Оскуоланы бүтэрээччилэр, абитуриеннар ордук сэҥээрэр биэс ыйытыыларыгар хоруйдары түмэбит.
Ыйытыы: Быйыл үрдүк уонна орто үөрэххэ докумуоннары хаһыс чыыһылаттан туталларый?
Хоруй: РФ Наукаҕа уонна үрдүк үөрэххэ министиэристибэтэ итиэннэ СӨ Үөрэҕин уонна наукатын министиэристибэтэ иһитиннэрбиттэринэн, үөрэххэ туттарсыы докумуоннарын бэс ыйын 20 күнүттэн тутан саҕалыыллар. Ол эрээри, орто үөрэхтэргэ түмүгү үрдүк үөрэх кэнниттэн биирдэ таһаараллар.
Ыйытыы: Хас үөрэххэ докумуону биэриэххэ сөбүй?
Хоруй: Урукку сылларга курдук быйыл эмиэ абитуриеннар биэс үрдүк үөрэххэ, хас биирдиитигэр үстүү исписээлинэскэ биэриэхтэрин сөп. Абитуриент барыта 15 идэҕэ сайабылыанньатын биэрбэтэ биллэр. Ол эрээри, итинник быраап быйыл эмиэ бэриллэр.
Ыйытыы: Орто анал үөрэх кэнниттэн үрдүк үөрэххэ туттарсааччылар биир кэлим эксээмэни (ЕГЭ) туттараллар дуо?
Хоруй: Орто анал үөрэҕи бүтэрбиттэр үрдүк үөрэххэ биир кэлим эксээмэн (ЕГЭ) түмүгүнэн эбэтэр орто анал үөрэх (СПО) дипломунан туттарсыахтарын сөп. Дипломунан туттарсааччылар үрдүк үөрэх (ВУЗ) бэйэтин эксээмэнин туттараллар.
Ыйытыы: ГТО хас баалы эбэрий?
Хоруй: М.К.Аммосов аатынан Хотугулуу-Илиҥҥи федеральнай университет саайтыгар сурулларынан, тустаах үөрэх кыһатыгар туттарсааччыларга ГТО “кыһыл көмүс” значогун иһин 3 баал, “үрүҥ көмүс” значогун иһин 2 баал эбиллэр.
Ыйытыы: Иккис орто анал үөрэххэ киирэр буоллахпына төлөбүрдээх дуо?
Хоруй: СӨ Үөрэҕин уонна наукатын министиэристибэтигэр иһитиннэрбиттэринэн, “РФ Үөрэх туһунан” 273 №-дээх федеральнай сокуонун 5-с ыстатыйатын 3-с чааһыгар олоҕуран, өскөтүн гражданин үөрэх тустаах таһымын (данный уровень) аан бастакытын ылар буоллаҕына, орто анал үөрэххэ босхо үөрэнэрин РФ мэктиэлиир. Ол эбэтэр, судургутук быһаардахха, бу иннинэ орто анал үөрэҕи бүтэрбит түгэнигэр, иккис орто анал үөрэххэ үөрэниитэ төлөбүрдээх.
Людмила ПОПОВА, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru