Үөрэх кирэдьиитин бырыһыана түстэ

Ааптар: 
12.09.2020
Бөлөххө киир:

Тас дойдуларга киэҥник туһаныллар үөрэх кирэдьиитэ Арассыыйаҕа эмиэ киирэн эрэр. Былырыыҥҥа диэри тохтоон турбут бырагыраама хаттаан сөргүтүллүбүтэ, эбиитин быйылгыттан бырыһыана лаппа түһэн, табылынна.

edersaas.ru

Ол курдук, быйыл дойду бэрэсидьиэнэ эрэгийиэн үрдүк үөрэҕин кыһаларыгар бүддьүөт миэстэтин элбэтэргэ, ону таһынан, үөрэх кирэдьиитин бырыһыанын түһэрэргэ сорудахтаабыта. Ол түмүгэр атырдьах ыйын бүтүүтэ чопчуланна. Мантан инньэ үөрэххэ киирээччилэр 3 %-наах кирэдьиитинэн туһаныахтарын сөп буолла. Бу иннинэ тустаах кирэдьиит 14 бырыһыан этэ.

Кирэдьиит сыллааҕыта 3 %-ҥа тэҥнэһэр. Ону таһынан, үстэн тоҕус ыйга диэри чэпчэтиилээх бириэмэ көрүллэр. Бу үөрэҕин бүтэрээччи үлэ көрдөөн оннун буларыгар бэриллэр. Үөрэх кирэдьиитин болдьоҕо 15 сылга диэри”, — диэн дойду бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлэ Михаил Мишустин иһитиннэрбитэ. Ону таһынан, бырабыыталыстыба уурааҕа тахсыан иннинэ үөрэх кирэдьиитин туһаммыттар, 3 %-ха көһүөхтэрин сөп. Маныаха бааҥҥа тиийэн сайабылыанньа суруйаллара ирдэнэр.

Людмила ПОПОВА, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0