Аҕыйах хонуктааҕыта үөрэххэ туттарсыыга бэйэм уопуппуттан итиэннэ үгүстүк туоһулаһар ыйытыыларынан төрөппүттэргэ аналлаах сүбэ тахсыбыта. Бу сырыыга үөрэнээччилэргэ туһаайабын.
“Саха сирэ” хаөыат, edersaas.ru
Эксээмэҥҥэ эрдэттэн бэлэмнэн
Биир кэлим эксээмэҥҥэ үрдүкү кылаастарга таҕыстахпына бэлэмнэниэм диэн толкуйдуур сыыһа. Эксээмэн сорудахтара хантан даҕаны халлаантан ылыллыбаттар. Барыта оскуолаҕа үөрэппит тиэмэлэртэн аттарыллар. Онон, өскөтүн оҕо үрдүк үөрэххэ киириэн баҕарар буоллаҕына орто сүһүөхтэн саҕалаан чиҥ билии туһугар үөрэнэрэ булгуччулаах. Эксээмэммин хайдах эбит, алҕас туттаран кэбиһиэм диэн эрэнэр сыыһа. Оскуолаҕа көтүтүүлээх оҕо кыайан туттарбатыгар эбэтэр баала намыһах буоларыгар тиийэр.
Биридимиэккин сөпкө тал
Эксээмэҥҥэ биридимиэти талыыга икки суолга болҕомтону уурар эрэйиллэр:
Бастакытынан, үрдүк үөрэххэ икки-үс эксээмэн түмүгүн баалынан киирэллэр. Оскуоланы бүтэрээччиттэн ханнык биридимиэттэри туттарарын туһунан сайабылыанньаны ылыы тохсунньунан түмүктэнээччи. Бу да сырыыга оннук буолуо диэн сэрэйиэххэ сөп. Онтон хойутаатыҥ да, биридимиэти уларытар кыаллыбат. Маныаха сорох оҕолор биридимиэттэрин сыыһа талан кэбиһэн, баҕарбыт үөрэхтэригэр кыайан киирбэккэ хаалаллар. Тус бэйэм кэтээн көрүүбүнэн, үксүгэр математикаҕа бутуллаллар. Математика судургутутуллубут (базовай) уонна уустугурдуллубут (профильнай) диэҥҥэ арахсыбыта хас даҕаны сыл буолла. Урукку сылларга судургутутуллубуту уонна уустугурдуллубуту иккиэннэрин туттараллара көҥүллэнэр эбит буоллаҕына, быйылгыттан биирин эрэ талан туттарар кыах бэриллэр. Ол иһин туттарсар үөрэххэ ханнык эксээмэннэри талар наадатын эрдэттэн билэр ордук. Сорох оскуоланы да бүтэрээччи оҕолор, төрөппүттэр даҕаны сыыһа өйдөөн дуу, эбэтэр иһитиннэрии ситэ тиийбэтиттэн дуу, холобура, математикалаах үрдүк үөрэххэ туттарсар эрээри, математика уустугурдуллубут (профильнай) көрүҥүн буолбакка, судургутутуллубут (базовай) математиканы талан кэбиһэллэр эбит. Онон математика ирдэнэр диэтэхтэринэ, хайаан даҕаны уустугурдуллубут (профильнай) диэн өйдөнүллүөхтээх. Маныаха туһааннаах үөрэххэ ханнык эксээмэн ирдэнэрин булгуччу эрдэттэн билсэр инниттэн, үрдүк үөрэхтэр кыһаларын саайтарын үчүгэйдик сыныйан көрөр ордук.
Иккиһинэн, оскуоланы бүтэрээччи (математикаттан уонна нуучча тылыттан ураты) хас да биридимиэти таллаҕына, хас даҕаны хайысхаҕа туттарсар кыаҕа үрдүүр. Маныаха эмиэ оҕо туттарсыан баҕарар идэлэринэн туһааннаах үрдүк үөрэхтэр саайтарын, ханнык эксээмэннэр ирдэнэллэрин эрдэттэн билсэр наада.
Эрэпэтиитэр дуу, учуутал консультацията дуу?
Эксээмэнтэн учууталлар үлэлэрин түмүгэ эмиэ көстөр. Онон эксээмэннээх кылаастарга быыһа суох консультациялары биэрэллэр. Оҕо үөрэх дьылын устата көтүппэккэ сырыттаҕына, элбэҕи туһаныан сөп. Ол эрээри, үгүс учууталлар, оҕолор, төрөппүттэр бэлиэтииллэрин курдук, 11-с кылааска тахсан эрэ баран ылсар туһата кыра. Онон 9-с кылаастан дьарыктанан саҕалыыр наада. Аны биһиги дьоммут 9-с кылааска эксээмэннээх буолан син кыһаллан баран, 10-с кылааска тиийэн букатын ыһыктынан кэбиһэллэр. Инньэ гынан, хаарыаннаах үөрэх дьылын халтай атаараллар.
Уопсайынан, кыаллар түгэнигэр эрэпэтиитэрдэнэр ордук. Холобура, куорат олохтоохторо төһө баҕарар талар кыахтаахтар. Эрэпэтиитэр кыаллыбат түгэнигэр, бөлөхтөрүнэн бэлэмнэниигэ суруйтарыахха сөп. Кэлин, аҕыйахтыы оҕолоох бөлөхтөр аһылыннылар. Холобур, “Квентин” (quentin_ykt) федеральнай бэлэмниир киин ЕГЭ-ҕэ, ОГЭ-ҕэ куурустары ыытар. Бу киин атыттартан уратыта диэн, биир кэлим эксээмэни үрдүк баалга туттарбыт устудьуоннар, университеты ситиһиилээхтик бүтэрбит эдэр дьон үөрэтэллэр. Ол эбэтэр, эксээмэни бэйэлэринэн туттаран хайдах бэлэмнэнэр уонна бэлэмниир ирдэнэрин билбит, ымпыгар-чымпыгар быһаарсар дьон. Ыччат ыччакка бэйэтин тылын тиэрдиитэ, быһаарыыта тиийимтиэ диэн этэллэр.
Бэйэҥ бэлэмнэн
Харчыга бэлэмнэнэр кыаллыбат түгэнигэр, оҕо бэйэтэ дьарыктанар эрэ кыахтаах. Маныаха тугу учуоттуур ирдэнэрий?
Бастатан туран, аныгы үйэҕэ кинигэ маҕаһыыннарыгар хастыы даҕаны барыйааннардаах сорудахтар хомуурунньуктара дэлэй. Учууталлар, исписэлиистэр ФИПИ (Федеральный институт педагогических измерений) сорудахтарынан дьарыктаныҥ диэн сүбэлииллэр.
Иккиһинэн, интэриниэтинэн араас саайтарга киирэн дьарыктаныахха, онлайн-лиэксийэлэри истиэххэ сөп. Кэлин оскуолалар СтатГрад сайты хото туһаналлар, ону таһынан, “Решу ОГЭ”, “Решу ЕГЭ” диэннэр бааллар. Маныаха, хас даҕаны сыллааҕы сорудахтары буолбакка, ааспыт сыл эксээмэннэрин сорудахтарын көрүҥ диэн сүбэлииллэр.
“Саппаас аэродром”
Кэлин оҕолор, төрөппүттэр биир кэлим эксээмэнинэн эрэ олорор курдук көстүү үөскээтэ. Төрүөтэ биллэр – оҕо үрдүк үөрэххэ киирэрэ-киирбэтэ биир кэлим эксээмэнтэн тутулуктаах. Аны, үөрэххэ туттарсыыга “саппаас аэродрому” хайаан даҕаны толкуйданыллыахтаах. Сорохторго маннык “аэродромунан” үрдүк үөрэх араас хайысхата, атыттарга орто үөрэх буолар.
Сороҕор, аҥаардастыы эксээмэҥҥэ эрэ охтон, болҕомтолорун барытын эксээмэннээх эрэ биридимиэттэригэр уураллар, атыттар иккис былааҥҥа хаалыахтарыгар диэри. Өскөтүн оҕо үрдүккэ кыайан киирбэт түгэнигэр, орто үөрэххэ туттарсар. Маныаха дьэ, аттестат баалын көрөллөр. Оттон аттестаакка кэлиҥҥи сылларга үөрэммит сыаната барыта аахсыллар. Онон 9-с кылаастан саҕалаан, оҕо үөрэххэ сыһыана тосту уларыйыахтаах, үөрэх миэхэ бэйэбэр наада диэн өйдүөхтээх. Үчүгэй сыана туһугар туруулаһыахтаах.
Холобур быһыытынан эттэхпинэ, сорох оҕолор чопчу орто үөрэххэ киирэр соругу туруорунан аттестат сыанатын туһугар үлэлииллэр. Чопчу мэдэссиинэ кэллиэһигэр туттарсабыт диэччилэр биир кэлим эксээмэҥҥэ булгуччулаах биридимиэттэртэн ураты атын биридимиэттэри талбаттар. Ол оннугар, аттестаакка үлэлииллэр, бары биридимиэттэрин барытын тупсара сатыыллар. Кэлин итинник көстүү балачча элбээтэ. Оннооҕор, оскуоланы “кыһыл көмүс” мэтээлинэн бүтэрээччилэр бэйэлэрин баҕаларынан тиэхиньукуму, кэллиэһи талаллар. Ол эрэ кэнниттэн үрдэтинэллэр.
Мэтээлгэ суоттанааччылар, болҕойуҥ
Аны “кыһыл”, “үрүҥ көмүс” мэтээллэргэ суоттанааччылар тугу учуоттуохтарын наадатын ылан көрүөҕүҥ. Аҕыйах сыллаахха диэри оҕо үөрэҕэр үчүгэй буоллаҕына, мэтээли сиэбигэр уктубут саҕа сананыан сөп этэ. Былырыыҥҥыттан ирдэбил күүһүрдэ. Холобур, “кыһыл көмүс” мэтээлгэ суоттанааччылар математика (профильнай) уонна нуучча тылын эксээмэнигэр 70-тан намыһах баалы ылыа суохтаахтар эбэтэр судургутутуллубут (базовай) математиканы туттарар түгэннэригэр “биэс” сыанаҕа туттарыахтаахтар. Итинтэн намыһах түгэнигэр, илиилэрин соттон хаалаллар.
Ол эбэтэр, туйгун сыаналаах аттестаакка уонна “За особые успехи в учении” мэтээлгэ суоттанааччылар икки ирдэбили толоруохтаахтар. Бастакытынан, кэлиҥҥи икки сыллааҕы сыана бары биридимиэттэргэ биэс буолуохтаах. Иккиһинэн, биир кэлим эксээмэҥҥэ 70-тан аҕыйаҕа суох баалы ылыы.
Людмила ПОПОВА, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru
Хаартыска интэриниэттэн.