ҮРЭХХЭ ОҺУОХАЙ ИСТИБИТИМ…

Ааптар:  Захар НИКИТИН
14.08.2024
Бөлөххө киир:
Хаартыска: PxHere

Биир сайын эһээбэр Чурапчыга сайылаабытым.

Үһүс кылааһы бүтэрдэҕим сыл быһыылааҕа, эһээбит биһиэхэ сайылыкка күүлэйдии кэллэ. Сарсыарда уһуннук да уһуннук суунар. Мин кини суунарын көрөөрү олох эрдэ турабын. Тоҕо диэтэххэ, суунарыгар быратыас тииһин устар, ол миэхэ наһаа интэриэһинэй уонна сонун. Уһуллаҕын ахсын бэйэм тииспин эмиэ тардыалаан көрөбүн. Кып-кыһыл таҥалайдаах муус- маҥан тиистэри күн уотугар күлүмүрдэтэ, көөчүктэтэ баҕана үрдүгэр ууран кэбиһэрэ. Мин уубар аҥаарыйа да сырыттарбын, өйүм-санаам ол тиистэргэ буолара, ону аҥар харахпынан одуулаһан тахсарым. «Оо, дьэ, биирдэ эмэ эһэм көрбөтүгэр ылан ити тиистэри кэтэн көрбүт киһии,» — диэн куруук ымсыыра саныырым.

Аны киэһэ ахсын эһээни кытары ким оттоһо барарый диэн улахан мунньахтар буолан бардылар. Улахаттар бары сатаммат курдуктар, арай, мин эрэ бардахпына табыллыах курдук. Миэхэ да сири-дойдуну көрүөххэ баҕа баһаам, барарбыттан олус үөрэбин. Сотору-сотору ыраах барар киһи аатыран дьиэ үлэтиттэн босхолонон, оонньуурум элбээтэ. Өссө Чурапчыга бардахпына, эһээм тииһин кэтэн көрүөм диэн биир бүччүм санаалаахпын.

Оттуу барар күммүт тигинээн кэллэ. Эһээбинээн суолга турдахпытына биир «Камаз» тохтоон, айаннаатыбыт. Мин ырыам-тойугум элбэх… Айаннаан иһэн, суол тула фашистар бөҕөтө, олору «тоҕута» ытыалаан, граната быраҕаттаан, сороҕор бэйэм саһан, араанньы да буолан ылан, суолу билбэккэ Одьулууҥҥа тиийдибит. Убайдаах саҥаспар түстүбүт, манна хонобут. Сарсын убайым Үрэх Күөрэҕэ илдьиэхтээх.

Мин ханна-ханна кэлбиппин дьэ, эмискэ өйдүү биэрдим. Тэлгэһэбиттэн биир да күн тэйбэтэх киһи, бүгүн бу атын дойдуга, туора сиргэ хонорбун санаан, тыыным-быарым хаайтарда, тууйулуннум. Ынахтарбын, аппын, сайылыкпын аҕынным, ис-испиттэн ытыахпын баҕардым. Ийэбин үтүктэн «төбөм ыарыйда» диэн баран сытынан кэбистим. «Арай, эһээбэр этиим, мин дьиэбин аҕынным билигин төттөрү барыах диэн. Оо, дьэ үлтү мөҕөр буоллаҕа, уонна бачча киэһэ тугунан төннүөхпүтүй?… Арай маннык ыарыйдым диэтэхпинэ ыытыахтара дуо?»…

Миэхэ раскладушка бэлэмнээн утуйар сирбин оҥордулар, кыраадыстаан көрдүлэр, уу, эмп иһэрдэн баран сыт диэн буолла. Оо дьэ, сайылыгым оҕолоро оонньоон ахан эрдэхтэрэ, убайдарым сөтүө бөҕө буоллахтара, арай мин эрэ манна собус- соҕотоҕун сыттаҕым… Ыстааппын алдьаталлара буолуо… диэн эҥин араас санаалар үүйэ-хаайа тутаннар, ыллым да түүн ортото марылаччы ытаатым. Уу-чуумпу дьиэ иһигэр биирдэ аймалҕан буола түстэ. Бары  «туох буоллун да туох буоллун?» диэн тула сүүрэкэлэстилэр. Саллаат аатыраары сайылыкпын аҕынным диэбэтим, төбөм ыалдьар диэтим. Эһээм көтөҕө сырытта. Сүүспэр таҥас илитэн уурдулар. Эһээм аттыбар олорон эрэ түөспүн имэрийэ-имэрийэ киҥинэйэн ыллаата. Ытаан, мин көхсүм кэҥээн, мип-минньигэстик утуйан хааллым. Сарсыарда эһээм: «Хайа, нохоо, дьиэҕэр төннөҕүн дуо?» — диэн ыйытта. Оо, мин убайдарым кыыс курдук мааматын ахтан кэлбит, саллаат буолбатах эбит диэхтэрэ диэммин олус кыбыһынным, уонна оттон доҕотторум үс күнү быһа атаарбыттарын санаан олус сааттым. «Суох, дьиэбэр барбаппын», — диэн баран эһээбин кууһан ыллым. Эһээм кыыһырбыта ааһан, муус-маҥан тиистэрэ кэчигирэһэн мичээрдээтэ, сыллаан ылла, «маладьыас, саллаат» диэн буолла. Ол олорон бэйэм илиибинэн эһээм тиистэрин туура тардан ылыахпын баҕардым… Оо дьэ, хаһан эрэ кэтэн көрөбүн ити тиистэри… диэн адьас ыксаатым.

Үрэх Күөрэҕэ кэлэн баран соҕотох оҕо буолан эбээлээх, эһээм маанылааһын бөҕөтө. Эһээм талаҕынан ынах, оҕус оҥорон биэрдэ. Онон мин хара сарсыардаттан сайылыктаах буола оонньуубун. Эһээм сарсыарда аайы: «Сахааччык-Һукууччук»,- диэн ыллыы-ыллыы сыллаан, хоруллубатах бытыгынан дьээбэлээн туруорар. «Чэ, мөкү киһи тур, күн ыраатта»,- диэн буолар. Эһээм «мөкү» диэн тылы олус муодаргыы, атыҥырыы ылынар этэ… Биирдэ: » Ииҥҥэ киирэн дагда үүтүнэ таһаар эрэ», — диэбитэ, ону олох өйдөөбөтөҕүм. Чурапчы биһигиттэн оннук ыраах да буолбатар, өйдөөбөт тылларбыт аҕыйаҕа суох эбит этэ: солуур, күүлэ, алльаххай, дьиикэй, муода, муокас… ( кэлин биирдэ, улаатан баран эдьиийбэр кэлбиппэр, эдьиийим ыйытар: «Туох массыынан кэллиҥ?», ону мин: «Каретанан», — диибин. Онуоха эдьиийим: «Аата, биринсиэссэҕэ дылы буолан, каретанан», — дии-дии дэлби күлбүтэ… Кинилэр санитарканы «микрик» дииллэр, биһиги » карета»… Чэ, туораан, халыйан хаалаары гынным…

Дьэ, ол курдук сарсыарда ахсын ииҥҥэ киирэн дагда үүтэ таһаарабын, эбээм бэйэтэ оҥорор сып-сылаас килиэбин сиибин, эһээбин батыһа сылдьан араадьыйа курдук кэпсиибин. Ырыам-хоһоонум, сценкам баһаам, эһээлээх, эбээбэр быыс кэнниттэн тахса-тахса кэнсиэр бөҕөтүн көрдөрөбүн. Сайылыгым дьонун барыларын кэриэтэ үтүктэн көрдөрөр этим быһыылааҕа, дьонум «быара суох» олороллор, ол ахсын мин өрө бара-бара бүтэн быстыбатым. Эбээлээх эһээм барахсаттар дэлби күлэн, харахтарын уутун сотто-сотто ытыс таһына олороллоро билигин да харахпар көстөн кэлэр…

Дьоллоох оҕо сааһым умнуллубат күлүм түгэннэрэ  — ол сайыҥҥы кэрэ киэһэлэр… Сөп буола-буола ыалбыт Өлөөнө эмэхсин киирэн ону-маны кэпсээн сэргэхситэр. Мин күлүмэни тутан, кэннин быһа баттаан «мүөтүн» сиирбин бары муодаргыыллар. Эһээм: «Ити күлүмэн сааҕа», — диир. Мин: «Мүөтэ», — диэн мөккүһэбин, кэлбит ыалдьыттары күндүлүүбүн. Эһээм тэлгэһэтин иһэ барыта быраабыла, хаамар, хаампат сирдээххин. Ордук «сад» диир сиригэр муннуҥ төбөтүн да угуо суохтааххын. Арай биирдэ садпыт иһэ кып-кыһыл сибэккилэринэн толору буолбут, ким эрэ кэлэн көбүөр тэлгээбитин курдук. Маннык элбэх сардаананы көрбөтөх буолан чугастан тутуохпун, сыттыахпын наһаа баҕардым. Үөмэн киирэн иһэн тутуллан, мөҕүллэн, ыраахтан эрэ кэрэхсии, сөҕө көрөр буолбутум. Күнү кытта кытара кыыһан аһыллаллар, күн киирдэ да утуйаллар. Олус да кэрэ көстүү, хатыҥ чараҥҥа күөх от быыһыгар кытара үүммүт кыыс нарын сардааналар.

Биир сарсыарда хотуур тыаһыттан уһукта биэрдим. Туран көрбүтүм, эһээм саадын иһин охсо сылдьар эбит. Дэлби айманным: » Эһээ, сардааналары охсума, эһээ, баһаалыста тохтоо», — дии-дии хаһыытыы-хаһыытыы көрдөстүм… «Чугаһаама, атаххын хотуурга оҕустарыаҥ», — дии-дии охсорун тохтоппото… Киэһэ тахсан сардааналарбын охсуллубут от быыһыттан булан, кэпсэтэ-кэпсэтэ улахан миискэҕэ уу кутан сорохторун гербарийдаан кыратык да буоллар, үйэлэрин уһаппытым…

Аны эһээбинэн иккиэн оттуу аттанныбыт. Барыта илиинэн. Дьэ, кырдьык саллаат олоҕо диэн манна буолла!  Бириэмэнэн турабыт, олоробут. Киэһэ ахсын утуйуох иннинэ доргуччу кинигэ аахтарар, сөп буолла да утуйабыт. Санаабар куруук интэриэһинэйигэр кэлэн баран: «Утуйдубут», — диир. Ол ахсын мин утуйар уум көтөн, кинигэ дьоруойа хайдах, ханна тиийбитэ буолуой диэн күнү быһа ол санаатыгар сылдьабын. Күнүс күн оройугар, 12 чааска эбиэттиибит. Эһээбинээн от мунньа сылдьан этэр: «Баран чаһыны көрөн кэл эрэ,»— диэн. Биирдэ оннук эппитигэр, мин «буут быстарынан» отуубут диэки сүүрдүм. Эһэм чаһыта балаакка өйөбүл талаҕар ыйанан турар. «Уон икки буолбут буол» дии-дии көрдөһө, ааттаһа сүүрдүм. Арай, балааккабар чугаһаабытым талахтар кэннилэригэр оһуохай доргуйан олорор. Дьэ, ону истэн кутталбыттан уҥуоҕум халыр-босхо барда. Маннык оһуохай биһиэхэ, Эбэҕэ, киһи куһаҕан буолаары гыннаҕына иһиллэр үһү диэни оҕо эрдэхпиттэн истэбин. Хайдах да буолуохпун билбэтим. Эһээбэр төттөрү сүүрүөхпүн, эһээм хомуньуус, абааһы, НЛО диэни отой итэҕэйбэт. Хайа уонна мөҕөн кэһэтэр буоллаҕа…

Оһуохай саҥата чуп-чуолкай. Кулгаахпын саба-саба саҥаттан истэ сатыыбын да, бүтэр былааннара суох. Дьэ, иэдээн буолар буолбут!  «Ээ чэ, аны кэлэн, синэ биир» диэн баран харахпын быһа симээт, балааккабар ыстанным. Арай киирбитим, эһээм араадьыйатын араарбакка барбыппыт, ол араадьыйаҕа оһуохай бөҕө… Һуу,  үөрүүбүттэн араадьыйаны сыллаан ыллым, баҕам хоту 12 чаас буолбут! Эһээбин ыҥыран, чэйбитин сылыттан эйэ-дэмнээхтик аһаатахпыт буолуо. Нэдиэлэҕэ биирдэ киирэн бөһүөлэктэн өйүө, ыһык аҕалабын.

Ити курдук уһуллар тиискэ ымсыыран оттоһо баран турабын. Ол тухары ол тииһи тутан да, эгэ, кэтэн да көрбөтөҕүм…Күһүөрү сайылыкпар хороччу улаатан, дьиҥнээх саллаат аатыран эргиллибитим…Кэлин эһээм барахсан: «Оо, бу кыра оҕону таах сибиэ ыллым, тулуйан сылдьыа суох диэн айаннаан иһэн кэмсиммитим. Киэһэ ытаабыккар отой буорайбытым, хайдах төттөрү ыытарбын санаан тахсыбытым. Хата киһим кэлин олох доҕор буолан абыраабытыҥ. Биирдэ да кыҥкыйдаабатаҕыҥ, сарсыардаттан, киэһээҥҥи диэри тохтоло суох кэпсиириҥ, барбыккын кэннэ олус ахтар, суохтуур этибит…», — диэн кэпсиирэ.  Эһээм, эһээм барахсан…оҕо сааһым доҕоро…

+1
26
+1
0
+1
6
+1
1
+1
1
+1
0
+1
1