Бу күннэргэ Саха сирин үөрэҕин үлэһиттэрин тохсунньутааҕы мунньаҕа буолан түмүктэннэ. Тэрээһиҥҥэ өрөспүүбүлүкэ бары улууһуттан кытыннылар. Маҥнайгы күн СӨ Үөрэҕин уонна наукатын министиэристибэтин отчуота турда итиэннэ улуустааҕы үөрэх управлениетын начаалынньыктарын кытта суолталаах боппуруостары тула кэпсэтии буолла.
edersaas.ru
Отчуоту миниистир Владимир Егоров оҥордо, маныаха кини салааларынан сүрүн түһүмэхтэргэ тохтоото. Ааспыт сыллааҕы туруоруллубут соруктары, ол туолуутун, туох ситиһиллибитин, кыаллыбатаҕын, инники былааннары слайдынан кэпсээтэ. Хастыы даҕаны сүүһүнэн килэмиэтири айаннаан кэлбит улуустар бэрэстэбиитэллэрэ этинэллэригэр бириэмэ аттарарга сөптөөх көрүҥ. Ол эрээри, сорох салааҕа болҕомто ууруллубакка, арыыланан хаалла диэн этээччилэр эмиэ бааллар. Маныаха миниистир сиһилии кумааҕыга бэчээттэммит отчуоттан билсиэххитин сөп диэн хоруйдаата.
Отчуоттан
Биллэн турар, отчуоту барытын эридьиэстиир кыаллыбат. Онон сүрүн түһүмэхтэри сырдатабыт. Ааспыт сылга өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн 9 оскуола тутуллубут, биир оскуола дьиэтэ атыылаһыллыбыт, 23 уһуйаан үлэҕэ киирбит. Уһук Илин уокуругар, бука, тутуунан Саха сиригэр тэҥнээх суоҕа чахчы. Ол эрээри, үөрэнээччи ахсаана сыллата эбиллэ турарынан, ордук Дьокуускай куоракка, биир симиэнэҕэ көһүү боппуруоһа син биир турар. Тустаах кыһалҕаны 2025-2026 сылга диэри быһаарар соруктаахтарын миниистир эттэ.
Уус Алдан, Мииринэй, Үөһээ Бүлүү, Эдьигээн улуустарыгар оҕо технопааркалара аһыллан үлэлии тураллар. Манна 1000-тан тахса оҕо дьарыктанар.
Сокуону кэһиини сэрэтии үлэтэ барар, буруйу оҥоруу аҕыйаабыт гынан баран, 2018 сылга оҕо бэйэтигэр тиийиниитин ахсаана эбиллибит. Маныаха министиэристибэ да өттүттэн, миэстэтигэр даҕаны үлэни күүһүрдэр наадатын ыйда.
Орто анал үөрэҕи сайыннарыыга Уһук Илин сайдыытын министиэристибэтин нөҥүө ааспыт сылга 345 мөлүйүөн солкуобай федеральнай субсидияны ылары ситиспиттэр. Бу 6 тэрилтэ материальнай-тиэхиньиичэскэй базатын хаҥатыыга барбыт. Олох ирдэбилинэн, сыыйа саҥа идэлэр киирэллэр, ол курдук, 2018-2019 үөрэх дьылыгар 10 саҥа идэ аһыллыбыт. Итини таһынан, миниистир эбии үөрэхтээһин, үрдүк үөрэх, наука, каадыр бэлиитикэтин, ситиһиилэр, о.д.а. туһунан иһитиннэрдэ.
Инклюзивнай үөрэхтээһин
Отчуот кэнниттэн тута ыйытыыларга, этиилэргэ киирдилэр. СӨ Оҕо быраабыгар боломуочунайа Анна Соловьева инклюзивнай үөрэхтээһиҥҥэ өрөспүүбүлүкэҕэ үчүгэй коррекционнай оскуолалар баалларын, ол гынан баран, маныаха уопсай үөрэхтээһин оскуолаларын учууталларын бэлэмнээһин ситэтэ суох барарын ыйда. Ол түмүгэр, инбэлиит оҕолор бырааптарын кэһии тахсарын эттэ. Миниистир Владимир Егоров: “Бу дьоһуннаах боппуруос буолар. Үгүс үлэ барар. Тоҕоостоох эйгэни тэрийиигэ да, федеральнай хааһынаттан даҕаны үп-харчы көрүллүүтүгэр үлэлээбиппит, каадыры бэлэмнээһин эмиэ ыытыллар. 35-с нүөмэрдээх оскуолаҕа ресурснай кылаас тэриллиэҕэ. Эмиэ ити курдук, билигин хас биирдии оскуолаҕа инклюзивнай үөрэхтээһиҥҥэ үлэ барыан баҕарабыт. Инклюзивнай үөрэхтээһин сэбиэтин тэрийиигэ быһаарыы ылыныллыбыта”, — диэн сиһилии хоруйдаата.
Тустаах боппуруоһу Нерюнгри үөрэҕин управлениетын начаалынньыга Ольга Вицина эмиэ көтөхтө. Ол курдук, өрөспүүбүлүкэҕэ элбэх оскуола, уһуйаан тутулларын, маныаха Тутуу министиэристибэтигэр баар бырайыактары туһаналларын, бу доруобуйаларыгар хааччахтаах оҕолору иитэргэ, үөрэтэргэ барсыбатын бэлиэтээтэ.
Болҕомтону – хоту улуустарга
“Арктика оҕолоро” бырагыраама үбүлээһинэ сарбыллыбытынан сибээстээн, талааннаах оҕолор, учууталлар айаннарын төлөбүрүн ороскуотун уйунар уустугун этэллэр. Ону тэҥэ, интэриниэт кыамтата мөлтөҕүн ыйаллар. Отчуокка этиллибитинэн, ааспыт сылга хаһааҥҥытааҕар даҕаны элбэх, 93 оптуобус көрүллүбүт. Ол гынан баран, итинтэн “УАЗ” массыыната ахсааннааҕын, Арктикаҕа, хотугу улуустарга “Газелинэн” сылдьар төттөрүтүн кутталлааҕын бэлиэтииллэр. Аны оҕону таһыы төһө да Арассыыйа ирдэбилигэр олоҕурдар, Саха сиригэр сөп түбэспэтин ыйаллар. Итиэннэ оҕону аһатыы боппуруоһа улахан суолталааҕын, эбии үп көрүллүөн, СӨ бырабыыталыстыбатын, Ил Түмэн таһымыгар быһаарыллара наадатын туруорсаллар.
Түмүк
Быйылгы мунньах тэрээһинэ урукку сыллардааҕар арыый атыннык аттарыллыбыт. Баҕар, туспа оробуочай мунньахха күттүөннээх хоруйу ылаайаллар дуу, диэн эрэх-турах санаалаахпын. Быйыл хоту улуустар санааларын хаһааҥҥытааҕар да хото этиннилэр. Арассыыйа хайа баҕарар муннугар олорор оҕолорго барыларыгар тэҥ усулуобуйа олохтонуохтаах диэн этиллэр. Ол эрээри, барыта үпкэ-харчыга кэлэн иҥнэрэ кыһыылаах. Арктика министиэристибэтэ тэриллэрэ чахчы уолдьаспыт эбит диэн, аҥаардас хотугу улуустар үөрэх эйгэтигэр туруорсууларыттан да сылыктыахха сөп.
Туруорсар боппуруоспут үгүс
Александр Третьяков, Орто Халыма улууһун үөрэҕин управлениетын салайааччыта:
— Аска-үөлгэ өрөспүүбүлүкэттэн толуйуу төлөбүрэ көрүллэр. Ити хоту улуустарга күҥҥэ 35 солкуобай 5 харчы. Киин улуустардааҕар хотугу улуустарга сыана үс төгүл үрдүк. Муниципальнай бүддьүөт дуу, төрөппүт дуу ити суумаҕа эбиэхтээх диэн этиллэр эрээри, Орто Халыма дотационнай, бырамыысыланнас суох улууһа буолан, оҕону аһатыыга уустуктар бааллар. Хаачыстыбалаах аһынан хааччыйбат туруктаахпыт. Биллэн турар, тиийиммэт элбэх оҕолоох ыалга 90 солкуобай көрүллэр. Оттон аҥаардас тиийиммэт ыалга 35 солкуобай 5 харчы эрэ. Онон биһиги Арктика улуустарыгар, саатар, 60 солкуобайга диэри эбэри туруорсабыт.
Иккиһинэн, кэлиҥҥи сылларга оскуолалар эргэрдилэр, ирдэбилгэ эппиэттээбэттэр. Быйыл 11 оскуолалаах буоллахпытына, итинтэн түөрт-биэс оскуолабыт тымныы. Холобура, Березовка национальнай оскуолатыгар +5, атыттарга +10-ча кыраадыс. Ити оҕо доруобуйатыгар охсуулааҕа биллэр. Ол иһин манна Үөрэх уонна наука министиэристибэтиттэн көмө баар буолуохтаах дии саныыбыт. Ил Дархан Арктика министиэристибэтин тэрийбитэ көдьүүстээх буолаарай диэн көрөбүт. Өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтэ кырыымчыгын өйдүүбүт. Ол эрээри, ити оҕолорго дьайыа суохтаах.
Юрий Шишигин, Амма улууһун үөрэҕин управлениетын салайааччыта:
— Тохсунньутааҕы мунньах өрүү кэтэһэр тэрээһиммит буолар. Халыҥ састаабынан кэллибит. Бырагыраамата олус киэҥ. Хас биирдии ыҥырыллыбыт категорияҕа туһуламмыт тэрээһиннэр бааллар. Холобура, начаалынньыктарга туспа, учууталларга атын бырагыраама. Бииргэ алтыһар тэрээһиннэрбит да бааллар. Бу дириҥ ис хоһоонноох, 2032 сылга диэри үөрэх сайдар ситимин тосхоллорун кэпсэтиэхтээхпит. Онон улахан сыаллаах-соруктаах.
Биһиги улууспут, ханна да буоларын курдук, тутуу боппуруостарыгар, үөрэх хаачыстыбата үрдүүрүгэр эмиэ бэйэбит көрүүлэрдээхпит, ол түгэннэри эмиэ быһаарсыахтаахпыт, өрөспүүбүлүкэ дьүүлүгэр таһаарыахтаахпыт уонна быйыл Амма улууһугар үөрэхтээһин ситимэ тэриллибитэ 150 сыла биллэриллибитэ, ол тэрээһин иитинэн элбэх кэпсэтиилэрдээхпит, былааннардаахпыт.
Людмила ПОПОВА, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru
Андрей СОРОКИН (СИА) уонна ааптар хаартыскаҕа түһэриилэрэ.