Үөрэххэ туттарсааччыларга “быһа сибээс” үлэлиир

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

Быйыл Саха сиринээҕи орто анал үөрэх тэрилтэлэригэр абитуриеннартан докумуону бэс ыйын 20 күнүттэн тутан саҕалыахтара. Урукку сыллартан уратыта диэн, электроннай ньыманан ылаллар.

edersaas.ru

СӨ Үөрэҕин уонна наукатын министиэристибэтигэр иһитиннэрбиттэринэн, 2020-2021 үөрэх дьылыгар орто анал үөрэххэ, уопсайа, 6422 бүддьүөт миэстэтэ көрүллүбүт, итинтэн 3288 миэстэ – орто уопсай үөрэхтээһин базатыгар.

Үөрэххэ туттарсар оҕолор ыйытыылара үгүс буолар. Маны учуоттаан, үөрэххэ тутуу кэмигэр төлөпүөнүнэн «быһа сибээс» үлэлиир: 8(4112)50-60-44. Төрөппүттэр, устудьуоннар ыйыллыбыт нүөмэринэн ыйытыыларгытын биэриэххитин эбэтэр СӨ Үөрэҕин уонна наукатын министиэристибэтин сайтыттан https://minobrnauki.sakha.gov.ru/ билсиэххитин сөп.

“Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0