрдэттэн үөрэтэллэрэ итиэннэ биир кэлим эксээмэн ирдэнэр түгэнигэр 2022 сыл тохсунньу бүтүөр диэри сайабалыанньаларын биэрэллэрэ ирдэнэр.
ТУС СИТИҺИИ ИҺИН БААЛ
Үөрэххэ туттарсар абитуриеннар биир сүрүн боппуруоска болҕомтолорун ууруохтаахтар – эбии баалга. Бу этэргэ дылы, халлаантан түһэр баал буолар. Урукку сылларга эбии баалы оскуоланы кыһыл, үрүҥ көмүһүнэн эрэ бүтэрбит оҕолор эбинэр кыахтаахтар диэн өйдөбүл баара. Кэлин ити өйдөбүл тосту уларыйда.
Быйыл ХИФУ-га туттарсааччыларга тус ситиһии испииһэгэ эбиллэн биэрбит. Тус ситиһии иһин баал үөрэххэ туттарсааччы эбэтэр дэбиэринэй сирэйэ ол туһунан сайабылыанньаҕа ыйбыт уонна ону туоһулуур бары ирдэнэр докумуоннара баар түгэнигэр эрэ учуоттаналлар, ааҕыллаллар.
Бакалавриат, специалитет бырагыраамаларыгар үөрэххэ ылыыга тус ситиһии иһин иһэ үллүбүтэ, уопсайа, 10 баал эбиллиэн сөп диэн ХИФУ-га быһаардылар.
— ГТО кыһыл, үрүҥ, боруонса ураты бэлиэлэрин иһин туһааннааҕынан 4, 3 уонна 2 баалллар эбиллэллэр;
— оскуоланы туйгун сыананан бүтэрии иһин – 7 баал;
— орто анал уонна алын анал үөрэхтэри туйгун сыананан бүтэрии иһин хас сыл үөрэммиттэриттэн тутулуктанан 2-7 баал эбиллэр;
— волонтердар хамсааһыннарыгар кыттыы иһин 1-4 баал;
— Бүтүн Арассыыйатааҕы үөрэнээччилэр олимпиадаларыгар, Арассыыйа Үөрэҕин министиэристибэтин олимпиадаларын испииһэгэр киирбит үөрэнээччилэр олимпиадаларыгар миэстэлэһии иһин – 10 баал, түмүктүүр түһүмэххэ кыттыы иһин – 4 баал.
Итини таһынан, факультеттар уонна институттар үөрэххэ киириигэ ханнык тус ситиһиилэри учуоттуулларын ыйбыттара. Испииһэги саайтка киирэн көрүөххэ сөп.
Манна даҕатан эттэххэ, биир кэрэхсэбиллээҕэ диэн, быйыл төрөөбүт тыллар (саха тыла) олимпиадаларыгар миэстэлэспиттэргэ эмиэ баал эбиллэр буолла. Урукку сылларга маннык суоҕа.
ҮӨРЭХХЭ КИИРИИНИ БЫҺААРЫЫ
Аны үөрэххэ киириини быһаарыы былырыыҥҥы курдук барыаҕа. Ол эбэтэр икки түһүмэҕинэн. Инники күөҥҥэ үөрэххэ ылыы (кубуотанан көрүллэр миэстэлэргэ туттарсааччыларга) барыаҕа, бу 2022 сыл от ыйын 30 күнүгэр биллиэҕэ. Сүрүн түһүмэххэ бүддьүөт миэстэтигэр туттарсааччыларга 2022 сыл атырдьах ыйын 9 күнүгэр быһаарыллыаҕа.
Быйыл, 2022-2023 үөрэх дьылыгар 2018, 2019, 2020, 2021, 2022 сыллааҕы биир кэлим эксээмэни (ЕГЭ) туттарбыттар киириэхтэрин сөп.
Людмила ПОПОВА, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru
Хаартыска: biit39.ru