Үөрэх өҥөтүн хаачыстыбатын тутулуга суох сыаналааһын тула кэпсэттилэр

Ааптар: 
18.08.2017
Бөлөххө киир:

Аҕыйах сылтан бэттэх үөрэх эйгэтигэр киһи үөйбэтэх-ахтыбатах бырайыактара, бырагыраамалара кииртэлээн эрэллэр. Олортон биирдэстэринэн үөрэх өҥөтүн хаачыстыбатыгар тутулуга суох сыана туруоруу буолар. Ити — үөрэх хаачыстыбата үрдүүрүн итиэннэ аан дойду таһымыгар тэҥҥэ киирсэр үөрэхтээх, киэҥ билиилээх дьону иитэн, үөрэтэн таһаарар туһугар оҥоһуллар.

edersaas.ru

Биллэн турар, ити курдук кэтээн көрүү, сыана быһыы наада. Ол эрээри, билиҥҥитэ олоххо толору киирэ илик буолан, харгыстардаах. СӨ үөрэҕин үлэһиттэрин атырдьах ыйынааҕы мунньаҕа итинтэн саҕаланна. Олоххо хайдах киирэн эрэрин туһунан кэпсэттилэр, санааларын атастастылар. Хамыыһыйаҕа педагогическай үлэһиттэр, уопсастыбанньыктар, төрөппүттэр, устудьуоннар, оскуоланы бүтэрээри сылдьар оҕолор, о.д.а. киирбиттэр. Кэтээн көрүүгэ педагог үтүө сыһыаныттан саҕалаан, үөрэтии хаачыстыбатыгар тиийэ барыта сыаналанар. Сорох улуустарга манан олохтоох үөрэх управлениелара бэйэлэрэ дьарыктаналлар эбит. Оччотугар туораттан көрүү буолбакка, бэйэлэрин тэрилтэлэригэр бэйэлэрэ сыана туруорар курдук буолар. Оттон атыттарга Уопсастыбаннай сэбиэттэр дьарыктаналлар эбит.
СӨ Үөрэҕин уонна наукатын миниистирэ Владимир Егоровтан бу туһунан санаатын үллэстэригэр көрдөспүппэр: “Үөрэх өҥөтүн хаачыстыбатыгар тутулуга суох сыана туруорууга “төгүрүк остуол” буолан ааста. Ирдэбил төһө да барыларыгар биирин иһин, хас биирдии улууска тус-туспа хамыыһыйа тэриллэн, бэйэлэрин санааларынан салайтарыахтарын сөп (субъективный подход). Ол иһин ырытыы биир улуус оскуолатын атын улуус оскуолатыгар тэҥниир кыаллыбатын көрдөрдө. Холобура, чахчы бастыҥ оскуола уопсай эриэйтиҥҥэ соччото суох түмүгү көрдөрөр. Тутулуга суох сыана быһыы механизмын билиҥҥитэ толору ырытыһа иликпит. Онон оскуолалары бэйэ-бэйэлэрин кытта тэҥниир, чопчу быһаарыы ылар эрдэ. Бу “төгүрүк остуол” ити олоххо киириитигэр үөскээбит кыһалҕалары быһаарсар, соруктары туруорар, хаачыстыбаны тупсарар сыаллаах тэрилиннэ. Биллэн турар, итинэн үөрэх управлениелара буолбакка, уопсастыбаннас дьарыктаныахтаах. Биһиги ону ситиһиэхтээхпит”, — диэн иһитиннэрдэ.
Ити курдук, тустаах мунньах бэрт туһалаахтык ааста. Улуустар чинчийиини хайдах ыыппыттарын кэпсээтилэр, атыттар тута санааларын эттилэр. Онон икки өттүттэн туһалаах кэпсэтии таҕыста.

Людмила ПОПОВА, “Саха сирэ” хаһыат.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0