Үөрэххэ туттарсыыга туох уларыйда?

Ааптар: 
02.05.2020
Бөлөххө киир:

Быйыл оскуоланы бүтэрээччилэри, үөрэххэ туттарсааччылары хаһааҥҥытааҕар даҕаны уустук усулуобуйа күүтэр. Күн бүгүн биир кэлим эксээмэн араспысаанньата бигэргэнэ илик. Аны үөрэххэ докумуону тутууга эмиэ уларыйыылар киирдилэр. Туох уларыйыылар баалларый? Бүгүн ол туһунан кэпсэтиэхпит.

edersaas.ru

 

“Ньымата эрэ уларыйда”

Ханнык баҕарар үрдүк үөрэх кыһатыгар кэлэр үөрэх дьылыгар туттарсааччылар докумуоннарын тутуу быраабылата номнуо алтынньыга олохтонор. Ол эрээри, быйыл балаһыанньа хайдаҕын бары билэбит – “байыаннай”. Коронавируһунан сибээстээн, улахан уларыйыы экэниэмикэ кэнниттэн үөрэх эйгэтигэр таҕыста. Ону кытта тутар хамыыһыйаҕа эмиэ уларыйыылар киирэллэр. М.К.Аммосов аатынан Хотугулуу-Илиҥҥи федеральнай университет тутар хамыыһыйатын начаалынньыга Елизавета Ильина: “Туох баар ирдэниллэр иһитиннэрии барыта 2019 сыл алтынньытыгар бигэргэммитэ. Онно үөрэх бырагыраамалара, университет бэйэтэ ыытар тургутар эксээмэннэрэ (вступительные испытания), алын баал, уо.д.а. барыта быһаарыллар. Көннөрү үлэ ньымата (формат) эрэ уларыйда уонна тутар болдьохпут уһаан биэрдэ”, — диэн иһитиннэрбитэ.

Докумуону тутуу болдьоҕо

ХИФУ-га быйыл докумуону бэс ыйын 20 күнүттэн тутан саҕалыыллар. Өскөтүн, урукку сылларга докумуону хаһыс чыыһылаларга туталлара чопчу биллэр эбит буоллаҕына, быйыл хаһан тутан бүтэллэрэ чопчулана илик. Тоҕо диэтэххэ, докумуону тутуу биир кэлим эксээмэнтэн (ЕГЭ) быһаччы тутулуктаах. Оттон эксээмэн араспысаанньата бигэргэммэккэ турар, эпидемиологическай балаһыанньа хайдаҕыттан тутулуктаах. Онон докумуону бэс ыйын 20 күнүттэн тутан саҕалыыллара эрэ биллэр.

РФ Наукаҕа уонна үрдүк үөрэххэ министиэристибэтин бирикээһигэр олоҕуран, бүтэһик биир кэлим эксээмэн түмүгэ биллибитэ 23 күн кэнниттэн доку­муону тутан бүтэбит диэн университет проректора Михаил Федоров Якутия 24 ханаалга интервью биэрэригэр эппитэ.

Докумуону —  интэриниэтинэн эрэ

Аны урукку сыллартан уратыта диэн, быйыл абитуриеннартан докумуоннарын интэриниэтинэн (электроннайынан) эрэ ылаллар. Дьокуускайга кэлэн миэстэтигэр туттарыы көҥүллэммэт, буостанан даҕаны ылбаттар. Интэриниэтинэн эрэ (!).

Маныаха урукку сылларга абитуриеннар “личнэй кэбиниэттэрэ” диэни үлэлэтэн көрбүппүт. “Личнэй кэбиниэккэ” киирэн, сканируйдаммыт докумуоннарын ситимнииллэр (прикреплять), онтон сайабылыанньаны таһааран толороллор уонна сканируйдаммыт барыйааннарын биһиэхэ ыыталлар. Докумуон дьиҥнээҕин (оригинал) кэлин туттараллар”, — диэн тутар хамыыһыйа начаалынньыга бэлиэтиир.

Эксээмэни – ыраахтан олорон

Аны биир уратыта диэн, университет бэйэтэ ыытар эксээмэннэрэ эмиэ ыраахтан олорон ыытыллар дэһэллэр. Маннык эксээмэннэри кимнээх туттаралларый? Бастатан туран, орто анал үөрэх кэнниттэн (дипломунан) туттарсааччылар. Кинилэр биир кэлим эксээмэн баалын түмүгүнэн эбэтэр үрдүк үөрэх кыһата бэйэтэ ыытар эксээмэннэрин ааһаллар. Бу хайа эрэ өттүнэн биир кэлим эксээ­мэҥҥэ майгынныыр.

Урукку даҕаны сылларга тас дойдуга олорооччулартан скайпынан эксээмэни тутар этибит. Быйыл нуучча тылын, математиканы, атын даҕаны биридимиэттэри ыраахтан олорон диэн ньыманан тутуохпут. Нуучча тылын эксээмэнин тыһыынчаттан тахса, математиканы 700-800 киһи туттарааччы. Маны хайдах туттарарга консультациялары биэриэхпит”, — диэн проректор быһаарбыта.

Университекка сыллата 1 500 кэриҥэ киһи орто анал үөрэх кэнниттэн туттарсар. Бу араас кэллиэһи, тиэхиньикуму бүтэрбит дьон.

Иккиһинэн, айар, физкултуура, о.д.а. идэлэргэ эбии айар дьоҕуру, эт-хаан кыаҕын, уйулҕа өттүнэн бэлэми көрдөрөр эбии тургутар эксээмэннэр ирдэнэллэр. Тургутуулары ыраахтан олорон (дистанционно) ыытыахтара.

Бу эксээмэннэр бары интэриниэт нөҥүө онлайн ыытыллаллара биллэр. Эксээмэни тутааччы абитуриены быһаччы көрөн олоруохтаах. Онон сотору кэминэн быһаарыллара сабаҕаланар. Университет саайтын кэтиир, онно бэлэмнэнэр наада.

Ханнык идэлэргэ куонкурус үрдүгүй?

Аны ханнык идэлэргэ куонкурус үрдүгүн көрүөххэ. Киһи барыта экэнэмиис, киһи барыта юрист, эбиитин төлөбүрдээх, ол эрээри сыллата экэниэмикэҕэ, ­юриспруденцияҕа үрдүк куонкурустаах. Проректор Михаил Федоров иһитиннэрбитинэн, бу идэлэргэ үксүгэр олус үрдүк бааллаахтар туттарсаллар эбит. Былырыын математика, информатика институтугар чопчу ИТ хайысхаларга куонкурус үрдүк этэ диэн этэллэр. Кэлин тиэхиньиичэскэй идэлэри дьон сэҥээрэн, бу хайысхаларга туттарсааччы эбиллэн иһэр дэһэллэр. Итиэннэ ХИФУ-га атын үөрэх кыһаларынааҕар педагогикаҕа, мэдиссиинэҕэ куонкурус өрүү үрдүк диэн ыйаллар.

Сыыппаралар

ХИФУ үрдүк үөрэх иннинээҕи уонна профориентацияҕа факультетын декана Светлана Федорова араадьыйаҕа быһа сибээскэ тахсан кэпсииригэр, бэрт интэриэһинэй сыыппараларга тохтообута. Ол курдук, дойду үрдүнэн үлэлии турар 701 университекка 4 мөлүйүөнтэн тахса устудьуон үөрэнэр эбит. Ити университеттартан инники күөҥҥэ сылдьааччы (ведущие) 41 үрдүк үөрэх кыһата баара биллэр диир. ХИФУ манна 10 иһигэр киирсэр эбит (!). Биһиги университеппыт норуоттар икки ардыларынааҕы уонна Арассыыйа эриэйтиннэригэр көрдөрүүтүн сыллата тупсаран иһэр диэн декан бэлиэтиир.

Аны аан дойдуга 50 тыһыынча үлэ (род деятельности), 9 тыһыынча идэ баар эбит. Аныгы кэмҥэ быраастар, инженердэр, АйТи исписэлиистэр, химиктэр, биологтар, нанотехнологтар, о.д.а. ирдэнэллэр эбит. Оттон университекка 472 үөрэх бырагыраамата баар. Онон олохтоох университекка талар кыах баар.

Саҥа идэлэр

Идэлэр олоҕу кытта тэҥҥэ хаамсан иһэллэр. Ол курдук, ханнык баҕарар үөрэх кыһатыгар сыллата биир-икки даҕаны буоллар, саҥа идэлэр аһыллаллар. Быйыл ХИФУ автодорожнай факультетыгар, физикатиэхиньиичэскэй институкка итиэннэ Мииринэйдээҕи политиэхи­ньиичэскэй институкка (филиал) саҥа идэлэр аһыллыахтара. Саҥа аһыллар идэлэргэ бүддьүөт миэстэлэрэ көрүллэллэр. Онон, толкуйданан баран туттарсыаххытын сөп.

 

Эбии баалы хайдах ылабыт?

Оҕо тус ситиһиитин иһин биир кэлим эксээмэнин баалыгар эбии баал эбиллэр. Судургутук өйдөөтөххө, төһөнөн ааттаах-суоллаах да, соччонон элбэх баал. Бастатан туран, оскуоланы “кыһыл көмүс” мэтээлинэн, орто анал үөрэҕи туйгун сыананан түмүктээбиттэргэ 5 баал, “үрүҥ көмүс” мэтээлгэ 3 баал эбиллэр. Иккиһинэн, олимпиадаҕа кыттыы. Холобур, Арассыыйатааҕы Сэбиэт испииһэгэр хабыллар, Хотугулуу-Илиҥҥи үөрэнээччилэр (СВОШ) уонна “Туймаада” норуоттар икки ардыларынааҕы олимпиада кыайыы­лаахтара 10-нуу баалга тиийэ сурунар кыахтаахтар. ХИФУ бэйэтэ ыытар Арктикатааҕы олимпиадатын, Арассыыйатааҕы үрдүк үөрэхтэр биирдиилээн биридимиэттэргэ олимпиадаларын кыайыылаахтарыгар 7 баал ааҕыллар. Ити курдук, уонунан олимпиада баалын аахсаллар. Кыайыылаахтарга туспа, миэстэлэспиттэргэ туспа. Үсүһүнэн, СӨ Наукаларын Аччыгый академиятын дьиҥнээх чилиэннэригэр 5 баал эбиллэр, чилиэн-кэрэспэдьиэннэргэ – 3 баал. Онон оҕо кыра сааһыттан чинчийиинэн дьарыктанара ордук. Төрдүһүнэн, былырыыҥҥыттан СӨ Ил Дарханын стипендиаттарын диплома эмиэ аахсыллар буолла. Холобур, ХИФУ саайтыгар ыйылларынан, эһиил туттарсааччы стипендиаттарга 7 баал эбиллэр диэн ыйыллыбыт. Бэсиһинэн, норуоттар икки ардыларынааҕы, Бүтүн Арассыыйатааҕы, өрөспүүбүлүкэтээҕи научнай-практическай кэмпириэнсийэлэргэ миэстэлэспит оҕолор эмиэ баал суруналлар. Алтыһынан, ГТО туттарыы. Холобур, былырыын ГТО “кыһыл көмүс” значога 3 баалга, “үрүҥ көмүс” значога 2 баалга тэҥнэспитэ. Ити чопчу М.К.Аммосов аатынан Хотугулуу-Илиҥҥи федеральнай университет ааҕар баалларын холобурдаатым. Сэҥээрэр дьон эрдэттэн билсиэхтэрин сөп.

Тугу учуоттуур ирдэнэрий?

Бастакытынан, чугаһаабытын кэннэ ууга-уокка түспэт, уһун уочаракка олорбот гына, үөрэххэ туттарсааччылар докумуоннарын барытын эрдэттэн электроннай барыйааҥҥа көһөрөллөрө ордук.

Иккиһинэн, тыа сиригэр ыал барыта докумуону интэриниэтинэн ыытар кыаҕа суоҕа биллэр. Онон быйыл хайа эрэ өттүттэн оскуолалар, нэһилиэк дьаһалталара көмөлөстөхтөрүнэ эрэ ыччаттарын үөрэхтэн матарбат туруктаахтар.

Үсүһүнэн, итинтэн сиэттэрэн, абитуриеннар ХИФУ саайтын кэмиттэн-кэмигэр киирэн көрөллөрө, туох уларыйыы тахсыбытын билэ-көрө олороллоро ирдэнэр.

Людмила ПОПОВА, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0