Бу нүөмэртэн “Юрист сүбэтэ” рубриканы сөргүтэбит. Быраап, саҥа сокуоннар, нолуок, нэһилиэстибэ, о.д.а. эйгэтин хабан, ыйга иккитэ таһаарар буолуохпут. Бу сырыыга нолуоктан көҕүрэтии саамай тарҕаммыт көрүҥнэрин туһунан юрист сиһилии быһаарар.
Александра Владимировна Копцева – Босхо юридическай көмө сулууспатын дириэктэрэ, чааһынай юрист.
2007 сыллаахха Нам гимназиятын кыһыл көмүс мэтээллээх бүтэрбитэ. 2012 сыллаахха Ураллааҕы юридическэй академияны, Судаарыстыбаннай уонна норуоттар икки ардыларынааҕы быраап институтун бүтэрбитэ.
Дьокуускай куорат дьаһалтатыгар, онтон Элбэх өҥөнү оҥорор кииҥҥэ (МФЦ) юрисконсультанынан үлэлээбитэ. Дьиэ-уот, сир боппуруостарыгар идэтийэр. Ону тэҥэ, дьиэ кэргэн, нолуок, үлэ боппуруостарынан дьарыктанар, туһанааччылар бырааптарын көмүскүүр.
Кимнээх туһаналларый?
Нолуоктан көҕүрэтии (налоговый вычет) диэн тугуй? Бүддьүөккэ подоходнай нолуогу (НДФЛ) төлүүр киһи бу көҕүрэтиинэн туһанар бырааптаах. Үлэһит хамнаһыттан ый аайы 13 %-н подоходнай нолуокка ыытар. Өскөтүн хамнаһын кистиир, нолуогун төлөөбөт буоллаҕына, көҕүрэтии оҥоһуллубат. Нолуоктан көҕүрэтии суумата төһө нолуок төлөнүллүбүтүттэн тутулуктаах. Урбаанньыттар, үлэлээбэт биэнсийэлээхтэр, үлэтэ суохтар, устудьуоннар подоходнай нолуогу төлөөбөт буолан, бу быраабынан туһанар кыахтара суох.
Нолуоктан көҕүрэтии биэс көрүҥэ баар:
- Стандартнай (РФ Нолуок кодексатын 218 ыстатыйата) – элбэх көрүҥнээх, саамай тарҕаммыта – оҕо ахсаанынан көҕүрэтэн, харчыны төнүннэрии.
- Социальнай (РФ Нолуок кодексатын 219 ыстатыйата) – үөрэххэ, эмтэниигэ, аһымал аахсыйаҕа бараабыт харчыгыттан төнүннэриэххэ сөп.
- Баай-дуол (РФ Нолуок кодексатын 220 ыстатыйата) – дьиэҕин атыылаатаххына, ипотека бырыһыаныттан, о.д.а.
- Инвестиционнай (РФ Нолуок кодексатын 219.1 ыстатыйата).
- Профессиональнай (РФ Нолуок кодексатын 221 ыстатыйата).
Үөрэххэ ороскуоттан төнүннэрии
Бэйэҥ үөрэнэргэр, эбэтэр оҕоҥ, балтыҥ, быраатыҥ үөрэҕин төлүүр буоллаххына, төлөөбүт суумаҥ 13%-нын төнүннэрэллэр. Ол эрээри 15 600 солкуобайтан, оҕоҕор төлөөбүккүттэн 6500 солкуобайтан элбэҕи төнүннэрбэттэр (РФ Нолуок кодексын 219 ыстатыйатын 1 пуунун 2-с хос пууна).
Ханнык тэрилтэҕэ үөрэммитиҥ аахсылларый?
— Үрдүк, орто үөрэх кыһаларыгар, колледжтарга, ПТУ-ларга;
— Төлөбүрдээх оҕо тэрилтэлэригэр, оскуолаларга;
— Авто-оскуолаларга;
— Лингвистическэй оскуолаларга;
— Квалификацияны үрдэтэр үөрэхтэргэ, о.д.а.
Ол эбэтэр ханнык баҕарар судаарыстыбаннай, чааһынай тэрилтэлэр буолуохтарын сөп, ол эрээри хайаан да лицензия ирдэнэр.
Күнүскү да, кэтэхтэн да үөрэх буолуон сөп. Өскөтүн оҕоҥ, балтыҥ, быраатыҥ үөрэҕин төлүүр буоллаххына – хайаан да күнүскү үөрэх буолуохтаах. Омук сиригэр үөрэниигэ нолуоктан көҕүрэтиини туһаныахха сөп.
Кэнники үс сыл иһинэн төлөөбүт суумаҕыттан көҕүрэтэллэр. Ол эбэтэр, билигин 2018, 2017, 2016 сылларга төлөөбүт суумаҕыттан ылаҕын. 2015 сылга төлөөбүккүн туттарбатах буоллаххына, нолуоктан көҕүрэтии “умайар”.
Нолуоктан көҕүрэтиини ыларга маннык докумуоннар наадалар:
- Сайабылыанньа.
- 3-НДФЛ декларация (бухгалтерия биэрэр, эбэтэр бэйэҥ толороҕун);
- 2-НДФЛ ыспыраапка үөрэммит сылгар (бухгалтерия биэрэр);
- Үөрэх тэрилтэтин лицензиятын куоппуйата (үөрэх отделыттан эбэтэр кинилэр саайтарыттан ылыахха сөп);
- Үөрэтэр өҥөнү оҥоруу дуогабарын куоппуйата;
- Үөрэх иһин төлөөбүт квитанцияҥ куоппуйата;
- Оҕоҥ (аймаҕыҥ) буоларын мэктиэлиир докумуон;
- Каарта, счет реквизиттэрэ (баантан ылаҕын).
Бу маннык бэйэҥ баран дьаһаныаххын, эбэтэр үлэни биэрээччигэр сайабылыанньа суруйуоххун сөп (нолуок иниспиэксийэтиттэн көҕүрэтиини ылар быраап туһунан иһитиннэриини илдьэн баран).
Ангелина Васильева, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru