Үөрэх уонна наука министиэристибэтэ WorldSkills сүүмэрдэммит хамаандатын чиэстээтэ
Соторутааҕыта Краснодар куоракка Эдэр профессионаллар (WorldSkills Russia) V национальнай чөмпүйэнээт финала буолан ааста. Саха сирин сүүмэрдэммит хамаандата, уопсайа, биэс (2 кыһыл, 2 үрүҥ көмүс, 1 боруонса) мэтээллээх кэлбитэ. Инньэ гынан, хамаанданан түмүккэ 10-с көрдөрүүлээх.
Людмила ПОПОВА, edersaas.ru
СӨ үөрэҕин уонна наукатын министиэристибэтигэр өрөспүүбүлүкэ сүүмэрдэммит хамаандатын призердарын кытта көрсүһүү буолла. Бу туһунан, тустаах министиэристибэ саайта суруйар.
Миниистири бастакы солбуйааччы Феодосия Габышева WorldSkills Russia хамсааһыҥҥа инникигэ хардыы баарын бэлиэтиир. “Кэлиҥҥи сылларга биһиги өрөспүүбүлүкэбит финал аҥаарынааҕы күрэхтэһиилэргэ эрэ буолбакка, финалга эмиэ үчүгэй түмүгү көрдөрөрө хайҕабыллаах. Үөрэнээччилэрбит, JuniоrSkills кыттыылаахтара эһигиттэн элбэххэ уһуйуллаллара үөрдэр”, — диэн эттэ.
“2015 сыллаахха, биһиги хамаанданан түмүккэ 19 миэстэҕэ сылдьар эбит буоллахпытына, былырыын – 12-с, быйыл номнуо ТОП-10 ахсааныгар киирдибит. Ити ырыынак ирдэбилигэр эппиэттиир идэлэргэ каадырдары бэлэмнээһин биһиги өрөспүүбүлүкэбитигэр үрдүк таһымҥа барарын туоһулуур. Итиэннэ эспиэрдэрбит, преподавателлэрбит, кыттааччыларбыт көмөлөрүнэн көрдөрүүбүтүн тупсаран иһиэхтээхпит. Бу биһиги уопсай кыайыыбыт”, — диэн миниистири солбуйааччы Андрей Попов санаатын үллэстэр.
Бэлиэтээн эттэххэ, быйылгы күрэхтэһии орто профессиональнай үөрэхтэр устудьуоннарын ортолоругар WorldSkills стандардынан национальнай профессиональнай маастарыстыбаҕа аан дойдуга саамай киэҥ далааһыннаах буолла.
Саха сирин аатын Дьокуускайдааҕы потребительскай кооперация торговай-экономическай кэллиэһин 2 кууруһун устудьуона Дайаана Дьяконова (“Ресторан сервиһэ” компетенцияҕа 1 миэстэ), ХИФУ техническэй айымньыга киинин үлэһитэ Андрей Тихонов (“Реверсивнэй инжиниринг” компетенцияҕа 1 миэстэ), Мирнэйдээҕи региональнай техническэй кэллиэс устудьуона Владислав Внуков (“Сыбаарка технологията” компетенцияҕа 2 миэстэ), Дьокуускайдааҕы промышленнай техникум устудьуона Егор Федоров (“Ювелир дьыалата” компетенцияҕа 2 миэстэ), Дьокуускайдааҕы промышленнай техникум устудьуона Алина Григорьева (“Ювелирнай олордууну чочуйуу” компетенцияҕа 3 миэстэ) үрдүктүк көмүскээтилэр.
Людмила ПОПОВА, edersaas.ru
Матырыйаал, хаартыска СӨ Үөрэҕин уонна наукатын министиэристибэтин сайтыттан туһанылынна.