Инбэлииттэр өрөспүүбүлүкэтээҕи ассоциацияларын уопсастыбаннай тэрилтэтэ 2018 с ылбыт гражданскай уопсастыбаны сайыннарыыга РФ Президенин гранын чэрчитинэн, устудьуоннары уонна үөрэххэ киириэн баҕалаах үөрэнээччилэри бэлэмниир.
Кинилэргэ Брайл систиэмэтин үөрэтиигэ, көмпүүтэргэ адаптивнай технологиялары туһанан үлэлииргэ босхо сүбэлэри-амалары биэриэхтэрэ.
Олорор сиргэ наадыйар устудьуоннарга уопсай биэрэргэ көмө оҥоһуллуоҕа. Үөрэх кэмигэр техническэй тэриллэри: Брайлевскай строкалары, саҥарар төлөпүөннэри, улаатыннаран көрдөрөр сыыппаралаах видеолары, лиэксийэлэри устар элбэх функциялаах плейердэри, GPS навигатордары уо.д.а. босхо уларсыахтара.
Үөрэниэн баҕалаахтар Дьокуускай к. Кулаковскай аатынан уулуссатын 42 дьиэтигэр, ХИФУ кылаабынай куорпуһугар 334 кабинекка пааспаргытын, сочуот киниискэтин, МСЭ ыспыраапкатын илдьэ кэлэҕит. Билсэр төлөпүөҥҥүт — 49-66-64 .
Надежда ЕГОРОВА, Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru